Мин Баайаҕа орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, 1973 сыл күһүнүгэр 5-с кылааска үөрэнэ дойдубар Ытык Күөлгэ төттөрү кэлбитим. Табаарыстарбын, арҕаа бөһүөлэк уолаттарын Игорь Сунхалыровы, Сережа Гоголевы, Гоша Петрову, Саша Ючюгяевы, Толя Охлопковы кытта бииргэ үөрэнээри Ытык Күөл аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үэрэнэ киирбитим.

Бастаан үөрэнэ тиийэрбэр 5 «а» кылааһы английскай тыл учуутала Розалия Тихоновна Багынанова салайара. Эһиилигэр биология учуутала Марфа Матвеевна Аммосова анаммыта. Биһигини олус үчүгэй учууталлар үөрэппиттэрэ, математикаҕа Иннокентий Петрович Чьямов, саха тылыгар Святослав Тихонович Макаров, Христина Ананьевна Слепцова, зоологияҕа Мария Романовна Макарова, физкультураҕа Владимир Ильич Кононов уо.д.а.

Бүгүн мин убаастыыр учууталым Владимир Ильич Кононов туһунан сырдатыахпын баҕарабын. Биһиги ол саҕана бары пионердарбыт, горн, барабаан, речевка, сбор бөҕөтө, Улуу Ильич сиэннэрэ буоллахпыт. Онон буолуо, аата Ленин курдук эбит диэн, олус үчүгэйдик өйдөөн хаалбытым. Учууталбыт 1970 сыллаахха Дьокуускайдааҕы 1№-дээх педучилище физкультурнай салаатын бүтэрэн, Тааттаҕа ананан Ытык Күөл аҕыс кылаастаах оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэтин саҕалаабыта уонна харыс да сири халбарыйбакка биир оскуолаҕа (кэлин улаатан гимназия буолбута) 39 сыл үлэлээбитэ. Алтыс кылааска быһылааҕа, саҥа мас оскуолаҕа көһөн киирэммит үөрүү бөҕө буолбуппут. Эрдэ кыараҕас дьиэлэргэ үөрэммит дьоҥҥо, саҥа оскуолабыт олох дыбарыас этэ. Үөрэнэр кылааспыт киэҥэ, сырдыга киһи эрэ үөрэниэх курдуга. Спортивнай саалабыт, биһиги оҕо санаабытыгар улахана сүрдээх буолара. Саҥа саалаҕа стройдаан турдахпытына, учууталбыт Владимир Ильич бэйэтигэр сөптөөх спортивнай формалаах, кылааспыт сурунаалын кыбынан киирэн кэлэрэ, харахпар бу көстөргө дылы. Сурунаалынан ким баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээн баран, бүгүн тугу гыныахтаахпытын холку куолаһынан быһааран биэрэрэ, сыал-сорук туруорара. Хас биирдии уруок бэйэ- бэйэтигэр майгыннаспаттык барара, умсугутуулаах буолара. Мин оҕо сылдьан хаста да төбөбүнэн травмаланан, күһүн-саас эмтэнии куурсун барар буоламмын бэйэм баҕарбытым да иһин физкультураны элбэхтик көтүтэр этим. Онуоха учууталым Владимир Ильич тоҕо сылдьыбаккын диэн мөхпөт этэ, переменаҕа көрүдүөргэ көрсөн, хайдаххыный, үчүгэй буоллаххына уруокка кэлээр диэн, санаабын көтөҕөрө. Владимир Ильич үөрэнээччилэрин кытта чугас сыһыаннаах этэ, бэйэтин тэҥнээҕин курдук кэпсэтэрэ, тус олохпутун, дьарыкпытын ыйыталаһара. Ол саҕана Ытык Күөлгэ спортивнай саала аһылла илигэ, онон тустуу диэни билбэт этибит. Бэйэтэ ыытар уруоктарыгар тустууну киллэрбитэ, тустуу албастарыгар үөрэтэр, туһуннарар этэ. Бырааһым көҥүллээбэтин үрдүнэн, тустуу уруоктарыгар сылдьа сатыыр этим. Урут хас кылаас ахсын үөрэхтэрин чиҥэтэр үөрэнээччилэр элбэх буолаллара, 2-3 сыл аҕа уолаттар хоолдьукпутун эрийэн сордуур этилэр, кыайтарымаары