Сэтинньи 1 күнүгэр Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр иккис төгүлүн ыытыллар «Илин эҥэр кубогар» доруобуйаларынан хааччахтаах мөлтөхтүк көрөр дьон икки ардыларыгар голбол күрэһэ буолан ааста.
Манна Амма,Чурапчы, Таатта, Мэнэ Хаҥалас хамаандалара сүрдээх бэлэмнээх кэлэннэр чаҕылхай оонньуулары көрдөрдүлэр.
Эрийсиилээх, хатыһыылаах киирсии түмүгэр хаамандалар маннык ситиһиилэннилэр:
Дьахталлар хамаандалара:
Амма улууһа — 1 миэстэ.
Татта улууһа – 2 миэстэ.
Чурапчы улууһа – 3 миэстэ буоллулар.
Эр дьон хамаандаларыгар:
Мэҥэ Хаҥалас — 1 миэстэ.
Амма — 2 миэстэ.
Чурапчы — 3 миэстэ.
Турнир түмүгүнэн учугэй оонньооччуларга анал ааттар иҥэрилиннилэр:
Эр дьоҥҥо:
«Лучший нападающий» –Анатолий Жариков (Таатта).
«Лучший защитник» –Дьулус Беляев (Чурапчы).
Дьахталларга:
«Лучшая нападающая» –Мария Уваровская (Амма).
«Лучшая защитница» – Эмма Петрова (Таатта).
Анал аат хаһаайыттарын Жариков Анатолийы, Петрова Эмманы хамаандам бары кыттааччыларын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибит! Инникитин даҕаны өссө да урдук чыпчааллары, тус олоххутугар дьолу-соргуну.
Күрэскэ бэлэмнээн илдьибит адаптивнай тренербитигэр Николай Николаевич Власовка барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Светлана ДОРОФЕЕВА,
Тааттатааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах истибэттэр, көрбөттөр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ.