Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ
Муус устар 22 күнэ.
Ил Дархан Москваҕа оробуочай сырыытын кэмигэр М.В. Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай университет ректора Виктор Садовничайы кытта көрсүһүүтүгэр ирбэт тоҥ туругун уонна килиимэт уларыйыытын чинчийиигэ бииргэ үлэлэһии боппуруостарын кэпсэттилэр. Саха сиригэр килиимэккэ норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэни ыытыахтара. Дойду сүрүн университета 2025-2030 сылларга «Хоту: бигэ сайдыылаах сир-уот» научнай-үөрэтэр киин үлэтигэр кыттыытын хайысхаларын көрдүлэр. Ил Дархан Виктор Садовничайга «Норуоттар икки ардыларыгар эйэни уонна доҕордоһууну бөҕөргөтүү иһин» Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэлиэтин туттарда.
Муус устар 22 күнэ.
Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ Вячеслав Штыровы кытта эрэгийиэн тырааныспарга ситимин сайыннарыы туһунан кэпсэттилэр. Ленскэй-Мииринэй хайысханан «Муухтуйа» суол хапытаалынай өрөмүөнүн боппуруоһун көрдүлэр. 2023 сылга «Куттала суох уонна хаачыстыбаннай айан суоллара» национальнай бырайыагынан Ньүүйэ үрэҕи туоруур 183 миэтэрэ уһуннаах күргэ тутуллубута. Быйыл суолу саҥардыы үлэтэ салҕаныаҕа. Ленскэйтэн Иркутскай уобаласка Пеледуйунан, Витиминэн быһа барар суолу тутуу былааннанар. Итиэннэ көрсүһүүгэ энэргиэтикэни сайыннарыы боппуруостарыгар тохтоотулар. 2024 сылга Уус Куйга бөһүөлэгэр кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутуу сүрүн түһүмэҕэ саҕаланыаҕа.
Муус устар 23 күнэ.
Айсен Николаев Мииринэй улууһугар сырыытын кэмигэр Мииринэй куоракка социальнай эбийиэктэри тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Ол курдук, Политехническэй лицей успуорка саалатын, 1-кы нүөмэрдээх оскуола иккис куорпуһун, Оҕо дыбарыаһын оҥорууга ыытыллар үлэни көрдө. Быйыл болдьоммут кэмигэр үрдүк хаачыстыбалаах эбийиэктэри үлэҕэ киллэрэр гына хонтуруолу күүһүрдэргэ сорудахтаата. Салгыы Ил Дархан улуус киин балыыһатыгар тэрилтэ салааларын үлэтин кытта билистэ, ыарыһахтары кытта кэпсэттэ уонна эбийиэк хапытаалынай өрөмүөнүгэр бэлэмнэнии барыытын бэрэбиэркэлээтэ. Быйыл киин балыыһа поликлиникатын бырайыактыыр-симиэтэ докумуона оҥоһуллан, эһиил саҥардыллыахтаах.
Муус устар 24 күнэ.
Айсен Николаев Мииринэйгэ сыллата ыытыллар АЛРОСА хаһаайыстыбаннай актыыбын пуорумугар кытынна. Ил Дархан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан анал байыаннай дьайыы хонуутугар хорсуннук кытта сылдьар АЛРОСА хампаанньа Удачнайдааҕы хайаны байытар кэмбинээтин үлэһитэ Николай Евдокимовка Арассыыйа Дьоруойун аата иҥэриллибитин туһунан иһитиннэрдэ. Хампаанньа өрөспүүбүлүкэ дьоһун суолталаах бииргэ үлэлэһэр социальнай эппиэтинэстээх тэрилтэтинэн буоларын бэлиэтээтэ. 2023 сылга хампаанньа үтүө дьыалаҕа уонна спонсор быһыытынан көмөҕө 7,6 млрд солк. ыытта. Былырыын өрөспүүбүлүкэ түмүллүбүт бүддьүөтүгэр дохуот хас бэһис солкуобайа АЛРОСА үлэтин түмүгүн суотуттан киирбитэ. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ улахан өйөбүл буолар. Бырайыактар Мииринэй улууһун нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар туһаайыллаллар. Улуус демографияҕа көрдөрүүтэ тупсар. Нэһилиэнньэтин ахсаана 71 тыһ. таҕыста. Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо төрөөһүнүнэн улуус үһүс миэстэҕэ сылдьар. «Олохтоох каадыры — бырамыысыланнаска» бырайыагынан АЛРОСА-ҕа Саха сирин 4 тыһ. тахса олохтооҕо үлэлии киирбит.
Саха сирин бырабыыталыстыбата, Мииринэй улууһа, АЛРОСА хампаанньа үөрэх эйгэтин сайыннарыыга бииргэ үлэлээһин туһунан үс өрүттээх сөбүлэһии түһэристилэр. Ил Дархан, улуус баһылыга Александр Басыров уонна хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев илии баттаатылар. Оройуон үөрэҕин тэрилтэлэрин материальнай-техническэй базатын, каадырын бөҕөргөтүүгэ 2027 сылга диэри кэлим былааны бииргэ олоххо киллэриэхтэрэ.
Пуорум кэннэ Ил Дархан Мииринэйгэ АЛРОСА Бүлүүтээҕи геологическай чинчийэр эспэдииссийэтин кэлим байытар комплексын аһыллыытын тэрээһинигэр кытынна. Бырайыакка 385 мөл. солк. инвестицияламмыт. Айсен Николаев саҥа эбийиэк билим, технология уонна сүүһүнэн исписэлиис үлэтин ситимниирин туһунан эттэ. Манна геологтар сир боруодаларын боруобатын чинчийиэхтэрэ. Саҥа комплекс биир симиэнэҕэ 2 000 киилэҕэ тиийэ боруобаны чочуйар кыахтаах. Үлэ алмаастаах сирдэри салгыы көрдөөһүн хайысхатын быһаарарга туһуланар.
Салгыы Айсен Николаев Новоленскэйдээҕи ТЭС тутуутун бырайыагын дьүүллэһэр мунньаҕы ыытта. Бу дойду Хотугулуу-Илиҥҥи сүрүн энергетическэй бырайыактарыттан биирдэстэрэ. 550 мВт кыамталаах ыстаансыйа үс энергоблоктан турар. Гааһынан оттуллуоҕа. Онуоха анаан 200 км усталаах гаас утаҕа тардыллыаҕа. Электроэнергиянан хааччыйыы 2028 сылтан саҕаланыахтаах.
Муус устар 25 күнэ.
Ил Дархан терроризмы утары хамыыһыйа уочараттаах мунньаҕын ыытта. Ыам ыйын бырааһынньыктарын кэмигэр куттала суох буолууну хааччыйыыга быраабы араҥаччылыыр уорганнар бэлэмнэрин боппуруоһун көрдүлэр. Сатыы уонна массыынанан бэрээдэги көрүү күүһүрүөҕэ, анал кэтиир пуостар баар буолуохтара, быраабы араҥаччылыыр уорганнар эбии күүстэрэ бэлэм буолуохтара. Суһал бөлөхтөр үлэлэрин тэрийии «Куттала суох куорат» бырагыраама комплексын камераларын көрдөрүүлэригэр олоҕуруоҕа.
Муус устар 25 күнэ.
Айсен Николаев дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – дойду Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев ыыппыт бырабыыталыстыба Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарыгар хамыыһыйатын президиумун мунньаҕар видеосибээһинэн кытынна. Манна быһаарбыттарынан Аллараа Бэстээххэ таһаҕас терминалын инженернэй ситимҥэ холбуурга Саха сирин сайаапкатын өйөөтүлэр. Дойду бүддьүөтүттэн 10,7 мөл. солк. инфраструктура субсидията бэриллиэҕэ. Бу терминалга тимир, өрүс уонна уу суолларынан тиэйиллэр таһаҕаһы түмүөхтэрэ, харайыахтара. Манан сылга биир мөл. туоннаттан тахса таһаҕас ааһыаҕа.
Муус устар 25 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө Айсен Николаев «Быһа эпииргэ» «Саха» НКИХ, «Якутия 24», «Россия 24», «Тэтим», «Россия радиота», «Виктория-Саха», «СТВ-радио» араадьыйа уонна бэйэтин социальнай ситимнэринэн Саха сирин олохтоохторуттан киирбит ыйытыыларга хоруйдаата. Үс чаас устата буолбут кэпсэтиигэ 1375 ыйытыы киирбит. Ордук элбэх ыйытыыны Дьокуускай, Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри, Алдан, Ньурба, Сунтаар олохтоохторо биэрбиттэр. Сүрүн болҕомто тырааныспар эйгэтигэр, суолга-иискэ, дьиэни-уоту тутууга, хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ, ипотекаҕа, олорор усулуобуйаны тупсарыыга чэпчэтиилээх бырагыраамаҕа, социальнай көмөҕө, ол иһигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ өйөбүлгэ, тупсарыы үлэтигэр уонна табыгастаах куорат эйгэтин тэрийиигэ, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар, энергетикаҕа, инфраструктураны тупсарыыга, нэһилиэнньэлээх пууннарга күөх төлөнү киллэриигэ сыһыаннаах боппуруостарга уурулунна. Саха сирин олохтоохторун ыйытыыларыгар «Быһа эпииргэ» бырабыыталыстыба чилиэннэрэ эмиэ хоруйдаатылар. Ситэриилээх былаас уорганнарын салайааччылара барыта 250-тэн тахса быһаарыыны биэрдилэр. Онтон атын ыйытыыларга хоруйдар чугастааҕы кэмҥэ бэриллиэхтэрэ.
