Таатта улууһугар суруйааччы, биир дойдулаахпыт Д.К. Сивцев — Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн норуот күүһүнэн Саха сиринээҕи культурнай уонна историческай пааматынньыктары харыстыыр уопсастыба салаатын салайааччыта И.А. Уваров уонна биирдиилээн энтузиаст дьон көмөтүнэн элбэх историческай суолталаах пааматынньыктар соргөхсүтүллүбүтүн олох чахчыта көрдөрөр.
Ол үтүө холобурунан Чөркөөхтөөҕү «Саха сиринээҕи политсыылка» музейыгар хараллан турар история уонна архитектура пааматынньыктара буолаллар. Манна түмүллүбүт XIX – XX үйэ саҕанааҕы пааматынньыктары бастаан утаа оройуон тэрилтэлэрэ шефтэһэн көрөллөрө-истэллэрэ. Кинилэр сүрүннээн хаартан-ардахтан, тыалтан-куустан харыстааһын үлэлин ыыталлара. 2006 сыллаахха Д.К. Сивцев — Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 100 сылын көрсө кини Ытык – Таҥаһа сайылыгар дьонун уонна С.А. Андреев – Куохайаан балаҕаннарын Чөркөөх олохтоохторо В.К. Ушницкай, В.Г. Вырдылин, үктээһин миэлиҥсэни А.П. Лопатин, мас ураһаны Е.Е. Жерготов салайааччылаах биригээдэлэр чөлүгэр түһэрэр үлэлэри ыыппыттара.
2013 сыллаахха П.А. Ойуунускай үбүлүөйүн көрсө Таатта улууһун баһылыга М.М. Соров суруйааччы төрөөбүт балаҕанын өрөмүөннээн, ардахтан-хаартан харыстыырга үрдүн сабан, бөҕөргөтөр үлэни тэрийбитэ. Кэлин Саха өрөспүүбүлүкэтинээҕи пааматынньыктары харыстыыр Департамент салайааччыта Н.А. Макаров, Чөркөөх музейын сэбиэдиссэйэ Н.Е. Попов тустаах сокуоҥҥа олоҕуран, пааматынньыктары харыстыырга сөптөөх үлэни былааннаахтык ыытаннар музейбыт эргэ дьиэлэрэ-уоттара иккис тыыннарын ылбыттара.
2019 сыллаахха СӨ Ил Дархана А.С. Николаев «Сохраним памятники» аахсыйаны биллэрэн, Чөркөөх музейыгар аан бастаан кэргэнэ Людмила Валерьевналыын бэйэлэрин үптэринэн-харчыларынан Чурапчы Сылаҥыттан көһөрүллэн киллэриллибит сэдэх миэлиҥсэ өрөмүөнүн ыыттарбыттара үтүө холобурунан буолбута. Таатта улууhун баhылыга М.М. Соров, Ем. Ярославскай аатынан «Саха музей» дириэктэрэ Н.Д. Бугаев, Чөркөөх музейын сэбиэдиссэйэ Н.Е. Попов аахсыйаны өйөөннөр музей хаарбах туруктаах эбийиэктэрин өрөмүөннэрэ ыытылларын ситиспиттэрэ.
Ол курдук «Тааттаавтодор» ААУо генеральнай дириэктэрэ И.И. Бочонин сыылынай Э.К. Пекарскай балаҕанын, сэттэ кырыылаах бабаарынаны (маастар Ю.С. Дедюкин), «Монтажник» ААУо бэрэссэдээтэлэ А.М. Ханин уонна А.А. Ханин сыылынай В.Г. Короленко уонна Захар Цыкунов дьиэлэрин, «Меридиан» ААУо дириэктэрэ А.Н. Большаков сыылынай В.Ф. Трощанскай балаҕанын, СӨ Ил Түмэн дьокутаата М.Д. Гуляев, А.Я. Ефимов Аал Луук маһы, СӨ пенсионнай управление салайааччыта А.А. Федорова аҕыс кырыылаах мас ураһаны, СӨ (Ил Түмэн) норуот дьокутаата В.Н. Лебедев П.А. Ойуунускай үөрэммит оскуолатын өрөмүөннэрин бэйэлэрин үптэринэн ыыппыттара.
Музейга хараллан турар федеральнай уонна региональнай суолталаах норуот культурнай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин үйэлэрэ уһууругар Саха өрөспүүбүлүкэтинээҕи культурнай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстааһын Департамент салайааччыта Н.А. Макаров былааннаах үлэни ыытан, улахан кылаатын киллэрбитэ. История уонна культура пааматынньыктарын харыстыыр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыба өрөспүүбүлүкэтээҕи салаата уонна волонтердары үлэлэтэр Киин кыттыылаах Саха сиринээҕи культура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстыыр Департамент, СӨ культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министерствота, Таатта улууһун дьаһалтата Саха сирин былыргы тутууларын харыстыырга анаан, «SUORUN OMOLLOON FEST» Бүтүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһыны 2020 сыллаахха балаҕан ыйыгар Саха сиринээҕи культурнай уонна историческай пааматынньыктары харыстыыр уопсастыба салаатын салайааччыта Р.В. Васильев, Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон төрөппүт уола Айсен Сивцев – Дойду көҕүлээһиннэринэн Чөркөөх музейыттан саҕаламмыта. Волонтердар политсыылынай В.Ф. Трощанскай балаҕанын өрөмүөнүн ыыппыттара (маастар Ю.С. Дедюкин). Волонтердар ортолоругар Тааттаттан төрүттээх Балапааттар сыдьааннара учуонай Г.П. Кулаковскай балаҕанын түннүгүн, аанын тупсаҕайдык оҥорбута. Урбаанньыттар холбоһуктара («Профи», «Рекрут», «Меридиан», «Охотный двор» уо.д.а. ХЭУо) волонтердары матырыйаалларынан, үлэҕэ туттуллар сэбинэнсэбиргэлинэн хааччыйбыттара. Норуот күүһүнэн туттуллубут музей меценаттарыгар, попечителлэригэр, тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо махталбытын тиэрдэбит.
Суорун Омоллоон бэйэтэ эппитинии: «Үтүөнү оҥордоххутуна санааҕыт күүһүрүө, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэнэн, инникилээх буолуоххут. Аныгы олох тэтиминэн үлэ саҥа сүүрээннэрин булан, бука бары бииргэ сомоҕолоһон үлэлээтэххэ кыайыылаах буолуохпут».
2027 cылга Чөркөөх музейа тэриллибитэ 50 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэбит, улууспут салалтата ханна да хатыламмат дириҥ ис хоһоонноох Чөркөөх музейын дьиэлэрэуоттара өр сылларга кэнчээри ыччаттарга чөл туруктаах тиийэллэрин туһугар былааннаах үлэни билиҥҥиттэн ыыталлара көдьүүстээх буолуо этэ.
И.Я. ЖЕРГОТОВА, Чөркөөх музейын испэсэлииһэ.