Таатта биир талааннаах кыыһа худуоһунньук, иллюстратор, модельер, иистэнньэҥ Саргылана Сунхалырова-Старостина быйыл олоҕун кэрэ-бэлиэ кэрдииһигэр, айар үлэтин 35 сылыгар, Россияҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылыгар, саха бастакы идэтийбит улуу худуоһунньуга Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылыгар анаан «Кэрэ сыдьаайар сырдыга» диэн ааттаах айар быыстапкалара төрөөбүт-үөскээбит Тааттатыгар, Тааттатааҕы хартыына галереятыгар уонна Дьокуускайга Хомус түмэлигэр ыытылынна.
Саргылаана – Мария Гаврильевна уонна Егор Федотович Сунхалыровтар маанылаан ииппит соҕотох кыыстара. Ийэтэ Мария Гаврильевна Коркина Чурапчыттан төрүттээх, көһүү оҕото. Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр баарсанан айаннаан, хайдах аччыктаан-хоргуйан, тоҥон-хатан Булуҥҥа тиийбиттэрин туһунан кыыһыгар биирдэ эрэ кэпсээбитэ. Мария Гаврильевна Таатта оройуоннааҕы балыыһатыгар сиэстэрэлээбитэ. Сымнаҕас илиилээх, амарах сүрэхтээх үрүҥ халааттаах аанньал быһыытынан биллэр. Аҕата Егор Федотович 47 сыл Таатта сибээһигэр үлэлээн монтертан саҕалаан начаалынньыкка диэри үүммүтэ. Саргылаана бэйэтин өйдүөҕүттэн харандааһы-киистэни тутан уруһуйдуурун сөбүлүүрэ. Оҕо саадыгар сылдьар кэмигэр кыһыҥҥы билбиэт үтүлүгэ кыччаабытын уһатан биэрбиттэригэр аан бастаан иннэни тутан оҕуруо аспытын умнубат. Оскуолатааҕы сылларыгар Тааттатааҕы музыкальнай оскуола ойуулуур-дьүһүннүүр салаатыгар Евдокия Билюкинаҕа, Гаврил Петровка дьарыктанан ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ.
Арай биирдэ Сунхалыровтар дьиэлэригэр төлөпүөн тыаһа өрө тырылыы түспүтэ: Саргы уруһуйдарын киин телевидениеҕа көрдөрөллөрүн туһунан соһуччу үөрүүлээх сурах кэлбитэ. Аҕата кимиэхэ да эппэккэ, дойду сүрүн ханаалыгар «В каждом рисунке солнце» диэн оҕо биэриитигэр Саргы ойууларын ыытан кэбиспитэ телевизорга көстөн бары үөрүү бөҕө буолбуттара. Бу түбэлтэ Саргылаана салгыы ойуулуур-дьүһүйэр баҕатын өссө күүһүрдүбүтэ, салгыы айарга-тутарга кынаттаабыта чахчы.
Сэттискэ үөрэнэ сырыттаҕына, бииргэ үөрэнэр кыыһа соһуччу «эн иитиэх оҕоҕун» диэбитэ Саргыга ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитин курдуга. Саҥата суох иһигэр «оччоҕо мин кимминий», «төрөппүттэрим кимнээхтэрий, ханна бааллара буолуой» диэн мучумааҥҥа ылларбыта, дьиҥ төрөппүттэрин билиэх баҕата үүйэ-хаайа туппута. Дьоно суохтарыгар докумуоннары хасыһа сылдьан төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэтин булан ылбыта, төрөөбүт сыла сөп түбэһэрэ. Аата атына, араспаанньата Иванова диэнэ, төрөөбүт сирэ Уус Амма диэн суруллубут этэ… Кимтэн да ыйытар кыаҕа суоҕа, сол курдук улахан ыйытыы кыыс оҕо дууһатыгар арахсыбаттыы уйаланан хаалбыта.
Саргылаана А.И. Софронов-Алампа аатынан Ытык-Күөл орто оскуолатын ахсыс кылааһын кэнниттэн П.П. Романов аатынан художественнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Намҥа практикаҕа тиийэн пленердии сырыттаҕына, биир күн уопсайга «эдьиийиҥ кэлэн кэтэһэн олорор» диэн илдьити тутан тиийбитэ. «Мин тастыҥ эдьиийиҥ буолабын. Бииргэ төрөөбүттэриҥ Чымынаайыга олороллор», — диэн кэпсээбитэ саҥа билсибит эдьиийэ. Ол сайын Саргылаана хаан дьонун Чымынаайыга баран көрсөн билсибитэ. Айбыт аҕата Григорий Ефимович Иванов, 1901 с. төрүөх киһи, булчут, тыыл бэтэрээнэ эбит. Ийэтэ Томпо Мэҥэ-Алданыттан төрүттээх Сусанна Васильевна Колодезникова аҕатыттан отут сыл балыс эбитэ үһү. Саргы аҕата 68, ийэтэ 38 саастаахтарыгар төрөөбүт. Ийэлээх аҕата күн сириттэн барбыттар эбит. Бииргэ төрөөбүт төрдүөлэрин, аҕаларынан эһэлэрэ Күөгэтэр уус диэн тимир ууһа эбитин билбитэ. Күөгэтэри удьуордаан бииргэ төрөөбүттэр уһанар, иистэнэр, уран тарбахтаах дьон эбиттэр.