Муус устар 26 күнэ.
Айсен Николаев дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – дойду Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев ыыппыт Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурук Сэбиэтин мунньаҕар Владивостокка кытынна. «Патриотическай» урутаан сайдыы сирин бырайыагын олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр. Юрий Трутнев ааспыт быыбардар дойду аҕа баһылыгын тула нэһилиэнньэ түмсүбүтүн чуолкайдык көрдөрбүттэрин, Уһук Илин эрэгийиэннэрэ Владимир Путиҥҥа күүстээхтик өйөөбүттэрин бэлиэтээтэ. «Патриотическай» ТОР чэрчитинэн дьаһаллары олоххо киллэрии олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга, анал байыаннай дьайыыга тиэрдиллэр бородууксуйаны кэҥэтиигэ көмөлөһөр. Ол курдук, Саха сиригэр «Сокол» снегоболотоходтары, дроннары уонна да атын ирдэнэр тэриллэри оҥороллор.
Мунньахха уокурук нэһилиэнньэтин уонна сирин ойуур баһаарыттан уонна халаан уутуттан харыстыырга бэлэмнэнии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Айсен Николаев Саха сиригэр халаан уутун аһардыыга дьаһаллар олоххо киирэллэрин туһунан иһитиннэрдэ. Муус харыытын утары сэрэтэр үлэлэр Өлүөнэ, Алдан, Халыма, Амма, Нүүйэ, Токко өрүстэр 79 учаастактарыгар ыытылыннылар. Билигин гидротехническэй тутуулары бэрэбиэркэлээһин ыытыллар. Ойуур баһаарын утары бэлэмнэнии сүрүн соругунан нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суох буолуутун хааччыйыы буолар. 950 км тахса уһуннаах минерализацияламмыт балаһалар уонна 550 км уһуннаах баһаары утары хаһыылар сөргүтүллэллэр. Ону сэргэ зондировщик көтөр ааллары туһаныы салҕаныаҕа. Бу ньыма көдьүүстээҕин дакаастаабыта. Эбии кэтээн көрүүлэргэ пилота суох көтөр аппарааттары туһаныахтара.
Муус устар 26 күнэ.
Ил Дархан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох ыаллары социальнай өйөөһүн эбии дьаһалларын туһунан» ыйаахха илии баттаата. Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыалга олорор дьиэ-уот, хомунаалынай өҥө иһин төлөбүр 30 бырыһыаныттан намыһаҕа суох суумаҕа чэпчэтии оҥоһуллар. Элбэх оҕолоох ыал оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоро босхо аһынан хааччыллыахтара, куорат иһигэр уонна куорат таһынааҕы оптуобустарга, дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох, босхо айанныахтара. Бу эбии дьаһаллар 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киириэхтэрэ. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 34 тыһ. тахса элбэх оҕолоох ыал баар.
Муус устар 27 күнэ.
Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бу күн төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит cаргылаах сарсыҥҥыта салалларыгар олохторун анаабыт дьоммутугар дириҥ ытыктабылбытын этэр күммүт диэн бэлиэтээтэ. Саха Автономиятын төрүттээччилэр – Максим Кирович Аммосов, Платон Алексеевич Ойуунускай, Исидор Никифорович Барахов уонна кинилэр дьыалаларын салҕааччылар Сахабыт сирэ чэлгийэ сайдар суолун тэлбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев уонна кини соратниктара Саха сирин аныгы историятын түстээбиттэрэ. Бүгүн үйэлээх үгэстэри утумнаан, Саха сирин олохтоохторо сыралаах үлэлэринэн олорон ааспыт көлүөнэлэр ситиһиилэрин, кыайыыларын үксэтэллэр, чиҥэтэллэр. Дойду модун кыаҕын бөҕөргөтүүгэ өрөспүүбүлүкэ дьоһун кылаатын салгыы киллэрэр.
Муус устар 27 күнэ.