ол соро буолара. Учууталым миигин спортка сыһыаннаахпын таба көрөн, күрэхтэһиилэргэ көмөлөһүннэрэр этэ, хайыһарга улахан дьоҥҥо оройуон күрэхтэһиитигэр судьуйалаппытын өйдүүбүн. Онно ылбыт билиилэрим, кэнники улууска спорду салайарбар көмөлөспүтүн махтана саныыбын. Владимир Ильич тус уруогун эрэ ыытарынан муҥурдаммат этэ. Үтүмэн элбэх сиэксийэлэри салайан үлэлэтэрэ. Хайыһар, чэпчэки атлетика, волейбол, баскетбол, остуол тенниһин сиэксийэлэригэр элбэх оҕо сылдьара. Сүүмэрдиир хамаандаҕа киирбит оҕолору эбии дьарыктыыра. Хайыһардьыттары сайыннары дьарыктыырын көрөр этибит. Ол түмүгэр Юрий Неустроев, Антон Шуткин курдук кыраһыабай туттуулаах, күүстээх хайыһардьыттар, оройуон чөмпүйүөннэрэ иитиллэн тахсыбыттара. Атах оонньуутугар Алеша Неустроев оҕолорго оройуоҥҥа олохтообут рекордара үйэ чиэппэрэ турбуттара. Остуол тенниһигэр Юрий Морхоев кими да иннигэр түһэрбэт күүстээх оонньооччу этэ, түөһүгэр улахан дьоҥҥо 3 разряд значогун иилинэ сылдьарын өйдөөн хаалбыппын. Оройуоҥҥа аҕыс кылаастаах оскуолалар икки ардыларыгар сылын аайы спартакиада ыытыллара. Онно бэлэмнэнии олох эрдэттэн барара. Бэйэтэ дуобаттан, саахыматтан төһө да ыраах буоллар, оскуола иһинэн күрэхтэһиилэри тэрийэн, бастыҥнары сүүмэрдээн, бачча чааска кэлэҕит диэн ыҥыртаан, кылааска мунньан дьарык ыытара. Хас биирдии көрүҥүнэн хамаандалары сүүмэрдээн тэрийэрэ. Биһиги үөрэнэр сылларбытыгар оройуоннааҕы спартакиадаҕа бастакы миэстэттэн түспэт этибит. Ол саҕана Чымынаайы, Чычымах, Кыйы, Дьохсоҕон, Туора Күөл, Уолба, Хара Алдан оскуолалара бары аҕыс кылаастаах этилэр. Биһиги дуобатчыттар хамаанданан элбэхтэ бастаабыппыт. Кыайыыбытынан учууталбытын үөрдээри, хас биирдии партиябытын кыһаллан оонньуурбут. Кыайдахпытына Владимир Ильич олус үөрэрэ, илии тутуһан эҕэрдэлиир этэ. Аҕыс кылаастаах оскуолабытын этэҥҥэ бүтэрэн, 1977 сыл күһүнүгэр Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатыгар салгыы үөрэнэ көспүппүт. Учууталбыт Владимир Ильич оройуоҥҥа эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх учууталынан биллэрэ. Учууталларын туйаҕын хатаран, үөрэппит оҕолоруттан элбэх физкультура учуутала тахсан, ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Үлэлээбит үлэтэ үрдүктүк сыаналанан ССРС норуотун үөрэҕириитин туйгуна, «Саха Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы фонда стипендиата, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо буолбута, «СӨ Учууталлар учууталлара» бэлиэнэн бэлиэтэммитэ. СӨ үөрэҕин министиэристибэтэ таһааттарбыт «Педагогическай энциклопедиятыгар» киллэриллибитэ. Ытыктыыр учууталбытын куруутун ахтабыт-саныыбыт, биирдэ эмэтэ да буоллар кэпсэтэбит.

1977 сыллаах выпуск аатыттан, күндү учууталбытын Владимир Ильиһи үбүлүөйдээх сааһынан ис сүрэхпититтэн истиҥник эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, чугас дьонун тапталларыгар уйдаран уһун дьоллоох олоҕу!

Анатолий Мурунов, спорт бэтэрээнэ, улуус спордун 2003- 2007сс. салайааччыта.

Читайте дальше