Улуустааҕы социальнай харалта салаатын начальнига Михаил Тарасов, бүгүҥҥү СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитин истэн баран, санаатын үллэһиннэ: Этии бары хайысханы хапта, чуолаан дьон дохуоттаах, бигэ туруктаах буоларыгар туһаайылынна. Маны тэҥэ социальнай контракт 500 тыһ. солк. буолан икки бүк улаатан дьоҥҥо туһата көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата икки төгүл эбиллэн 300 тыһ. солк. буолбутун, элбэх бэдэрээлинэй, өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамалар олоххо киирэннэр эрэгийиэн демографическай балаһыанньата тупса турарын бэлиэтээтэ.
Ааспыт нэдиэлэҕэ дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа үрдүнэн «Дьиэ кэргэн» сылын биллэрбитэ, онтон өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Сергеевич «Оҕо саас сылынан» биллэрдэ. Онон бу икки биллэриллибит Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сыллара барыта инники кэскилбит, социальнай, демографическай балаһыанньабыт тупсарын туһугар буолаллар.
Кэнники кэмҥэ социальнай эйгэҕэ күүстээх болҕомто уурулунна, ол курдук Таатта улууһугар кыра дохуоттаах ыалларга арааһынай бырагыраамма үлэлээн дохуоттарын үрдэттилэр. Биэс сыл иһигэр Саха сиригэр дьадайыы таһыма 19,6% — тан 15,6%-ҥа диэри намтаабытын, 34 тыһ. киһи олоҕо-дьаһаҕа тупсубутун бэлиэтээтэ.
«Айсен Николаев: СВО кыттыылаахтарыгар төрөөбүт дойдуларыгар кыайыы көтөллөөх эргиллиэхтэрин эрэнэ күүтэбит” диэтэ. Улууска СВО кыттыылаахтарын дьонноругар бары өттүнэн көмө киирэ турарын бэлиэтиибит.
Ил Дархан хас биирдии эппит этиилэрэ олоххо киирэллэригэр, сыаллара-соруктара туолалларыгар бары биир санаанан салайтаран үлэлээтэхпитинэ улууспут сайдыытыгар аартыктар арыллыахтара. Биир санаанан, биир киһи курдук улууспут инники кэскилин туһугар бары бииргэ түмсүүлээхтик үлэлиэххэ диэн ыҥырабын.
Елена Слепцова.