Балаҕан ыйын 10 күнэ. Ил Дархан Казахстаҥҥа үлэтинэн сырыытыгар Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччылара Роман Скляры уонна Серик Жумангарины кытта көрүстэ.
Кэпсэтии Саха сирэ уонна Казахстан икки ардыгар атыы-эргиэн улаатыытын боппуруоһун тула буолла. Чуолаан, ювелирнай оҥоһуктары экспортааһын ыйытыытын көрдүлэр.
«Кэлиҥҥи биэс сылга Саха сирэ Казахстаны кытта атыытын-эргиэнин кээмэйэ 40 төгүл улаатта. Ити үлэ үчүгэйдик барарын көрдөрөр. Биһиги атыы-эргиэн кэҥээн иһэригэр ирдэнэр усулуобуйаны салгыы тэрийэр санаалаахпыт», – диэтэ Айсен Николаев.
Санаттахха, Саха сирин ювелирдара бэйэлэрин бородууксуйаларын Астанаҕа бизнес-миссия чэрчитинэн көрдөрбүттэрэ. Оттон бу саас Казахстан национальнай музейыгар «Сокровища Якутии» быыстапка буолбута.
Балаҕан ыйын 11 күнэ. Айсен Николаев Ыччат дьыалатыгар федеральнай агентство салайааччытын солбуйааччыта Дамир Фаттаховы кытта көрүстэ.
Кэпсэтии сүрүн боппуруоһунан өрөспүүбүлүкэҕэ ыччат бэлиитикэтин олоххо киллэрии уонна эдэр дьон бары өттүнэн сайдарыгар ирдэнэр усулуобуйаны тэрийии буолла. Биир бырайыагынан «Патриот» ыччат киинин дьиэтин
өрөмүөннээһин буолар. Саха сирэ бу сыалга «Регион для молодых» бырагыраама Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһун чэрчитинэн 128 мөлүйүөн солкуобайы кыайда. Бу ыччат бэлиитикэтин сайыннарыы бырагырааматын дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан олоххо киллэрэллэр.
Көрсүһүүгэ салайааччылар Саха сиригэр ыытыллар ыччат бөдөҥ тэрээһиннэрин – «ТАБЫС» култуура-үөрэх фестивалын, «Юнармия» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо-ыччат байыаннай патриотическай уопсастыбаннай хамсааһынын өрөспүүбүлүкэтээҕи патриотическай слетун тэрийии туһунан кэпсэттилэр.
Каадырдары талыыга уонна үрдүк квалификациялаах көдьүүстээх салайар хамаанданы хомунууга «Саха сирэ, иннибит диэки!» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус ыытылынна. 2023 сылга куонкуруска 537 сайаапка киирдэ, түмүктүүр түһүмэххэ 23 оройуонтан 93 киһи таҕыста. Муҥутуур баалы ылбыттар Саха сирин салайар каадырдарын резервэтигэр киллэриллэллэр уонна бырабыыталыстыбаҕа салайар үлэҕэ ананнылар.
Ил Дархан Ыччат дьыалатыгар федеральнай агентство салалтатын «Муус Устар – 2025» ыччат фестивалыгар кыттыыны ыларга ыҥырда, итиэннэ фестивал 2025 сылга «Росмолодежь.Гранты» тэрээһини ханна ыытары быһаарар куонкуруска кыттарга бэлэмин эттэ.
Маны сэргэ Айсен Николаев Дамир Фаттаховтыын «Кыталык көтүүтэ» научнай орнитологическай обсерваторияны Ыччат дьыалатыгар федеральнай агентство «Больше, чем путешествие» бырагырааматыгар киллэрии туһунан кэпсэттилэр. Бу бырагыраама Арассыыйаҕа ыччат уонна оҕо туризмын сайыннарыыга туһуланар. Биэдэмэстибэ Ил Дархан бу көҕүлээһинин өйөөтө.
Санатан эттэххэ, «Кыталык көтүүтэ» бырайыагы быйылгы Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа билиһиннэрбиттэрэ. Бу бырайыак туризмы, науканы, киинэ уонна хаартыска индустриятын, итиэннэ Кыһыл кинигэҕэ киирбит кыталыгы кэтээн көрүүнү, кини көтүүтүн онлайн-көрүүнү түмүөҕэ.
Балаҕан ыйын 12 күнэ. Саха сирин креативнай экономикаҕа уопутун дойду эрэгийиэннэригэр тарҕаталлар. Ил Дархан Москваҕа үлэтинэн сырыытыгар Стратегическай көҕүлээһиннэр агентстволарын креативнай экономиканы
сайыннарыыга киинин дириэктэрэ Екатерина Черкес-задены кытта көрүстэ. Салайааччылар креативнай индустрияны сайыннарыы эрэгийиэннээҕи стандартын киллэрии ыйытыыларын ырытыстылар.
