Ил Дархан Тааттаҕа сырыытыттан

 

От ыйын 11 күнүгэр Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Тааттаҕа кэлэн үлэлээн барда. Бу сырыытыгар Ил Дархан , бэйэтэ эппитинии, чопчу икки суол боппуруоска Таатта улууһун дьаһалтатын, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местниковтыын СӨ министиэристибэлэрин миниистирдэрин, бэрэстэбиитэллэрин, нэһилиэктэр баһылыктарын   кытта эһиил ыытыллар XXII “Манчаары оонньууларын” тула уонна 11 улуус баһылыктара кыттыылаах окко киирии, сүөһү эбии аһылыгын бэлэмнээһин тула кэпсэттэ. 

Бу боппуруостарынан кэпсэтии, сүбэлэһии, ырытыһыы хайдах барбытын туһунан “Таатта улууһа” муниципальнай оройуон аҕа баһылыга Айаал Бурцев санаатын тиһэбин:

“ Ил Дархан Айсен Николаев “Монтажник” ХЭТ тутар объектарыгар үп-харчы, үлэ хаамыытын болдьоҕор бүтэригэр эрэлин биллэрдэ.  Элбэх көрүҥнээх физкультурнай чэбдигирдэр комплекс тупсаҕай көстүүтүн оҥорорго ( дьиэ аттыгар 4700 кв. м.  иэннээх балаһаакката кытаанах матырыйаалларынан (асфальт, бетон) бүрүллүүтэ, киэргэтиитэ)  контраакка киирбэтэх эбии үп наадатын эппиппитин  Ил Дархан төһө-туох наадатын суоттааҥ уонна көрүүгэ киллэриҥ диэн сорудахтаата.

Маны таһынан Дьохсоҕоҥҥо Кыра стадион тутуутугар 50 мөлүйүөнү өрөспүүбүлүкэ икки сылга хайытан бюджекка көрөн үбүлүүрүгэр сорудахтаата, хаалбыт 13 мөлүйүөнүн улуус уонна Дьохсоҕон нэһилиэгин дьаһалтата бюджеттарыгар, эбиитин спонсордар, субуотунньуктар көмөлөрүнэн көрүнэргэ диэн быһаарыныы ылыммыппытын Ил Дархан өйөөтө.

Октябрьскай нэһилиэгэр спортивнай саала тутуутугар улуус дьаһалтата сакаасчыт буолан, саҥаттан бырайыак оҥотторон, урукку былааннаммыт 135 мөлүйүөнтэн  аһаҕас конкурс түмүгүнэн 116 мөлүйүөн сууммаҕа таҕыста. Бэдэрээччит көһүннэ,бу сылга бүтэриэхтээх.

24 мөлүйүөн экономия таһаарыллыбыт харчытын  Ил Дархан ылынан, эбийиэк дизайн-бырайыагын уонна иһинээҕи малын-салын булууга төттөрү биэрэргэ  СӨ үп миниистиригэр  И.И.Алексеевка сорудахтаата.

Ипподром тутуутун урукку бырайыагынан сууммата 42 мөлүйүөн этэ. Ону атын улуустарга тэҥнээтэххэ сууммата олус улахан диэн  бырайыакка көннөрүү киллэрдибит. Ол түмүгэр ипподром тутуутун сыаната 15.9 мөл тэҥнэстэ. Трибуна тутуутугар 10 мөл көрүллүбүтүттэн 7.8 мөлүйүөн сууммаҕа бэдэрээччик  балаҕан ыйыгар  аҕалан трибуна туруоруохтаах.

10 мөлүйүөнтэн тахсыбыт экономияны уонна 5 мөл кэлбит харчыны холбоон, аукциоҥҥа таһааран фундамент, судейскай площадка, туалет оҥоһуллуохтаах. Онтон атынын, олбуорун, сценатын, стартовай массыына, аты түһэрэр эстакада, аты тутар сир (навес)  бэйэбит күүспүтүнэн тутуллуохтаах. 1000 миэстэлээх ипподром сууммата аччаан, көстүүтэ мөлтүүр диэн санаа дьоҥҥо кииримиэн наада. Саҥа ипподром урукку ипподром халыыбынан оҥоһуллар, ол эрэн тас көстүүтэ ордук, үчүгэй буолуохтаах.

