Дьоһун дьонноох Дьүлэйдэр

 Алтынньы 26 күнүгэр «Таатта” хаһыат суруналыыстара Дьүлэй нэһилиэгэр уочараттаах десант оҥорон кэллибит.

«Дьүлэй нэһилиэгэ» МТ баһылыга Олег Дмитриевич Осипов сэтинньи 7 күнүгэр төрөөбүт күнэ уонна бу ый уонугар баһылык дуоһунаһын сүкпүтэ 30 сыла үүммүтүнэн «Таатта» хаһыат редакциятын аатыттан эҕэрдэлиибит! 

Сылдьар сырыыбыт сыала – соруга диэн нэһилиэк олохтоохторун олохторун-дьаһахтарын кытта билсии, сырдатыы.Бэһиэ буолан, уһуйаанынан, оскуоланан, хонтуоранан, балыыһанан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар кэтэх ыалларынан, бааһынай хаһаайыстыбаларынан, хочуол үлэһиттэринэн, талааннаах дьонунан сылдьан сэһэргэстибит.

540 нэһилиэнньэлээх Дьүлэйгэ аҕа баһылыгынан 1998 сылтан  тохтообокко быыбар аайы талыллан, Олег Дмитриевич Осипов үлэлиир. Кинини кытта бөһүөлэк олоҕун туһунан кэпсэттибит. Бөһүөлэккэ 173 хаһаайыстыба, онтон чааһынай дьиэҕэ 150 хаһаайыстыба сүөһү, сылгы  ииттэн, олорор. Адьас ынаҕа –сүөһүтэ суох диэн ыал сүүрбэччэлэр эбит. Онон Дьүлэй нэһилиэгэ ас-үөл өттүнэн добуччу дьаһанан олорор түөлбэ диэн сыаналыахха сөп . Баһылык этэринэн урукку сылларга ынах сүөһү биир киһиэхэ тиксэринэн улууска үс миэстэҕэ киирэн сылдьыбыт эрээри билигин ынах-сүөһү иитээччи сааһыран иһэринэн сылын аайы  аҕыйаан иһэр  диэн сэһэргиир.Манна эбэн эттэххэ, 2010 сыллаахха Дьүлэй нэһилиэгэ 1500 сүөһүлэнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биэс маҥнайгы миэстэ иһинэн сылдьыбыттаах. Оттон билигин сүөһү ахсаана 1000-ҕа тиийбэт. Улуус атын нэһилиэктэрин курдук кырдьаҕастар эдэр фермердэргэ сүөһүлэрин көрдөрүүлэрэ, агростартап курдук тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр программаларга  кыттыы диэн бу бөһүөлэккэ  суох.

Баһылык Олег Осипов этэринэн, билигин үлэттэн тэйии баар, сүөһү көрүүтэ аҥардас эр киһи үлэтэ буолан эрэр.

Толору хааччыллыылаах 6 квартиралаах уопсай дьиэҕэ түөрт квартирата хаһаайыннаах, иккитэ кураанах турар эбит.

Дьүлэй нэһилиэгэр саамай тыын боппуруоһугар – ититиниигэ – кэлим үлэ баран, бөһүөлэк олохтоохторун кыстыктарын 95 бырыһыана уопсай ититиниигэ холбонон олороллор. Ити үлэ 2012 сылтан 2022 сылга диэри барбыт. Бөһүөлэккэ 8 хаһаайыстыба кыстыыр дьиэлэрэ күөл уҥуор баарынан уонна ырааҕынан кэлим ититиниигэ холбонор кыахтара суох.

Дьон үчүгэйгэ түргэнник үөрэнэр – септик оҥотторбут 10-ча ыал баар буолбут уонна бу хайысхаҕа салгыы холбонуу үксүүһү диэн баһылык сабаҕалыыр.

Олег Осипов биир дьиксиниитэ – бөһүөлэккэ билигин  онкология ыарыытынан биэс киһи ыалдьара биллэрэ. Үс киһи куртах, икки куолайынан моһуогурбут. Биричиинэтэ ууга буолуо дуо диэн ыйытыыга уубут чинчийиитэ оннук куһаҕаны көрдөрбөт, уубут быһыт уута киирэн, сайҕанар  диир.

Нэһилиэнньэ уруккуттан билиҥҥэ диэри үлэни өрө туппут нэһилиэк. Аныгы үйэ сиэринэн билигин вахтанан үлэлээччи уонча киһи. Олор дальнобойдарга сыстан, иккис суоппартан саҕалаан анал биригээдэҕэ киирэн, Булуҥҥа балыкка бараллар эбит.

Биир кэскиллээх көстүүнэн бөһүөлэккэ элбэх оҕолоох ыаллар элбээбиттэрэ буолар, былырыын 4 ыал Дьокуускай куоракка дьиэ ылар сертификакка тиксибиттэр, онон бөһүөлэк инникилээх диэххэ сөп. Манна оскуола оҕотун ахсаанын көрдөххө 118 оҕо үөрэнэр, быйылгы оскуоланы бүтэрээччилэр бары анал үөрэхтэргэ киирбиттэр. Оҕолор оскуолаларын олус таптыылларын эппиттэр, учууталлар иллээхтик, айымньылаахтык үлэлииллэрин кэпсээбиттэр.

Биир  сонун, тиһиктээх үлэ туоһутунан  нэһилиэк историятын 5 кинигэҕэ тиспиттэрэ буолар, онон Дьүлэй нэһилиэгэ историятын араас хайысхаларынан кэнэҕэски ыччаттарыгар кэпсээн оҥостоллоругар, ийэ дойдуну таптыырга дьоҕус түөлбэттэн саҕалларыгар олук ууран бэрт кэскиллээх дьыаланы оҥорбуттар.

Ол эрэн бөһүөлэккэ бүгүҥҥү күҥҥэ оскуолаҕа нуучча тылын учуутала, бөһүөлэккэ спортинструктор, культура үлэһитин көрдүүр кыһалҕалаахтар эбит.

Бэрээдэк туһунан кэпсэтиигэ арыгы атыытын 2015 сыллаахха бөһүөлэккэ боппуттар, онон аһыы утаҕынан тамаҕы ханнарыы аҕыйаабыт.

Бөһүөлэк инники сайдыытыгар бу күннэргэ саҥа уһуйаан аһыллыытын күүтэллэр.

 Улууспутугар бөһүөлэк – бөһүөлэк бэйэтэ туспа сирэйдээх. Дьүлэй нэһилиэгэ дьоһуннук , талааннаах дьоннорунан тутахсыйбакка, билиҥҥи кэмҥэ сэнэхтик, эрэллээхтик, бэйэлэрин ийэ толкуйдарынан салайтаран олороллорун көрөн ытыктыах санааҥ кэлэр.

Анна Посельская.