«Мөккүөр ааһыа былаас да уларыйыа,
оттон эн дьонуҥ –сэргэҥ ортотугар үйэн тухары ороруоҥ…»
И.И. Николаев
Ааҕааччылардаах кинигэ син киһи курдук дьоллоох буолар. Игорь Игнатьевич Николаев «Судьуйа аараан аартыктара» кинигэтигэр билиҥҥи кэминээҕи биһиги олохпут ойууламмыта ааҕарга бэрт табыгастаах дии санаатым. Игорь Игнатьевич тус олоҕун кэннин хайыһан көрөрдүү олорбут олоҕун ахтыыга киллэрэн, биһиги оҕо эрдэҕинээҕи олохпутуттан саҕалаан, олох устун айаннаан, билиҥҥи кэммитигэр тиийэ суруйбут. Кинигэ араарыллыбыт кэрчиктэригэр барытыгар мин дойдум дьоно, доҕотторбут-атастарбыт, оҕо сааспыт кэрэ кэмнэрэ, оскуолатааҕы олохпут, устудьуоннаабыт кэмнэрбититтэн үлэһит дьон буола үүммүт, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыахпытыгар диэри сыллар-хонуктар кинигэҕэ тиһиллибиттэр. Баҕар, ол да иһин ааҕарга чэпчэки буолуо. Кинигэҕэ бииргэ оонньообут, үөрэммит, үлэлээн ааспыт дьоммут ааҕан истэх аайы биир-биир көстөн кэлэллэр.
ОҔО СААҺЫМ КЭМНЭРЭ
Ахтыллан аастылар бииргэ улааппыт убайдарым, Илларион Федосеев, Иванов Валерий, Иннокентий Кочкин. Миссеев Миитээлээҕи кытта утарыта олорбут балаҕаммын санаан кэллим. Сотников Миисэ, Сааска Игорь Игнатьевич атастара, доҕотторо буоларын кэпсээтэ. Онтон мин кинилэри кытта суут дьиэтигэр олордохторуна бииргэ оонньуурбут. Рогаакка оҥостон, бадараан буулдьаны куурдан сыал да, моҕотой да ытарбыт. Кинигэттэн Сотниковтар кэлин Мэҥэ Ханаласка көспүттэрин биллим. Аҕаларын курдук судьуйа буолбуттар эбит. Сааска Сотников суотабай төлөпүөнүн булбутум, кэлин оҕо сааһы санаһан кэпсэтиллиэ. «Судьуйа аараан аартыктара» кинигэҕэ күн-дьыл ааһан, улаатан, Чурапчы интэринээтигэр тиийдибит.
ОСКУОЛАҔА ҮӨРЭММИТ КЭМНЭРБИТ
Ахтыыга оскуола саҕанааҕы кэмнэрбэр Чурапчы интэринээт оскуолатыгар үөрэммит кэмнэр суруллубуттар. Убайдарым баалларыттан сүрдээҕин үөрдүм. Игорь Игнатьевич суруйар, ахтар доҕоро-атаһа Сэргэй Лыткин интэрнээккэ баара. Тустар этэ. Кини туһунан кинигэҕэ үчүгэйдик да суруллубут. Сэргэйи кытта убайдарбыт Сахаачча, Володя Андрос, Саанка Аргунов, Илларион Федосеев, Валерий Иванов, Карпов Славка бааллар. Биһиги убайдарбытын эккирэтэ сылдьан көрөр этибит. Кырабытыттан кинилэр курдук буолуохпутун баҕарарбыт. Тусталларын көрөн ымсыыран, үтүктэн дьарыктанарбыт. Игорь Игнатьевич кинигэтигэр суруйар табаарыһа Сэргэй Лыткин оччолортон киэҥ-холку, үтүө уол этэ.
ЫРААХ УКРАИНАҔА ҮӨРЭНЭР КЭМНЭРБИТ
Игорь Игнатьевичтаах Украинаҕа Харьков куоракка үөрэнэр кэмнэригэр биһиги Донецкайынан Киевынан үөрэммиппит. Эмиэ чугас бииргэ сылдьыбыт эбиппит. Сэбиэскэй кэм ирдэбилинэн хайаан да үөрэниэхтээх, үөрэхтээх буолуохтаахпытын толорбуппут. Игорь Игнатьевич кинигэтигэр устудьуоннуу сылдьыбыт доҕотторун ахтан суруйбута хас биирдии ааҕааччыны устудьуоннаабыт умнгуллубат кэмнэргэ тиэрдэр, доҕотторун-атастарын санатар. Кинигэ сүдү күүһэ ааҕааччыга тиэрдэр түгэх санаатыгар сытар быһылаах дии саныыгын.
