Дьоруой аата умнуллубат

Кулун тутар 4-5 күннэригэр Алампа аатынан Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар оҕону патриотическай тыыҥҥа иитиигэ туһуламмыт месячник чэрчитинэн Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, «Эр санааланыы» уордьанынан наҕараадаламмыт Нюргун Николаевич Мочкиҥҥа аналлаах сүгүрүйүү, кэриэстэбил тэрээһин ыытылынна.

Ол курдук бастакы күн Нюргун Мочкин кэриэһигэр төрөппүттэрин көҕүлээһиннэринэн сыал ытыытыгар күрэхтэһии тэрилиннэ. Барыта 6-11 кылаастартан 44 оҕо күөн көрүстэ. Саамай элбэх очкону ылан, муҥутуур кыайыылааҕынан тохсус кылаас үөрэнээччитэ Артур Тарасенко буолла, Мочкиннар дьиэ кэргэн туруорбут анал кубоктарынан уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланна.

Бары миэстэлэспит оҕолор дипломнары, мэтээллэри, бириистэри тутан үөрүүлэрэ үрдээтэ. «Биир Ньыгыл Арассыыйа» партия олохтообут «Новая школа» («Саҥа оскуола») диэн эдэр көлүөнэ ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитэр, көҕүлүүр сыалтан, дойдубут туһугар бэйэлэрин олохторун кэрэйбэккэ толук ууран, дьоруойдуу быһыыны оҥорбут байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр анаммыт Бүтүн Россиятааҕы 2018 сыллаахха олоххо киирбит бырайыак сүнньүнэн «Парта Героя» («Дьоруой паартата») анал байыаннай дьайыы хорсун саллаатыгар Нюргун Мочкиҥҥа ананан кулун тутар 5 күнүгэр арылынна.

Биһиги оскуолабытыгар алын кылаастарга үөрэммит биир дойдулаахпыт Нюргун Николаевич Мочкин анал байыаннай дьайыыга, дьиҥнээх патриот буолан, бастакылар кэккэлэригэр ыҥырыллан барбыта. Донецкай уобаласка 1 гранатометнай взводка старшай наводчигынан сулууспалаабыта. 2022 сыл ахсынньы 24 күнүгэр үрдүк мырааны (высотаны) ылалларыгар, кимэн киириигэ, өлөр өлүүттэн чаҕыйбакка, геройдуу быһыыны оҥорон, өстөөх буулдьатыгар табыллан, Нюргун эдэркээн олоҕун толук уурбута. Кини хорсун быһыытын иһин «Эр санааланыы» уордьанын төрөппүттэригэр туттарбыттара.

«Дьоруой аата умнуллубат» өйдөбүнньүк стендэни уонна «Дьоруой паартатын» арыйыы тэрээһинигэр кыттыыны ыллылар: Таатта улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы С.В.Сунхалыров, Тааттыныскай нэһилиэк Аҕа баһылыга Е.И. Павлов, улуус үөрэҕин салалтатын начальнигын э.т. И.И. Дягилев, Нюргун кэнники үлэлээбит Тыараһа орто оскуолатын дириэктэрэ П.П. Полускин, кылааһын салайааччыта М.В. Алексеева, Нюргун төрөппүттэрэ, кэргэнэ, кыыһа. Төрөппүттэригэр Екатерина Егоровна, Николай Николаевич Мочкиннарга «За верность родительскому долгу», муниципальнай бэлиэ туттарылынна, «Таатта нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» аат иҥэрилиннэ. Нюргун Николаевич Мочкин сырдык аатыгар, кини хорсун быһыытыгар анаммыт «Дьоруой паартатыгар» олорор чиэскэ тигистэ 11 б кылаас туйгун үөрэнээччитэ Антон Будикин.

Кэнчээри ыччаттар ааттарыттан оскуола президенэ Дедюкина Сардаана Нюргун Николаевич сырдык аатын үйэлэргэ умнуохпут суоҕа диэн эрэннэрдэ. Нюргун Николаевич Мочкин кылгас, ол эрэн чаҕылхай олоҕо, кини хорсун быһыыта эдэр көлүөнэ ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга өрүү холобур буолуоҕа.

Герой Нюргун Николаевич Мочкин сырдык аата үйэлэргэ умнуллубат! Саха сирэ, модун Арассыыйа кининэн киэн туттар!

Т.В. Никифорова, М.Е. Павлова.

Читайте дальше