Бүгүн, бэс ыйын 3 күнүгэр улуус мунньахтыыр саалыгар Таатта улууһун үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлин киинин иһинэн үлэлиир Дьиэ кэргэн элбэх хайысхалаах киинин отделениета улуус дьиэ кэргэттэригэр уонна олохтоохторугар өҥөнү оҥорор сүрүн тэрилтэлэри уонна общественнай түмсүүлэри кытары бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэрсэр үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылынна.
Тэрээһиҥҥэ «Таатта улууһа» МО баһылыга Айаал Бурцев:
“Ханнык баҕарар дойдуга дьиэ кэргэн – судаарыстыба тирэҕэ. Быйылгы сылбыт дьиэ кэргэн сылынан биллэриллэн Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх болҕомто ууруллар буолла. Бу киин биир түннүккэ үлэлиэ дьиэ кэргэн бары чилиэннэрэ толору, үрдүк хаачыстыбалаах психологическай, социальнай, педагогическай өйөбүллэринэн туһаныахтара», диэтэ.
Улуус үлэҕэ уонна социальнай көмүскэл киинин салайааччыта Михаил Тарасов:
«Киин 5 хайысханы тутуһан үлэлиэ, ол иһигэр дьиэ кэргэттэргэ көмө, олох араас очурдарыгар оҕустарбыт, ыарахан туруктаах олохтоох, эдэр, ону сэргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэтэригэр көмө. Ханнык баҕарар оҕолоох ыал иитии боппуруостарыгар араас харгыстары, дьиэ кэргэҥҥэ өйдөспөт түгэн буолуутугар түбэспит, олоҕор араас уустуктары көрсүбүт буоллаҕына манна кэлэн үрдүк квалификациялаах специалистартан көмө ылыан сөп».
Элбэх өрүттээх, бары өттүнэн туһалаах киини кытары улуус тэрилтэлэрэ, общественнай түмсүүлэр иллээх, дьоллоох дьиэ кэргэн элбии турарыгар сүҥкэн көмө буолуохтара диэн эрэнэбит.
Елена Слепцова.