Дьиэҕэ үөрэнэр оҕо айар дьоҕурун сайыннарыы

Мин Алампа аатынан 1-кы нүөмэрдээх оскуолаҕа 1976 с. Саха Государственнай Университетын бүтэрэн кэлиэхпиттэн харыс да сири халбарыйбакка үлэлии сылдьабын. 16 сыл устата нуучча тылын, литературатын, 20 сыл төрүт култуура уонна бу кэннэки 10-тан тахса сыл доруобуйаларынан хааччахтаах дьиэҕэ олорон үөрэнэр оҕолору үөрэтэ сылдьабын.

Хомойуох иһин билигин араас диагнозтаах оҕолор элбээтилэр. Кыһын буоллун, сайын буоллун дьиэлэрин түөрт эркинигэр хаайтаран олороллор. Таһырдьа тахсан тиэргэннэриттэн ырааппаттар. Киинэҕэ, кулуупка барар кыахтара суох. Кинилэр төһөлөөх баҕараллара буолуой оскуолаҕа кэлэн оҕолору кытта тэҥҥэ үөрэниэхтэрин, үөрэ-көтө оонньуохтарын. Олох кыайан саҥарбат,хаампат буолан дьиэлэригэр үөрэнэргэ күһэллэллэр. Оскуолаҕа кыайан кэлбэт, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору үөрэтэр олус ыарахан уонна уустук. Мин билигин үөрэтэр оҕом 5 оҕолоох ыал улаханнара. Бастаан үөрэтэ ыларбар хаҥас илиитэ, атаҕа мөлтөхтөрө, уҥатынан да уруучуканы, харандааһы кыайан туппат, сатаан саҥарбат этэ. Кинини хас да учуутал буолан дьиэтигэр баран үөрэтэбит, эрчийэбит. Мин кылаас таһынааҕы дьарыктары ыытабын. Бастаан үлэҕэ бэлэмнээн тарбахтарын сайыннарар оонньуулары ыытабын, эрчийэбин, имэрийэбин. Дьарыкпар айар дьоҕуру сайыннарар уруһуй, аппликация, пластилин, о.д.а. матырыйаалынан үлэлээһин буолар. Маҥнай бэлэм уруһуйдары, ойуулары өҥнөөх харандааһынан, фломастерынан кырааскалыырга үөрэппитим,онтон сыыйа киистэни киллэрбитим. Кыраасканы араарар, өҥнөрү сөпкө аттаран туттар. Билигин көрөн олорон үтүгүннэрэн бэйэтэ уруһуйдуур буолла.

Уруһуй араас ньыматын үөрэттим. Бэйэтиттэн эбэн араастаан тупсаран биэрэр буолла. Ордук айылҕаны, сибэккилэри оҥорорун сөбүлүүр. Быйыл быыстапкаҕа кыттан 1 миэстэни ылбыта. Ону таһынан өҥнөөх кумааҕыттан араас темаҕа аппликация оҥотторобун. Урут кырыйан биэрбит ойууларбын альбомҥа килиэйдиир эрэ буоллаҕына, билигин кыра фигуралары бэйэтэ сатаан сыһыарар. Пластилин арааһын биэрэммин оҥоһуктары бэйэтэ айан таһаарар. Айар үлэҕэ интэриэһин көбүтээри оҥоһуктарга араас матырыйааллары булан туттабын: хортуон,биилкэ, ньуоска, салаппаан, ватнай палочка, диискэ, скотч, айылҕа маһын-отун. Кыраны да таба оҥордоҕуна хайҕаатахха үөрэр, санаата көтөҕүллэр,интэриэһэ улаатар.

Сырыы аайы туох эрэ саҥаны киллэрэ сатыыбын. Айар үлэнэн дьарыктаннаҕына оҕо тулуурдаах, дьулуурдаах буола үөрэнэр, оҥорон көрөр дьоҕура, болҕомтото сайдар. Күһүн,саас айылҕаҕа илдьэн күүлэйдэтэбин. Сибэкки, мас, талах арааһын билиһиннэрэбин. Чыычаах ырыатын истэбит. Оҥоһуктарбытыгар сибэкки, сэбирдэх хомуйан хатарабыт. Маннык сырыттаҕына ис-иһиттэн үөрэр-көтөр. Онон түмүкпэр этиэм этэ,доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору араас ньыманан үөрэтэнтакайан, илиитин-атаҕын эрчийэн,кыратык да буоллар олох кэрэтин көрдөрөн, айар дьоҕурун сайыннарбыт буоллахпына, ол мин учуутал быһыытынан улахан ситиһиим диэн үөрэбин.

К.К. Колодезникова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.

Читайте дальше