Физик учуутал сүбэтин туһаныахха

Аҕыс уонун туолан эрэр уонна 80-н ааспыт доҕотторум кэмигэр оройуоннарыгар бастыҥ физик уонна математик учууталынан үлэлээбиттэрэ. Биһиги күн бүгүҥҥэ диэри алтыһан, санаабытын истиһэн, олус элбэҕи ырытыһабыт. Дьонум оскуола ыарыытын миигиттэн ордук эттэринэн хааннарынан билэллэр. Мин да техническай колледжка үөрэнэ сылдьан республикатааҕы күрэстэргэ кыттан, лауреат буолбуппунан кыратык да буоллар, билэр курдук сананабын.

Физик табаарыһым Өндөрөй Өндөрөйөбүс оскуолаҕа физиканы үөрэтэ сылдьан көрсүбүт ыараханын кэпсээбититтэн үллэстиэм.

Эн этэриҥ курдук лабораторнай, практическай дьарыгы ыытыы физика предметыгар баар этэ. Үөрэнээччи 10 лабораторнай дьарыгы ааһыахтааҕа. Оччолорго оройуон үрдүнэн лабораторнай уруогу ыытар оскуола тарбахха баттанара. Ол курдук: Майа орто оскуолата, Павловскай Төҥүлү… Министерство практическай дьарыкка аналлаах тэрилинэн толору хааччыйбат этэ. Мин уонча сыл сыралаһан, кыра кыралаан эбинэн, 10 лабораторнай дьарыгы ыытар буолбутум. Физиканы кыргыттар олох ылымматтар этэ, уолаттарга да ахсааннаах буолара. Ылынар, өйдүүр оҕолору эбии суоттатан, дьарыктаан, республикатааҕы олимпиадаларга кытыннаран миэстэлэһэр этибит. Оройуоҥҥа куруук бастыҥ этибит. Ону РОНО билэрэ. Онон туһанан Сэмэн Дмитриевич Егоровка этии киллэрбитим:
«Бу физика теориятын толору ылынар оҕо аҕыйах. Ол эрээри техническэй ону маны оҥорууга сыһыаннаах оҕо элбэх. Онон Төҥүлү оскуола базатыгар «Станция юного техника» — диэн техническай куруһуок арынан үлэлэтиэххэ. Оҕолору техникаҕа сыһыарыахха» — диэбиппэр тута өйөөбүтэ. Инньэ гынан оскуола таһыгар туспа дьиэ көтүрэн аҕалан икки массыына батар гараһын туттубуппут. Оҕолору тыраахтары, массыынаны ыытарга үөрэтэрбит, кыра техниканы матасыыкыл базатыгар оҥотторон таһаарбыппыт. Онтукабытынан республика күрэһигэр миэстэлэһэн турабыт. Атын да араас техническэй куруһуоктары ыытарбыт. Оҕолорбут оскуола кэнниттэн техникаҕа сыстан, өйдөбүллээх тахсаллара. Туох билии ирдэнэрин билбиттэрэ.

Кэлин оройуоҥҥа хас да оскуолаҕа филиал аһыллан миэхэ сыһыарыллыбыттара. Онтон эрэй бөҕөнү көрсөн, дьэ тэринэн үлэлии-хамсыы олордохпутуна, аны хаарбах дьиэлэри саҥардыы, көһөрүү буолла. Саҥа РОНО салайааччыта, сыралаах үлэбитин улахаҥҥа уурбакка, станциябытын сабан кэбистэ. Онтон хомойон, оскуолаттан уурайан, нэһилиэккэ баһылыгынан ананан үлэлии барбытым. Кэлин үөрэх управлениятын салайааччытыгар хамсааһын тахсыбыта. Биһиги үөрүүбүтүгэр Надежда Михайловна бэйэтинэн кэлэн көрдөстө: — Станцияҕын үлэлэт, учууталлаа — диэтэ. Инньэ гынан үлэбэр төттөрү киирдим. Маастардарбын була охсон, үлэбитин саҕалаабыппыт. Бу курдук хамаанда тэринэн, өрө көтөҕүүлээхтик, тохтоло суох үлэ үөһүгэр түспүппүт. Кыайыы-хотуу да баара. Бу сырыыга тимир ууһун идэтигэр уруоктары киллэрбиппит. Анньыы, быһах уо.д.а. оҥотторорбут. Оҕолорбут үлэлэрин араас күрэстэргэ кытыннарарбыт. Инньэ гынан Төҥүлүгэ баар араас уустар, эн этэриҥ курдук, идэлэрин оскуола оҕолоругар тиэрдэр кыаҕы үөскэппиппит.

Син бириэмэ ааһан, саҥа тойон үлэлии кэлэн станциябытын эмиэ тохтотон кэбиспитэ. Онтон ыла үлэбиттэн букатыннаахтык тэйбитим…
Ити курдук үлэлиэх да дьону сүгүн үлэлэппэт түгэннэр үөскүүллэр эбит. Ыччаты нэһилиэк сатабыллаах уус дьонун кытары практическэй сатабылы тиэрдии холобурдара биирдиилээн да буоллар баар. Эрээри, хомойуох иһин, бу оскуола аайы кыаллыбат. Арай агрооскуолаларга үлэ барар курдук да, аҥардас сибэкки үүннэрии уонна оннукка майгынныыры оҥоруу дуйдуҥу.

Өндөрөй курдук эдэр техниктэр станцияларын аһан, араас мини техниканы, кытай сельхозтехникатын туттарга үөрэтии, саҥаны айан таһаарыы, тимир уустарын, мас уустарын кытары араас оҥоһуктары оҥорорго программа оҥорон оҕону үөрэтии үлэтэ барыан наада. Уус төрүттээх, техникаҕа сыстаҕас оҕо элбэх. Кинилэр талааннарын эрдэ арыйар, оҕолорго тирэх буолуо эбит.

Федор Харитонов, Мэҥэ Хаҥалас.

Читайте дальше