Ил Дархан Саха Автономиятын төрүттэспит Платон Алексеевич Ойуунускай мэҥэ өйдөбүнньүгэр сибэкки дьөрбөтүн уурда. «Биһиги биллэр судаарыстыбаннай диэйэтэллэри — Платон Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы уонна кинилэри кытта бииргэ үлэлээбит дьону ахтар-саныыр, махтанар күммүт, кинилэр модун санаалара, тулуурдара, дойдуларыгар тапталлара уонна норуоттарын туһугар эппиэтинэстэрэ Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буоларын ситиһэн, улахан уларыйыылары оҥорбута», — диэн кини бэлиэтээтэ.
Муус устар 27 күнэ.
Айсен Николаев Дьокуускайга Муусука Үрдүкү оскуолатын саҥа комплексын тутуу бастакы сыбаайатын түһэрии сиэригэр-туомугар кытынна. Ил Дархан биһиги бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев төрүттээбит Муусука Үрдүкү оскуолата өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн муусука эйгэтигэр каадырдары бэлэмниир акылаатынан буолар, салгыы Саха сирин уонна Арассыыйа муусукатын үөрэҕэр флагман быһыытынан хааларыгар бары усулуобуйа тэриллиэҕэ диэн бэлиэтээтэ. Айсен Николаев дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сиригэр кэлэ сылдьан, Муусука Үрдүкү оскуолатыгар сылдьыбытын, талааннаах оҕолорбут классическай айымньылары толорон сөхтөрбүттэрин истиҥник ахтарын бэлиэтээтэ. 240 миэстэлээх үөрэнэр куорпустаах, кэнсиэртиир саалалаах уонна 150 миэстэлээх интэринээттээх эбийиэк 2026 сыл сайыныгар тутуллан бүтүөхтээх.
Муус устар 27 күнэ.
Ил Дархан Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда. «Доҕордоһуу» уордьанынан Саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева, Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Андрей Федотов, «Бочуот» уордьанынан педагогическай наука доктора, успуорду уонна физическэй култуураны тэрийээччи Михаил Гуляев уо.д.а. бэлиэтэннилэр. Биллэр судаарыстыбаннай уонна хаһаайыстыбаннай диэйэтэл, өр сылларга «Сардаана» фабриканы салайбыт Иван Петрович Спиридонов «Хотугу сулус» уордьанынан наҕараадаланна. М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет мэдиссиинэ институтун профессора, мэдиссиинискэй наукар дуоктара Пальмира Георгиевна Петроваҕа «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо» аат иҥэрилиннэ. Биллэр суруналыыс Иван Игнатьевич Николаевка П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ туттарылынна.
Муус устар 27 күнэ.
Дьокуускайга опера уонна балет тыйаатырыгар ыытыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ Айсен Николаев тыл этэригэр муус устар 27 күнэ – биһиги хотугу сирбит элбэх омуктаах норуотун түмэр бэлиэ күнүнэн буолар диэтэ. «1922 уонна 1992 сылларга бу күн Саха сирин инники дьылҕата түстэммитэ. Өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит уонна кинилэр дьыалаларын салҕаабыт, Улуу Арассыыйа састаабыгар төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит сайдарыгар олохторун анаабыт дьоммутугар ытыктабылы кэрэһилиир күн буоларын санатта. Саха сирин бары эйгэҕэ ситиһиилэрин уонна инники сайдар кэскилин тосхоллорун туһунан эттэ. Арассыыйа норуотун кытта бииргэ судаарыстыбабыт тутулуга суох буолуутун, төрүт үгэстэрбитин уонна сыаннастарбытын туруулаһабыт, бары бииргэ кыайыыны чугаһатабыт», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Муус устар 27 күнэ.
Айсен Николаев «Саха Өрөспүүбүлүкэтин креативнай экэниэмикэтин сайдыытын туһунан» ыйаахха илии баттаата. Сүрүн соругунан 2030 сылга креативнай индустрия эйгэтигэр дьарыктаах нэһилиэнньэ ахсаанын 70 тыһ. диэри улаатыннарыы буолар. Креативнай эйгэ таһыма бу сылы кытта тэҥнээтэххэ икки төгүл улаатыаҕа. Онуоха креативнай индустриялары өйүүр анал дьаһаллар ылыллыахтара. Ол курдук, тас дойдуларга бородууксуйаны таһаарыыга, саха киинэтиттэн дохуотун улаатынарыыга, анимацияны көрөөччү ахсаанын улаатыннарыыга туһуламмыт тэрээһиннэр олоххо киириэхтэрэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Күөххэ үктэнэрбит чугаһаан, санаабыт өрө көтөҕүллүбүт кэмигэр бу күннэргэ үлэни өрө тутан, чэбдигирэр кэммит таһаарыылаах буоллун, булчуттарга байанай тосхойдун.
Афанасий Ноев