ААРМЫЙАҔА СУЛУУСПАЛААН, ЫТЫК ИЭҺИ ТОЛОРУУ
Игорь Игнатьевичтаах курдук ытык иэспитин толорон, аармыйаҕа ыҥырыллыбыппыт. «Судьуйа аараан аартыктара» кинигэҕэ биһиги олохпут кэрдиис кэмэ суруллан, аармыйаҕа сулууспалыыр кэммит ойууланар. Оччолорго Германиянан, Украинанан сулууспалаан, 1971-1988 сылларга төрөөбүт Сахам сиригэр кэлэбин. Дойдубар байыаннай комиссариакка үлэлээн, 1991 сылга бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыам иннинэ ССРС сэбилэниилээх күүстэрин министиэристибэтин бэтэрээнэ буолбутум. Кинигэ биһирэмигэр Изабелла Александровна Сивцева «Биһиги ССРС оҕолоробут» диэбитин санаан кэллим. Хайдах эрэ аны киэн туттуох санаа киирдэ. Кинигэҕэ суруллубут ити кэмнэргэ мин Сахам сиригэр баарым.
ДОЙДУБАР ҮЛЭЛИИР КЭМНЭРИМ
Игорь Игнатьевич кинигэтигэр үлэтин туһунан суруйбут кэмигэр биһиги эмиэ Сахабыт сиригэр үлэлии сылдьар этибит. Араас да уларыта тутуулар буолуталаабыттара. Кинигэҕэ суруллубут Президент быыбардара. М.Е. Николаев быыбартан туорааһыныгар биһиги үлэлии сылдьар кэммит тиһиллибит. Игорь Игнатьевич туһунан ахтыы суруйар Алексей Михайлович Ефимовтыын бииргэ үлэлээбит үтүө кэмнээхпин. Алексей Михайлович Өрөспүүбүлүкэҕэ киһи быраабын көмүскүүр систиэмэ салайааччытынан үлэлээбитэ. Оччолорго мин Тааттаҕа киһи быраабын көмүскүүр уполномоченнайынан үлэлээбитим. Кини Игорь Игнатьевич туһунан суруйуутугар сөпсөһөбүн. Кинигэҕэ Игорь Игнатьевич туһунан Саха норуота барыта билэр дьонун ахтыылара суруллубута, биһиги билбэт өттүбүтүн арыйар. Хомойуох иһин, кинигэтигэр суруйар табаарыһа, мин убайым Сэргэй Лыткин күн сириттэн бараахтаабыта. Барыан аҕыйах күн иннинэ быраатыттан суотабай төлөпүөнүнүн ылан, Москваҕа эрийэн кэпсэппитим. Кини миигин билбитэ, «Каприн-школа интернат» диэн хос ааппынан ааттаабыта. Мин ханна хайдах сылдьыбыппын, үлэлээбиппин ыйыталаспыта. Онно мин хантан билиэхпиний, убайым аҕыйах күнүнэн барыахтааҕын. Ыалдьа сытарын эппэтэҕэ. Куруук баар буолуо диэн пакааласпыппыт, сахалыы этэҥҥэ буолуох дэһиспиппит.
КИНИГЭНИ ААҔАН БАРАН
Киһини билэргэ үс суол ирдэнэр эбит. Бастакынан ытыктыыр киһин этиитэ. Иккиһинэн сирэй көрсөн кэпсэтэн билсиһии, үсүһүнэн туһааннаах киһиҥ дуоһунаһа буолбакка үлэтин үтүө түмүгэ. Ити хайысхаларынан Игорь Игнатьевиһы билэбин дуу дии санаабытым, төрүт билбэт эбиппин. Хантан билиэмий сахатын дьонугар суут үлэтигэр күүс-көмө буолбутун. Хантан билиэхпиний Арассыыйа таһымыгар буолуталаабыт уларыйыыларга, Саха сирэ сиэрин сүтэрбэтигэр киллэрбит кылаатын. Хантан билиэхпиний бэйэтин тус олоҕор буолбут түгэннэрин. Ону барытын кини кинигэтиттэн ааҕан биллим, ону даҕаны бэйэтэ кэпсиир санаалаах буолан, өйдөтөн-төйдөтөн иһитиннэрбитигэр биллим. Син биһиги курдук олох олорон кэлбитин. Ол иһин эппит буолуоххун сөп эбит киһи олоҕор оҥорбут алҕаһа, оҥорор үтүөтүнээҕэр элбэх диэн. Эн олоҕуҥ оннук буолбатах, ол чуолкай.
Чэ, итинник. Кинигэни ааҕан эйиигинниин оҕо эрдэхпиттэн билиҥҥи кэмҥэ дылы бииргэ олох устун айаннаан кэллим.
Гаврил Каприн: «Олоххо оҥорбут үтүөҥ баар алҕастаргынааҕар элбэҕэр саарбахтаабаппын».
Гаврил КАПРИН.