Дойду баһылыга Саха сиригэр ыалдьыттаата

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин бэс ыйын 18 күнүгэр Саха сирин киин куоратыгар ыалдьыттаата.

Бу сырыыга кылгас кэм иһигэр болдьоспут хас да сиргэ сырытта. «Үлэ кварталыгар» сылдьан IT уонна наука сайдыытын быыстапкатыгар, биһиги эрэгийиэммит бу хайысхаҕа инники иһэрин көрдө-иһиттэ.

Ол кэннэ Муусука үрдүкү оскуолатыгар, салҕыы “Азия оҕолоро” тэрээһин тутуулара хайдах оҥоһуллубуттарын көрдө.

Үөрэхтээһиҥҥэ сыһыаннаах “Земскэй учуутал” бырагыраама кыттыылаахтарын кытары кэпсэттэ, Уһук илин эдэр уонна саҥа исписэлиистэр кэлиилэрин биһириирин биллэрдэ. Дойду атын эрэгийиэннэригэр кэлбит учууталлар, эмчиттэр долгуйар боппуруостарын ыйыттылар, атах тэпсэн олорон сэһэргэстилэр.

Түмүккэ Саха сирин талааннаах оҕолоругар 2440 миэстэлээх Муусука үрдүкү оскуолатыгар кампус туттарыыны биһирээтэ, орто анал үөрэхтэр 13 тэрилтэни биир сиргэ түмэр суперкампус тутуу диэн этиини өйөөтө.

Улуустааҕы үөрэх үлэһиттэрин кэллэктиибэ.

Читайте дальше