Бу стандарты Стратегическай көҕүлээһиннэр агентстволара 2023 сыллаахха Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан оҥорбута. Сыл иһигэр манна дойду 50-чэ субъега киирдилэр.
«Сыл иһигэр Стандартка 55 субъект киирдэ. Стандарт сүнньүгэр биһиги өрөспүүбүлүкэбит уопута сытарыттан киэн туттабыт», — диэтэ Айсен Николаев.
Стратегическай көҕүлээһиннэр агентстволара стандарты оҥороругар эрэгийиэннэр бастыҥ практикаларын туһанна. Манна дойду 7 эрэгийиэнин практиката, ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин киэнэ киирдэ. Саха сирэ креативнай индустриялары сайыннарыыга инники күөҥҥэ сылдьар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2030 сылга креативнай индустриялар баалабай эбиллибит сыаналара 113 млрд солкуобайга тиийэ улаатыа диэн сабаҕалыыллар. Ити 2023
сыллааҕы көрдөрүүттэн 1,9 төгүл улахан.
Балаҕан ыйын 13 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Судаарыстыбаннай сэбиэтин «Энергетика» хайысхатыгар мунньаҕын ыытыаҕа. Ил Дархан дойду Судаарыстыбаннай сэбиэтин «Энергетика» хайысхатыгар хамыыһыйатын
бэрэссэдээтэлин быһыытынан былааннаммыт тэрээһини Москваҕа Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Александр Новагы кытта көрсүһүүтүгэр дьүүллэстэ.
Салайааччылар балаҕан ыйын 26-28 күнүгэр Арассыыйатааҕы энергетическай нэдиэлэ чэрчитинэн ыытыллар мунньах ыйытыыларын көрдүлэр. Итини сэргэ Айсен Николаев Александр Новактыын өрөспүүбүлүкэ электрическэй уокка тарыыптарын уонна таас чоҕу экспортааһыҥҥа нолуокка бэлиитикэтин туһунан кэпсэттэ.
Санатан эттэххэ, Айсен Николаев Арассыыйа Судаарыстыбаннай сэбиэтин «Энергетика» хайысхатыгар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн быйыл от ыйыгар дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан анаммыта. Кини бу мунньаҕы аан бастакытын ыытыаҕа.
Балаҕан ыйын 14 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускай куоракка Ленин болуоссатын тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Ил Дархан эбийиэги алтынньы саҕаланыытыгар үлэҕэ киллэрэргэ соруйда. Болуоссакка билиҥҥитэ тимир колуонналары — сэргэлэри туруоран уоттарын холбуу сылдьаллар. Фонтан таһыгар ландшафтнай амфитеатр оҥордулар. Бу күннэргэ манна газон буолуохтаах сиригэр буор куттулар, итиэннэ харысхал ойуулаах тротуары ууран бүтэрэн эрэллэр. Эбийиэк бэлэмэ – 86%. Тутууга 50-ча киһи үлэлии сылдьар.
Куорат тутулла турар эбийиэктэринэн сырыытыгар Ил Дархан Стадухина уулуссаҕа баар 29 № — дээх оскуолаҕа эбии тутууну көрдө. Айсен Николаев ыытыллыбыт үлэни үрдүктүк сыаналаата уонна эбийиэги сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киллэрэргэ дьаһал биэрдэ. Эбийиэк бэлэмэ – 78%.
Айсен Николаев Дьокуускай тутулла турар «Звезднай» микрооройуонугар сырытта. Ил Дархан социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэктэри тутууну бэрэбиэркэлээтэ. Кини искусственнай муустаах уораҕайы тутууну түргэтэтэргэ дьаһайда. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга микрооройуон эбийиэктэрин тутуу бытааннык ыытыллар диэн кириитикэлээтэ. Итини сэргэ кини манна 315 миэстэлээх оҕо саадын, 112 МВт кыамталаах Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы тутууну билистэ.
«Звезднай» микрооройуоҥҥа комплекснай тутуу ыытыллар. Манна олорор дьиэ-уот уонна араас инфраструктурнай эбийиэктэр киирэллэр. Оҕо саадын, муус уораҕайы, хочуолунайы таһынан 990 миэстэлээх оскуола тутуллар. Итиэннэ өссө улахан поликлиниканы тутарга былаанныыллар.
Барыллаан «Звезднайга» 263 тыһ. кв. миэтирэ олорор дьиэ, 6,2 км бэлэсипиэт ыллыга тутуллуоҕа. Микрооройуон сирин-уотун аҥаарыттан ордугар пааркалар уонна сквердар оҥоһуллуохтара.
Афанасий Ноев.