—
АРАЙ БИИРДЭ…
Тэлгэһэ улэтиттэн дьиэҕэ киирбитим, арай тэлэбииһэргэ сахалыы ханаалга биир Далбар Хотуна холку баҕайытык тугу эрэ кэпсии олорор эбит. Аахайбакка сылдьан иһиттэхпинэ, арай 10-чалаах уолум «мин эһэ тириитин уонна быарын сүгэн илдьиэм этэ» — диэтэ, ону истэн тэлэбииһэрим диэки хайыһан, чугаһаан иһиттим. Онтум бултуу сылдьан эһэҕэ түбэһэн, тэҥҥэ киирсэн, ытан, астаан баран мотуоркалаах эр дьон кэлэн ааһыахтаах сирдэригэр сүгэн, өрүс биэрэгэр киириэхтээхтэр эбит. Ортотуттан көрбүт буолан сорох кэпсээнин истибэккэ хааллым.
ТОХТУУ ТҮҺЭН БАРАН
Евдокия Игнатьевна Избекова Ленскэй улууһугар олорор кадровай булчут, Валентина Егоровна Колосованы кытта Орто Наахараҕа тиийэн кэпсэппит биэриитэ буоларын биллим. Дьэ кырдьык бэрт биэрии буолбут, кэпсиирэ да холкута, боростуойа, киһи эрэ истэ олоруох курдук. Ортотуттан эрэ истэн хаалан туохтан эрэ үчүгэйтэн маппыт кыра оҕо курдук санааҕа киирэн хааллым. Оксиэ! дьэ аттыгар олорон сиэр туом, тыа иччитэ, айылҕа дьиктитин көрбүтүн, көрбөтөҕүн ыйыппыт киһи баар ини, туох диэ эбитэ буолла. Абааһы, иччи диэни итэҕэйэрэ эбитэ ду? көрбүтэ эрэ, суох эрэ… Син балай эмэ, хас да күн санаа оҥостон илдьэ сылдьан баран, Евдокия Игнатьевнаҕа эрийэн, оҥорбут үлэтин иһин махтанан «бэрт да биэрии буолбут» — диэн этэн туран, ортотуттан эрэ тиксэн хаалбыппын хомолтобун этэн, кэпсэппит киһи, дойдум дьонун булчуттарыттан ыйытар ыйытыыларбар кини туох диэ эбитэ буолла, түлүпүөнүн нүөмэрин хантан булан киһи кэпсэтиэн сөбүй, баһаалыста миигин биир Таатта киһитэ баар, билэр киһим диэн этэн туран, кэпсэтиэн баҕарар , диэн этиэн дуо, диэн көрдөстүм.
ХАТА АККААСТААБАТА
Евдокия Игнатьевна хата солом суох, үлэлии олоробун диэбэтэ. Куоракка балтыта олорор, кинини кытары кэпсэтэн, ыйыталаһан билиэхпит диэтэ. Ол күҥҥэ эбитэ дуу, сарсыныгар эбитэ дуу, бассаапка Валентина Егоровна Колосова — Ленский улус Орто Наахара — диэн түлүпүөн нүөмэрэ кэллэ. Үөрэ-көтө күннүкпэр сурунан дьэ холкутуйан кэпсэтии ис торумун бэрээдэктээн баран, биир үтүө күн эрийдим. Түлүпүөнүн тутатына ылан кэпсэттибит.
Таһырдьа сылдьар буолан, киэһэ үлэ чааһын кэннэ кэпсэтиэх буоллубут. Дьэ, аҕыс чаас саҕана эрийдим, ол курдук кэпсэтиибитин саҕалаатыбыт. Бастатан туран хантан, ким эрийэрин, тоҕо сураһарын быһаардым. Ол курдук, бэрт биэрии көстүбүтүн сороҕун эрэ истэн хааламмын, аҕыйах ыйытыылаахпын диэтим.
