Билиҥҥи кэмҥэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар Дойду үрдүнэн улахан болҕомто ууруллан туһааннаах көмө оҥоһуллар.

Дойду бары эрэгийиэннэрин хабар «Арассыыйа лиидэр дьахталлара» түмсүү көҕүлээһининэн 115 лиидэр-кэрэ аҥар түмсэн, 20 хамаандаҕа арахсан, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөр сыаллаах сонун бырайыактары үлэлэтэн саҕалаатылар. Бэс ыйыгар Арассыыйа лиидэр кэрэ аҥардарын ортотугар Саха сириттэн 7 киһи анал үөрэҕи ааһан, хамаандаҕа киирэн үлэлэһэ сылдьаллар. Бу хамаандалартан биирдэстэригэр Таатта улууһун биир улахан тэрилтэтин салайааччыта Сардана Кононова үлэлэһэ сылдьар. Кинилэр хамаандаларын хапытаанынан Ямало Ненецкэй аптаныамынай уокурук доруобуйатын харыстабылын Департаменын дириэктэрин бастакы солбуйааччыта Мария Захарова талыллыбыта. Хамаанда лиидэрдэринэн Камчатка кыраайын Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин социальнай боппуруостарга солбуйааччы Виктория Сивак, Коми өрөспүүбүлүкэтинээҕи үлэ, дьарыктаах буолуу уонна социальнай харысхал министиэристибэтин бастакы солбуйааччыта Татьяна Майкова, Тааттатааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Сардана Кононова, Хабаровскай кыраайдааҕы Дьиэ кэргэни, ийэни, оҕону өйүүр «Ника» уопсастыбаннай Киинин Бэрэсидьиэнэ Наталья Суслова, Бурятия өрөспүүбүлүкэтин информационнай-методологическай Киинин салайааччыта Эржана Аюрова буолаллар. Арассыыйа лиидэрдэрэ уустук кэмҥэ анал байыаннай дьайыыттан кылгас кэмҥэ дойдуларыгар сынньана кэлбит хорсун байыастар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин үөрүүлэрин үрдэтэр, дьоллоох түгэннэри бэлэхтиир, доруобуйаларын чэбдигирдэргэ туһуламмыт көмөнү оҥорор киэҥ хайысхалаах бырайыагы үлэлэтэн олоххо киллэрдилэр.

Ытык Таатта сиригэр «Дьиэҕитигэр күүтэллэр» сонун бырайыак үлэтин саҕалаан, номнуо үс анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа туһааннаах көмөнөн туһанна. Ол курдук Таатта улууһугар «Дьиэҕитигэр күүтэллэр» бырайыакка үлэлэһэр Сардана Кононова нэһилиэк баһылыктарын, олохтоох урбаанньыттары кытта кэпсэтэн, дьиэҕэ кэлбит үөрүүлэрин көрсө тэттик былааны толкуйдаан, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара күн күбэй ийэлэригэр, таптыыр кэргэттэригэр кылаабынай быраас бэйэтин саадыттан уонна «АLEANNA» маҕаһыынтан сибэкки дьөрбөтө бэлэх тутуурдаах кэлэллэрин хааччыйан, дьиэ кэргэнинэн баттахтарын «Золотая корона» салон өҥөтүнэн бүрүчүөскэлэтэн, макияж оҥотторон, «REX FOOD» кафеҕа эбэтэр «Түһүлгэ» банкет саалатыгар дьиэ кэргэнинэн аһыыр усулуобуйаларын тэрийэн, минньигэс торду @ptrekt-тан Екатерина Петроваттан сакаастаан, дьиэлэригэр кэлбит үөрүүлэрин үрдэттилэр. Ону тэҥэ бырайыак кыттыылаахтарыгар биир күн иһигэр доруобуйаларын туругун көрдөрүнэр мэдиссиинэ «чекаптаах» сэртипикээттэри туттардылар. Бу мэдиссиинэ чекабыгар компьютернай томографтан саҕалаан, хирург, терапевт быраастарга анал көрдөрүүнү, физиотерапияны ааһар усулуобуйаларын тэрийэн, уопсай клиническэй анаалыс ылан, ФЛГ көрдөрүнэн, ис уорганнарын УЗИ түһэрэн, баҕалаахтар тиистэрин оҥотторон, сынньалаҥҥа кэлбит эр хоһууттарбыт доруобуйаларын көрдөрүнэн, уйулҕаларын туругун тупсарар, дьоллоох түгэннэри бэлэхтиир сыаллаах киэҥ хабааннаах үлэни ыыттылар.

Онон улахан тустаах көмөнү оҥорор «Дьиэҕитигэр күүтэллэр» кэскиллээх бырайыак дьону-сэргэни сомоҕолуу түмэн, дурда-хахха буолар дьоммут кылгас кэмнээх сынньалаҥнарыгар кэлбиттэригэр бары бүттүүн күүтэрбитин биллэрэн, сүрэх сылааһын бэлэхтээтилэр. Тулхадыйбат тулааһын, эрэллээх эркин буолар биир дойдулаахтарбытыгар тустаах сүдү көмөнү оҥорор бырайыакка үлэлэһэр бар дьоммутугар барҕа махтал тылларын тиэрдэллэр.

Бу бырайыак Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Ытык Тааттаҕа Таптал. Эрэл. Итэҕэл сылларын бииргэ түмэн, дириҥ суолталыыр. Ол курдук хас биирдии сүрэххэ Таптал тыыннааҕын тухары модун санаа уҕараабат, төлөннөөх Эрэл кытыастарын тухары өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа, Итэҕэллээх буоларбыт тухары харысхаллаах буолуохпут!

Мария ПАВЛОВА.

Читайте дальше