Таатта улууһун дьаһалтатын актовай саалыгар улуус үөрэҕин үлэһиттэрэ 2022-2023 үөрэх дьылын түмүктүүр Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) уонна Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн (ГИА) туттарыы түмүгүн дьүүллэһии, 2023-2024 үөрэх дьылын былааннааһын мунньаҕа тохсунньу 19 күнүгэр буолан ааста.
Мунньахха улуус баһылыгын солбуйааччы Святослав Сунхалыров, үөрэх салаатын исписэлиистэрэ кыттыыны ыллылар. Ол курдук Святослав Сунхалыров, былырыыҥҥы үөрэх дьыла ситиһиилээхтик түмүктэммитин, 2024 сылга улууска үөрэх салаатыгар Муниципальнай целевой бырагыраама (МЦП) сүнньүнэн 3,5 мөл. солкуобай көрүллүбүтүн эттэ.
Тааттатааҕы үөрэх салаатын салайааччытын солбуйааччы Зинаида Петровна Охлопкова судаарыстыбаннай эксээмэннэр соруктарыгар: эксээмэннэр чиэһинэйдик, аһаҕастык, эппиэтинэстээхтик ыытыллалларын хааччыйыы; бэдэрээлинэй эксээмэн туттарыы бэрээдэгин уонна кини уратыларын тутуһан ыытылларын ситиһии; Арассыыйа сокуонунан ыйыллыбыт сөптөөх уонна күөмчүлээһинэ суох усулуобуйаны тэрийиигэ тохтоото.
2022-2023 үөрэх дьылыгар улууска биир кэлим эксээмэни туттарыыга 8 пуун Чөркөөх орто оскуолатыгар, 2 пуун Ытык Күөлгэ, 1 пуун доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго — Уолба орто оскуолатыгар, Хара Алдан, Уус Таатта, Баайаҕа оскуолаларыгар 1 пуун, Харбалаах орто оскуолатыгар үс оскуола үөрэнээччилэригэр — 1 пуун аһыллан үлэлээбит. Барыта улуус үрдунэн 9-с кылаастарга – 249 оҕо, 11 кылаастарга 192 оскуоланы бүтэрээччилэр эксээмэн туттарбыттар. Эксээмэни тэрийиигэ барыта 396 учуутал уонна исписэлиистэр үлэлээбиттэр.
Ааспыт үөрэх дьылынааҕы 9-с кылаастарга сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни (ГИА) тэрийиигэ уонна түмүгүн билиһиннэрдэ үөрэх салаатын сүрүн исписэлииһэ Варвара Ивановна Колодезникова: Улууспутугар түмүктүүр экзаменнары ситиһиилээхтик ыытар сыалтан араас хайысхалаах үлэлэр ыытыллыбыттара. Сүрүн уларыйыы быһыытынан 9 кылаастарга 2022 сылтан «Технология ОГЭ 2.0», 2023 сылга Информатика предметыгар «Компьютерный ОГЭ» саҥа уларыйыылар киирбиттэрэ. Бу саҥа уларыйыыларга олоҕуран технологическай хаччыйыыга сүрүн болҕомто ууруллубута. Үөрэх хаачыстыбатыгар болҕомто уурар сыалтан, организационнай-методическай үлэ былаан быһыытынан ыытыллыбыта. Барыта 249 үөрэнээччи туттарбыта: 228 үөрэнээччи ОГЭ форматынан, 1 үөрэнээччи ОГЭ ОВЗ, 20 үөрэнээччи ГВЭ форматынан туттарбыттара. Талан ылыы предметтэрин туттарыыга сүрүн болҕомто ууруллар, үөрэнээччи инники идэтигэр туһааннаах предметтэри сөптөөхтүк талан ылыытыгар усулуобуйа тэрийиэхтээхпит. Үөрэх хаачыстыбатын түмүгэ 2 сылы көрөр буоллахха, 2022 сылга 4 предмеккэ: нуучча тылыгар, английскай тылыгар, биологияҕа, географияҕа хаачыстыба көрдөрүүтэ үрдээһинэ көстөр. Ону таһынан 4 предмеккэ: математика, информатика, литература, обществознание предметтэригэр кыра бырыһыан үрдээһин көстөр. Былырыыҥҥы результаттан намыһах көрдөрүү физика, химия, история предметтэригэр таҕыста.
Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгүн билиһиннэрдэ үөрэх салаатын исписэлииһэ Саина Ивановна Сергеева: 2023 сылга 192 үөрэнээччи оскуоланы бүтэрбититтэн, 5 предмеккэ алын баалы ылбакка — 98,4% буолан, 3 оҕо оскуоланы бүтэрэр ситии хотуу аттестаатын ылбатылар. Үөрэнээччилэр талан ылар предметтэрин, ханнык идэҕэ баралларын ситэ билбэт буолан эксээмэнтэн аккаастаналлара элбэх буолла. Холобур физика предметигэр 20 оҕо, химия – 1, информатика – 3, биология – 7, история – 2, обществознание – 9 , литература – 5 оҕо сайабылыанньа суруйан баран эксээмэнтэн аккаастаннылар. Бу профориентация үлэтэ ситэтэ суоҕун көрдөрөр. Эксээмэн түмүгүн этэр буоллахха 6 предмеккэ математика (профильнай) – 0,2, физика – 0,9, химия – 0,3, биология – 0,4, география – 7, английскай – 6 баалынан үөрэх хаачыстыбата үрдээбит, 5 предмеккэ нуучча тылыгар – 2,6, информатика – 8,3, история – 0,5, обществознание – 1,77, литература – 0,8 баалынан намтааһын тахсыбыт. Үрдүк баалы нуучча тылыгар Ытык Күөл орто оскуолатыттан – 5, лиссиэй – 9, Уолба – 2, Хара Алдан – 1 , Уус Таатта – 1, Чычымах – 1, химия предметигэр Ытык Күөл орто оскуолата – 1, географияҕа Даайа Аммата – 1, историяҕа Игидэй – 1, саха тылыгар Туора Күөл оскуолаларыттан — 1 оҕо ыллылар. Улууска оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн 14 үөрэнээччи бүтэрдэ.
Быйылгы биир кэлим эксээмэҥҥэ сайабылыанньа олунньу 1 күнүгэр диэри тутуллар. Оскуоланы бүтэрээччилэр өйтөн суруйууну 165 үөрэнээччи ааста, интэн 6 оҕо изложения суруйда. 1 оҕо доруобуйатынан олунньу 7 күнүгэр туттарар.
Быйылгы уларыйыы оскуоланы кыһыл көмүс мэтээли ылааччыларга буолар. Кыһыл көмүс мэтээл икки көрүҥҥэ арахсар — 1 истиэпэннээх, ол эбэтэр туйгун үөрэнээччи уонна нуучча тылын эксээмэнин 70 баал, талан ылбыт предметэ 70 баалтан үрдүк буоллаҕына тиксэр. Иккиһэ туйгун үөрэнээччи нуучча тылын эксээмэнэ 70 баал, математика (базовай) эксээмэнэ «биэс» сыана буолуохтаах.
Үөрэх салаатын исписэлииһэ Туйаара Григорьевна Баишева 2023 сылга бүтэрбит үөрэнээччилэр үөрэххэ киириилэрин сырдатта. Ол курдук оскуоланы бүтэрбит 192 оҕоттон, 190 оҕо, ол эбэтэр 99% үрдүк уонна орто анал үөрэхтэргэ киирбиттэр. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр үрдүк үөрэххэ 48 оҕо, ол эбэтэр 25%, орто анал үөрэххэ – 130 оҕо, 67,5% тэҥнэһэр. Өрөспүүбүлүкэ таһыгар үрдүк үөрэххэ — 11 оҕо, 6%, орто анал үөрэххэ – 1 оҕо, 0,5%. Уопсайа үрдүк үөрэххэ — 59 оҕо, 31%, орто анал үөрэххэ 131 оҕо, 68% тэҥнэпсит. Соҕуруу куораттарга Благовещенск – 2, Новосибирск – 1, Москва – 2, Владивосток – 3, Хабаровск – 2, Санкт Петербург – 1 оҕо үрдүк үөрэххэ, Санкт Петербург куоракка – 1 оҕо орто анал үөрэххэ киирдилэр.
Бүддьүөт миэстэҕэ 158 оҕо, 82,3%, тус сыаллаах (целевой) миэстэҕэ 8 оҕо, 4,2%, төлөбүрдээх үөрэххэ 24 оҕо, 12,5% тигистилэр. Сүрүн үөрэххэ киирии хайысхалара: гуманитарнай – 14, техническэй – 65, мэдиссиинэ – 39, педагогика – 17, тыа хаһаайыстыбата – 14 оҕо талбыт.
2024 сылга эксээмэни ыытыыга пууннар чопчуланаллар. Эксээмэн ыытар пууннарга саҥа сканердар, видеонаблюдениелар, араас оборудованиелар кэлбиттэр. Эксээмэннэри туттарарга сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ, саҥа ирдэбиллэргэ уонна сыыһаны туоратыыга үлэ ыытыллар.
Елена Слепцова.