Аҕыс уонус сылларга эмчит уонна учуутал идэтин эрэ талыы баар курдуга. Сардана Андросова Харбалаахтааҕы оскуола онус кылааһын кэнниттэн, “Оскуола – Производство -Үрдүк үөрэх” бэлиитикэтин аахсыбакка, аҕалаах-ийэтэ учуутал идэлээхтэрин быһыытынан, эмчит буолар эбиппин диэн быһаарыныыны бигэтик ылыммыта.
Ол иһин Дьокуускай куоракка биллэрии ыйанан турарын ааҕан, биир муна-тэнэ сылдьар кыыстыын, төрөппүттэригэр тэлэгэрээмэ оҕустаран, Хабаровскай куоракка көтөн тиийэн, Биробиджааныыр тимир суолу булан, чэпчэки сыанаҕа уопсай плацкартка поеһынан түүннэри айаннаан тиийэллэр. Автовокзалтан сатыы куоракка баран истэхтэринэ, милииссийэ массыыната тырылатан кэлэн, училищеларыгар тиэйэн илдьэн абыраабыта. Онтон ыла биир сыл аҕыс ый үс этээстээх таас куорпуска үөрэнэллэр. Кореянкалар, еврейдэр, нууччалар, украинка, славянка, полячка, уонча саха кыргыттара баар бөлөхтөрүгэр, саастарынан саамай кыралара да буоллар, саабыстара О.В. Мирошниченко сытыы-хотуу кыыһы тута комсорунан анаабыта. Онон Сардаана кэлбит кыргыттары дьаһайар киһинэн буолбута. Ити сыл кинилэр Саха сириттэн аан бастакынан үөрэнэ тиийбиттэрэ этэ. Дириэктэрдэрэ бытыктаах еврей киһитэ Иосиф Давыдович Мадлин сотору-сотору сахаларга анаан-минээн мунньахтыыр: дьоҥҥутуттан мээнэ харчы көрдөөмөҥ, үөрэххитигэр кыһаллыҥ диэн сүбэлиир, куруук хоско олорор усулуобуйаларын билсэр, туох кыһалҕа баарын ыйыталаһар эбит. Киһи хараҕын далыттан тахсар, үтүмэн хортуоскалаах киэҥ, нэлэмэн бааһыналарга производственнай быраактыканы ааспыттара. Оҥоойукка дэлби сиэппит, хортуоска бөҕө хостообут үлэһит кыргыттарга «Хайҕал сурук» туттарбыттара. Чиҥ билиини ылбыт дипломнаах кыыһы үөрэммит сиригэр Харбалаахха быраас, билигин куоракка массажнай кииннээх Ф.П. Максимов үлэҕэ ылбыта. Ол кэмтэн ыла процедурнай хостон саҕалаан, кини дьуһуурунай сиэстэрэнэн үлэлиир. Мэдиссиинэ үлэтигэр уһуйааччыта Анастасия Охотина эдэр үлэһиккэ сүбэ-ама буолан, амарах сүрэхтээх сиэстэрэ сүрэхтэниини ааһан, билигин даҕаны үлэ үөһүгэр сылдьар. Салгыы Ытык Күөлгэ улуус үрдүнэн соҕотоҕун үтүмэннээх зуоб, куртах, варикоз, геморрой, очоҕос баайыллыыта, тостуу, эчэйии эпирээссийэлэрин түүннэри-күнүстэри аахсыбакка талбыт оҥорор, көмүс тарбахтаах Иван Викторович Константинов хирургиятыгар түөрт сыл үлэлээбитэ. Бу кэм иһигэр баай үөрүйэҕи ылыммыта. Биир идэлээхтэрэ Людмила Христофорова, Прасковья Софронова, Фаина Белолюбская, Александра Мочкина, Люба Протопопова, Мария Барашкова, Валентина Константинова этилэр. Устунан уопсай терапияҕа көһөн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Манна Александра Таллаеваны, Людмила Петрованы, Варвара Готовцеваны, Агафья Ефимованы эдэр көлүөнэ солбуйар. Ол курдук Анна Толстякова, Анна Норбашайте, Сардана Арылахова, Настя Сивцева о.д.а. Татьяна Хаппарова, Елена Колодезникова, Августина Сивцева, Юлия Сенькина уһуннук үлэлээбит санитааркалартан Валя Никифорова, Мотрена Борисова билигин да үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Сардана Прокопьевна бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсар кэмигэр, тубдиспансерга сиэстэрэнэн ананан, билиҥҥэ диэри үлэлиир. Уопсайа 40 сыл дьүккүөрдээхтик үлэлээн, үгүс үтүөрбүт дьон махталыгар ылан, бииргэ үлэлээбит-үлэлиир бары үлэһиттэригэр махталынан уонна ытыктабылынан мэдиссиинэ эйгэтигэр сылдьар. Дьөҥкү Сээн псевдонимыттан таһааран, Дьөҥкүчээнэ диэн ааты ылынан, «Уран тыл» улуустааҕы литературнай түмсүүгэ айымньылаах олоҕун киэргэтэр. Аҕатын утумнаан, атын хайысханан, араас малы-салы мунньан, баай кэллиэксийэтин кэккэтин хаҥатар. Эбэлэрин аатынан ааттаммыт икки кыргыттара Александра уонна Айталина Дьокуускай куоракка архитектор уонна хамнаабат хапытаалы сыаналыыр үлэһиттэринэн буолаллар. Олоҕун аргыһа, алаас уола Спартак Лаврентьевич Софроновтыын биир сүбэнэн, эйэ-дэмнээхтик этэҥҥэ олороллор.

Оксана АНДРОСОВА — САНДААРА.

Читайте дальше