Биир үтүө сонуммут диэн өр сылга тутуллубакка турбут Ленин уулуссатыгар турар таас дьиэни Духовность киинин тутарга диэн общественнай Сүбэ , улуус дьокутааттарын быһаарыыларын  эппиппитин Ил Дархан өйөөтө.

Ытык Күөл биэрэгин тупсарыы үлэтигэр аан бастаан 27 мөл. сууммаҕа бэдэрээччит аккаастаабытынан аукцион иккистээн биллэриллибитэ, онтон 83 мөл. сууммаҕа аукцион биллэриллэр да, кыттааччы суох. Онон билигин холбоон 106 мөл. саҥаттаан биллэрилиннэ, ол иһин бириэмэҕэ сүүйтэрии таҕыста.

ОДЬКХ министиэристибэтин кытта үлэҕэ Ытык Күөлгэ 1 уонна 4 хочуолунайдара, Олимпийскай бөһүөлэк хочуолунайын өрөмүөннэрэ, уларытыылара 2025 сылга оҥоһуллуохтаахтар.

Оскуолалар уонна оҕо сааттарын өрөмүөннэригэр бырайыак быһыытынан 49 мөлүйүөн көрүллүбүтэ , харчыта бытаарда. Ил Дархан хамаандатыгар киирсэн, СӨ үөрэҕириитин миниистирэ Н. .Соколова кэлэн, сирэй объектары көрөн, билсэн барда. Үбү быһаарыахпыт диэн эрэннэрдэ.

“Манчаары оонньуутугар” төнүннэххэ, “Оонньуулар” балаһыанньаларын быһыытынан легионерство боппуруоһугар спортсмен улууска 3 сыл бэтэрээ өттүгэр олорор туоһу суруктаах буолуохтааҕа, ат сүүрдүүтүгэр “Оонньуулар” төрүт саха спордун  көрүҥнэригэр ыытыллалларынан саха аттара киирсэллэрэ ордук диэн санаа этилиннэ.

Күн иккис аҥаарыгар өрөспүүбүлүкэ 10 улуустарын баһылыктара мустаннар СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин , СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников , тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын салайааччылара быйылгы оттооһун ,эбии аһылыгы оҥоруу боппуруостарыгар биир-биир санааларын эттилэр. Бу Сүбэ иннинэ улуус 7 тэрээһиннээх хаһаайыстыбалара “Кормопрозводство” өрөспүүбүлүкэтээҕи программатынан саҥа трактордары Ил Дархан илиититтэн күлүүһүн тутаннар үөрдүлэр. Манна эбэн эттэххэ, бу программанан улуус үрдүнэн 23 тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах техника ылаллар.

Таатта улууһугар “ПЭК” ( Победа. Эрэл. Кэскил) диэн ааттаах ыһыыны ыытарга суоттанар саҥа тэрилтэни астыбыт, үлэтин саҕалаата. Бу тэрилтэҕэ улуус дьаһалтата уматыкка көмө оҥордо. Түмүгэр хаһаайыстыбалар оҥорон таһаарар бородууксуйаларыттан 10 бырыһыанын улууска биэрэр соруктаахтар.

Мунньах кэмигэр Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев «Манчаары оонньуутугар” үөһээ өттүнэн сабыылаах сыана тутан бэлэхтиибит диэн эттэ. Атын улуустар бары “Манчаары оонньуутугар” көмөлөһүөхпүт, фондаҕа үп – харчы угуохпут диэн эрэннэрдилэр.

Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев биһиги көрдөһүүбүтүн, туруорсууларбытын барытын ылынна уонна “Манчаары оонньуулара” Таатта улууһун сайдыытыгар улахан оруоллаахтарын, туруоруллубут соруктар туолууларыгар нэһилиэнньэ улахан көмөтө, биир санаанан турунуута наадатын чопчулаан эттэ

Айаал Бурцев  Ил Дархан Айсен Николаев үлэтинэн кэлэн барбыт сырыытынан олус астыммытын, улуус сайдыытыгар сүдү көмөлөөх буоларыгар бүк эрэнэрин биллэрдэ. Бу бэлиэ күн туһунан сиһилии “Таатта” хаһыат 28 нүөмэригэр ааҕаарыҥ диэн ыҥырабыт.

Анна Посельская

 

 

Видеоматериалы бэлэмнээтэ Михаил Копырин