Идэһэлээх дьоҥҥо иһитиннэрии!

Таатта улууһун бэтэринээринэй-чинчийэр лабораториялаах управлениета иһитиннэрэр:
Идэһэ кэмэ чугаһаабытынан сүөһү-сылгы этин атыыга таһаарыы сүрүн быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥырабыт. Билиҥҥи кэмҥэ сүөһү-сылгы этин атылааһын техническэй регламеҥҥэ толору эппиэттиэхтээх (статья 19. Технического регламента Таможенного союза ТР ТС 021/2011 «О безопасности пищевой продукции»). Ирдэбили кэһии нэһилиэнньэҕэ кутталлаах бородууксуйаны атыылааһыҥҥа киирсэр. Ол эбэтэр, күрүө иһигэр астаммыт эт атыыга тахсара бобуллар.
Сүөһү уонна сылгы этин атыыга, переработкаҕа ыытар түгэҥҥэ буойунаҕа, эбэтэр анал ирдэбилгэ эппиэттиир былаһааккаҕа астаныллыахтаах. Анал сиргэ астаммыт эт ыраас, бэтэринээринэй-санитарнай экспертизаны уонна эпидемиологическай быраабыланы ааһыахтаах. Ол түмүгүнэн атыылыырга көҥүл биэрэр бэчээт турар.
Онон сүөһү, сылгы иитээччилэр бука бары быраабыланы тутуһаргытыгар.

В.В.Будикин, Таатта улууһун бэтэринээринэй управлениетын  сүрүн бэтэринээринэй бырааһа