Оҕолорго СР Хотугу многоборьеҕа биирдиилээн бастыыр иһин уонна «2024 сыл Спортивные Якутяне» хамаанданан күрэхтэһии өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадата буола турар.
Эдэр спортсменнардыын кэпсэтии
Уус-Таатта 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ Тая Николаева, Холмогорова Настя, уонна Алина Аммосова спортсменнары көрсөн билистилэр уонна кэпсэттилэр.
ДианаАнтонова, КираАлексеева, Үөһээ Бүлүү хамаандатын спорсменнара. Диана 8, Кира 9 кылааска үөрэнэллэр: “Үөһээ Бүлүүттэн икки күн айаннаатыбыт, Дьокуускайга хоннубут. Хотугу многоборьеҕа иккиэн бииргэ дьарыктанабыт. Тренербит Раиса Васильевна Григорьева. Дойдубутугар күн аайы спортивнай саалаҕа эрчиллэбит, субуотаҕа уонна өрөбүл күҥҥэ эрэ сынньанабыт. Былырыын биһиги хамаанда өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы миэстэ буоламмыт, кыайыы кубогын ылбыппыт. Кира Сахалиҥҥа күрэхтэһэ сылдьыбыта. Иккиэн Кисловодскай куоракка хотугу многоборьеҕа икки нэдиэлэ устата дьарыктанан кэлбиппит. Биһиги тус-туһунан оскуолаҕа үөрэнэбит, оскуолаларбыт улахан, үөрэнэр оҕо эмиэ элбэх. Сыалбыт диэн хамаанданан бастыахтаахпыт. Диана наартаны 100 ойон тиэрдиэхтээх. Онтон мин, Кира, наартаны 120-тэ ойобун, аркааны биирдэ таба бырахтахпына, хамаандабар очукуо биэриэхтээхпин”.
Айгуль Прокопьева, 8 кылаас үөрэнээччитэ И.Н.Гуляев аатынан Туора-Күөл орто оскуолата, Таатта
«Хотугу многоборьенан дьарыктаммытым иккис сылым. Туора-Күөлтэн күрэхтэһиигэ кыттаары Уус-Таатта оскуолатын базатыгар эрдэ кэлэнбэлэмнэнним.Сарсыарда 8 кылаастары кытта үөрэнним, эбиэт кэннэ дьарыктанным. Тренербит Кочнев Алитет Иванович. Бу иннинэ, былырыын, Ширяев Константин Афанасьевичка Ытык-Күөлгэ эмиэ дьарыктана сылдьыбытым. “Өбүгэ оонньуулара” күрэхтэһиигэ хабылыкка, хаамыскаҕа өрөспүүбүлэкэҕэ быйыл миэстэлэспитим. Үөрэҕим таһынан дьарыгым элбэх.”Дьиэрэҥкэй” үҥккүү ансаабылыгар үҥкүүлүүбүн. Мин ийэм уонна аҕам спортсменнар. Аҕам Прокопьев Евгений Дмитриевич республикаҕа кылгас дистанцияҕа сүүрэрэ. Биллэр спортсмен. Ийэм физкультура учуутала идэлээх, ол эрээри билигин атын эйгэҕэ үлэлиир.
Хотугу многоборье күрэхтэһэр көрүҥэ элбэх буолан дьарыктанарга интэриэһинэй,киһиттэн тулууру эрэйэр. Сүгэни ырааҕы быраҕарга ыарахан, илиим күүһэ тиийбэт. Миэстэлэһиэм диэн эрэнэбин».
Аэлита Никитина, 10 кыл, үөрэнээччитэ И.Н.Гуляев аатынан Туора-Күөл орто оскуолата.
“Үөрэхпэр үчүгэйбин.Эрдэ хайыһарынан, тенниһинэн, чэпчэки атлетиканан, атах ооньууларынан дьарыктаммытым. 3Д моделирование куруһуокка дьарыктанан Санкт-Петербурга, Сахалиҥҥа, Дьокуускайга баран международнай күрэхтэһиилэргэ кыттыбытым. Спордунан дьарыктаныы киһи этин-сиинин, тас көстүүтүн кытта сайыннарар. Атах оонньуларын сөбүлүүбүн, улууска миэстэлэһэбин. Айгульу кытта бииргэ дьарыктана Уус-Таатта оскуолатыгар кэлэн үөрэнним, дьарыктанным даҕаны.Бииргэ дьарыктанар оҕолорбун кытта доҕордостум, үчүгэйдик билистим, куруук билсэ туруохпут дии саныыбын».
Сайнаара Потапова: “Мин Эбээн Бытантайтан оройуонуттан кэллим. Барыта 4 спортсмен уонна тренербит кэллэ.Хотугу многоборье аркааны быраҕыыга сөбүлээн дьарыктанабын.Сыл аҥаара буолла дьарыктаммытым. Чемпион, кыайыылаах буоларга спортсмеҥҥа тулуур,күүстээх характер наада”.