ААН БАСТААН
Аан бастаан, били хойутаан истибит буолан, уон саастаах эһэ тириитин уонна быарын сүгүөм диэбит уол дьылҕатын ыйыттым. Кинилэр бөһүөлэктэригэр олорор ыал оҕото эбит, Валентина Егоровна бултууругар батыһан, бииргэ сылдьыһара эбитэ үһү. Эһэҕэ түбэһэллэригэр куттанан куоппутун, эһэни охторон баран, уолун нэһиилэ тохтотон, ыҥыран аҕалбыт. Иккиэ буолан оҥоһуллуохтааҕы оҥорон, улахан сүгэһэр курдук сүгэр мөһөөчччүктэригэр хаалаабыттар, уола эбии биир холу ылаары гыммыта ыарахан буолан, бэйэтигэр ылан таһаҕастарын сүгэн, өрүс биэрэгэр киирбиттэр. Киэһэ мотуорканан бииргэ бултуур дьоно төннүөхтээхтэрин билэр буолан, биэрэккэ киирбиттэр. Кэлин уолун дьылхатын ыйыппыппар, улаатан армия кэннэ Ньурба улууһугар Хорулаҕа олохсуйан, сэттэ дуу, аҕыс дуу оҕолоох ыал аҕата буолбут.
СИЭРИ-ТУОМУ ТУТУҺУУ…
Соҕотоҕун тыаҕа сылдьар соччото суох буолуо диэбиппэр: — ким билэр, кыһанааччым суох. Бэйэм ханна баҕарар тохтоон, хонон ааһааччыбын, кыһаммаппын. Үүтээҥҥэ киирэн уот оттон, орону оһох аттыгар соһон аҕалан хата кимнээҕэр үчүгэйдик утуйан турааччым.
Сиэри-туому тутуһабын, туох баарынан уллэстэбин. Улахан Тыатааҕыны бултуйдахха, тиит маска бэлиэ охсон, сүрэҕин хаанынан сотон бэлиэлиигин. Сыппыт олбоҕуттан таһааран баран, суолун устун чараас гына тэлгэтэн, «бу мин кэлэн илтим» — диэн суол-иис хааллараҕын. Тыатааҕы элбэх кэмигэр үстүүнү, иккилиини киллэрэр булчуттар элбэхтэр этэ, муҥутаан биһиги биэһи киллэрбиппит.
АРҔАХХА СЭРЭХ НААДА
Арҕахха сэрэх наада, үрдүттэн маһынан анньыалыы сылдьан иһирдьэ түһэн хаалыахха сөп. Арҕах айаҕынан угуллубут мастары туой иһирдьэ соһор идэлээх, таһын диэки сараама аспат. Ыттарым олохтоох булчуттар, онон түүлээҕи үрэн, тыаҕа баран хааллахтарына, хайаан да батыһан тиийэн ытыаххын наада. Батыспатаххына, быһаарбатаххына күнү быһа сылдьыахтара. Сороҕор батыһан ыраатан хаалаҕын, оччоҕо хайыаххыный? хоноргор тиийэҕин. Улахан сыгынах анныгар тыала суох сири булан, уот оттон, хонон тураҕын. Үчүгэй ыттардаах буоллаххына, тыаҕа толлубакка, эрэллээхтик сылдьар буоллаҕыҥ дии.
ТЫАҔА БИИРДЭ ЭМИТ МУММУТУҤ ДУО?
Төһө да хараҥардын тыаҕа муммаппын. Кыра сылдьан ийэбин кытары батыһа сылдьан бултуур этибит, ийэм кадравай булчут этэ. Тыаҕа хаамарга, хараҥаҕа сирдэтинэргэ киниттэн үөрэммитим. Тиит мас лабаата күн хайысхатыгар лабаалара уһун буолар. Онон сирдэтэн, тиийиэхтээх сирим туһаайыытын сүтэрбэт этим. Үксүн, тыаҕа хоммокко, күнүнэн сылдьар буоларбыт. Ыраатан хааллахха, улаханнык бултуйдахха, хайыаххыный, хоноргор тиийэҕин.
ТҮҮЛ-БИТ ДИЭ…
Син ону-маны түһүүр этим да, кыһаммат, аахайбат этим.Биир бииргэ бултаһар киһилээх этим, ол дьэ түүллээх да, көрөр да, аһаҕас да, эттээх-харахтаах этэ. Түүлүн да, көрбүтүн да, кэпсээччитэ суох этэ. Төрүт ханна да хоммокко түүннэри дьиэтин булара. Итинэн барбаппыт, итиннэ тохтообоппут диэн быһаарынара. Тоҕо диэн ыйыттахха кэпсээбэт быһаарбат этэ. Мин төрүт көрбөт да, истибэт да этим. Син тулабытыгар туох эмит баара эбитэ буолуо да, санааҕар тута сылдьар саамай үчүгэй ытыыҥ хайдах этэй.Ким билэр, ити эн ыйытарын курдук ытыыбын бу диэн чопчу талан этэрим суохха дылы.Арай ийэбин кытары бултуу сылдьан, маска олорор көтөрү тумсун быһа ытыам диэн ытар этим.