Сеня Гурьев: « Чурапчыттан кэллим, 4-с кылааска үөрэнэбин. Мин наартаны үрдүнэн ойорбун сөбүлүүбүн, Кыайыыга олох 100% эрэллээхпин».
Михаил Дарков, Муома улууһуттан тренер: «Муоматтан суукканы быһа айаннаан, күрэхтэһии буолуон иннинэ, хамаандалартан бастакынан Уус-Тааттаҕа кэллибит. Чыыстай уонна Хонуу оскуолатыттан 10 оҕону аҕаллым. Бэйэм 10 сыл физкультура учууталынан, 3 сылбын тренеринэн үлэлиибин. Эрэл диэн спортмен оҕом 14-15 саастаахтарга күрэхтэһиэ. Кыайыы иһин дьарыктанныбыт».
Сааскылаана Ивановна Кылтасова, Үрүҥ Хайа агрооскуолатын физкультураҕа учуутала: «Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа оскуолатыттан кэллибит. Оскуолабытыгар 183 оҕо үөрэнэр. Үрүҥ Хайаттан Сааскылаахха диэри массыынанан 4 чаас айаннаатыбыт. Дьокуускайга 3чаас 30 мүн самолетунан, онтон Уус-Тааттаҕа таксинан кэллибит. Самолекка сыана ыарахан. Оҕо билиэтэ бара-кэлэ 66 тыһыынча, улахан киһиэхэ 106 тыһ.буолар. Биһиэхэ ДСЮШ-быт улахан көмөнү оҥорон, самолет сыанатын төлүүр. 17 сыл физкультура учууталынан үлэлиибин. 2015 сылтан севернай многоборьенан оҕолору дьарыктыыбын. Бу күрэхтэһиигэ 9 оҕону күрэхтэһиигэ аҕаллым. Саамай кыра саастаах спортсменым Вениамин Андросов, 9 саастаах, 4 кылаас үөрэнээччитэ. Күрэхтэһиигэ эрэлим — Вадим Туприн. Вадим бииргэ төрөөбүт убайа Дьулус Туприн хотугу многоборьеҕа Россия, СР спордун маастара. Аркааны таба быраҕыыга Россия, Саха сирин рекордсмена».
Богдан Портнягин:Мин Богдан Олегович диэммин. Эдьигээнтэн кэллим, 15 саастаахпын. Дьиэ кэргэммэр спортсменнар бааллар. Мин игирэлээхпин. Игирэ быраатым волейболга Саха сирин сборнайыгар баар, дьарыктанар. Быйыл «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ кыттар. Сотору Красноярскайга күрэхтэһэ барыахтаах. Мин хотугу многоборьеҕа өрөспүүбүлүкэ чемпионабын. Бу күрэхтэһиигэ туох баар күүспүнэн кыттыам”.
Зарина Горохова, Чурапчы Д.П.Коркин аатынан спортивнай оскуола үөрэнээччитэ:«10 кылааска үөрэнэбин. 16 саастаахпын. Мин Булун оройуонуттан Тикситтэн кэлэн Чурапчыга спорт оскуолаҕа үһүс сылбын үөрэнэбин, хотугу многоборьенан дьарыктанабын. Күрэхтэһии кыайыылааҕа буолуоххун баҕарар буоллахха, киһиэхэ баҕа санаа наада, сыал-сорук туруоруннахха, тохтообокко дьарыктаннахха ситиһиилэнэҕин уонна саамай кылаабынайа спорсмен тулуурдаах буолуохтаах. Оччоҕо биирдэ результат, ситиһии кэлэр»
Алекса Кириллова, Өлөөн улууһуттан, 10 кылааска үөрэнэр: “Күрэхтэһиигэ кыттарбар долгуйабын. Наартаны үрдүнэн ойууга үчүгэйбин. Оскуолаҕа туйгуннук үөрэнэбин”.
“Биһиги Нюрбаттан кэллибит. 7 спортсмеммыт; 3 кыыс, 4 уол. Күндээдэ, Киров, Антоновка оскуолатыттан хомуллан биир хамаанда буолан күрэхтэһиигэ кыттабыт. Мин Петров Элаан диэммин, Антоновка оскуолатыгар 8 кылааска үөрэнэбин. Севернай многоборьеҕа 3-с сылбын дьарыктанабын. Өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр балайда кытынным, 1-кы разрядтаахпын.Севернай многоборьеҕа кандидат нуорматын толоруохпун баҕарабын. Онтон оскуоланы бүтэрэрбэр маастар нуорматын толоруом диэн сыалаахпын. Табаарыһым Владимир Кондратьев 10-ка үөрэнэр. дьарыктаммыта 1сыл буолла. Владимир улахан күрэхтэһиигэ саҥа кыттар. Тренербит Илья Григорьевич Васильев».
Уус Таатта орто оскуолатын Медиа-киинэ.