ИЧЧИ ДИЭҤҤЭ СЫҺЫАНЫҤ…
Иччи диэни итэҕэйэбин, баар бөҕө буоллаҕа дии, туох барыта иччилээх ууҥ, тыаҥ, өтөҕүҥ… Мин бултуур сирим иччилэрэ саастаах эмээхситтэр этилэрэ. Былыр ити эҥэр олоро сылдьыбыт олохтоох дьон. Билигин суох буолбуттара ырааттаҕа дии. Мин бултуур сирим иччилэрэ миэхэ үчүгэйдик сыһыаннаһаллара. Биирдэ хонор сирбитин аһыы утаҕынан аһатан, уот оттон утуйа сыттахпына, олохтоох эмээхсин уһугуннарда уонна «тоҕойуом, ити уугут сырдыга баар дуо, итини соччо сөбүлээбэтибит» диэн буолла. Сарсыарда туран наадабытыгар туттар испиирбитин уулаан тутуннубут. Ити курдук кэпсэтээччилэр. Онтон, түүн эмиэ уһугуннаран «тоҕойуом крупчатка бурдук алаадьылааҕыҥ буолаарай, амсайбыт киһи» — диэн ыйытта. Сарсыарда туох баарынан алаадьы астаан биэрдибит. Миэхэ сыһыаннара үчүгэй этэ. Бэйэм дьиэм-уотум курдук санаан сылдьааччыбын. Бултаабытым, сылдьыбытым тухары үүрүллүбэккэ, үтүрүллүбэккэ этэҥҥэ сылдьыбытым. Харахпар да илэ туох да көстүбэтэҕэ.
ТҮМҮКТҮҮР САНААЛАРЫМ
Киһи төһө баҕар кэпсэтиэх эбит. Олорор да сирдэрэ-уоттара айылҕа киэнэ мааныта буоллаҕа. Баар дьон булда суох табыллыбаттар. Олохторо оннук буоллаҕа. Сурукпар-бичикпэр хаартыска көрдөөн, талан киллэртиэм этэ дии санаабытым. Ыыталаабыта да хаачыстыбата мин түлүпүөммүттэн тупсан кэлбэтэ. Биири, иккини талан киллэртиир инибин. Хас да сыллааҕыта кинигэ таһаартарбыт эбит. Куоракка баар балтытыттан ыйытан көрбүтүм, баҕар киһи тиксэн ааҕаарай диэн. Биири булар инибит диэбитэ. Кэтэспит кинигэлэрбиттэн биирдэстэрэ ол кинигэ буолар. Булчут байанайдаах уолаттартан ахтыылары хомуйталаабытым. Сиэр- туом, сир-дойду иччитэ диэҥҥэ, араас дьикти буолбут түгэннэртэн «арай биирдэ» — диэн буолбут түбэлтэлэри суруйталаабытым. Хаһан эмит, ханна эмит бэчээттэтиэм, суруйуом. Валентина Егоровна Колосова кэпсээннэрэ, сылдьыбыт сырыылара ханнык баҕарар кинигэни киэргэтэр, кэпсээн буолар. Ким эмит, хаһан эмит кэпсэтэн, кинигэ оҥорон таһаарыа диэн эрэнэбин. Биһиги өбүгэлэрбит сиэри-туому тутуһан, сир-уот ис хоһоонун убаастаан, олох олорон кэлбиттэрэ. Биһиги дьолбут, олорор олохпут буолбут эбит. Тугу да умнубакка, сүтэрбэккэ ыччаттарбытыгар тиэрдэр ытык иэспитин толорор туһугар, олох олорорбутун умнубакка, сутэрбэккэ олорор биһиги сорукпут буолар.
Гаврил Каприн, ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин бэтэрээнэ, «ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин састаабыгар Ийэ дойдуга эҥкилэ суох сулууспатын иһин» мэтээл толору кавалера, Чернобыль АЗС саахалын содулун туоратыы кыттыылааҕа.