Саргылаана салгыы Ленинградка В.И.Мухина аатынан художественнай-промышленнай училищеҕа чэпчэки промышленность салаатыгар модельер үөрэҕэр туттарсыбыта. Онтон Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа бииргэ үөрэммит уола Степан Старостинныын холбоһон ыал буолбуттара. Саргылаана үлэтин «Элегант» куорат ательетыгар худуоһунньук-консультанынан саҕалаабыта. Онтон дойдутугар Тааттаҕа эргиллэн кэлэн, П.А. Ойуунускай аатынан Тааттатааҕы норуодунай театрга иис сыаҕар сэбиэдиссэйдээбитэ. Бэһиэ буолан, уонунан көлүөнэ ыччаты үҥкүүгэ уһуйбут «Доҕордоһуу» ансамблга, сакааһынан нэһилиэктэр ансаамбылларыгар таҥастары тигэллэрэ, таҥас тигэн атыыга таһаараллара. 90-с сылларга, суверенитет көмүс сылларыгар, норуот сүргэтэ көтөҕүллэн, айар талаана арыллар кэмигэр Саргылаана Сунхалырова, «Саргылаана» диэн ааттаах сахалыы стилизацияламмыт муода театрын аспыта. Саха олоҥхотугар олоҕуран айбыт моделларын «Күн Дьөһөгөй», «Сир симэҕэ», «Аал Луук мас» диэн ааттаталаабыта. Оччолорго иистэниэх иһин матырыйаал да көстөн биэрбэтэ, кэмчитэ. Саргылаана «Сахабултан» араас ньыманан тирии, замша булан, Ытык Күөл буойунатыттан сылгы кылын-сиэлин хомуйсан, булбутун сыа-сым курдук тутан, сахалыы иис айымньылары айан таһаарталаабыта. Билигин туспа салаа быһыытынан тэнийбит кыл-сиэл оҥоһуктар аныгылыы сайдыыларын төрдүн уурбут киһи биһиги Саргылаанабыт буолар. 90-с сылларга киин куоракка «Саһарҕа» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи муода фестивала ыытыллар буолбута. 1992 сыллаахха бу фестивальга Саргылана Сунхалырова авангард муодатыгар бастыыр үрдүк чиэскэ тиксибитэ. Ол саҕана кинини «Эдэр саас» хаһыакка суруйан турабын. Биллиилээх бэйиэт Н.Е. Винокуров-Урсун «Таатта» түмсүүнү салайар кэмигэр Дьокуускайдааҕы «Таатта» түмсүү ыһыаҕын тэрийэрбитигэр Саргылаананы уонна «Айыы Куо» муода театрын эдэркээн кыргыттарын ыҥыран кытыннарбытым. Кэрэчээн кыргыттар Саргылаана таҥаһын кэтэн хааман көрдөрбүттэрин дьоммут-сэргэбит астына, киэн тутта көрбүттэрэ бу баар курдук.
Тааттаҕа иис сыаҕа сабыллыаҕыттан ыла Саргылаана айар үлэнэн дьарыктанар. Өссө устудьуон эрдэҕиттэн «Чуораанчык» оҕо сурунаалыгар ойуулуура, салгыы С.А. Новгородов аатынан «Бичик», билигин «Айар» кинигэ кыһатын кытта бииргэ үлэлээн, иллюстратор быһыытынан үгүс кинигэ ис хоһоонун арыйан байытан биэрэр ойууларынан киэргэтэр. Бастакы кылаас математикатын кинигэтин, «Муос Уол», Мария Федотова-Нулгынэт «Хорооло Хоһуун» о.д.а. үгүс оҕо кинигэлэрин Саргылаана ойуулара киэргэтэллэр. «Чуораанчыкка» оҥорбут кумааҕы куукулаларынан үгүс саха оҕото астына оонньообута.
«Оҕолорго анаан айарга, оҕо хараҕынан көрөн ойуулуохтааххын», — диир Саргылаана.
Саргылаана иистэнэр талааннаах. Хас биирдии оһуорга олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһар, ымпыктаан-чымпыктаан билэн эрэ баран иистэнэр. Сыыһа оһуору анньар сэттээх, иистэнэр киһиэхэ охсуулаах диир.
“Эдэрбэр илиибинэн сатаан туттубат буолуохпар, ама манан олоҕум бүттэ дуо диэн хомойо-куруйа саныахпар диэри бааһыран ыалдьыбытым. Онтон туох баар санаабын түмэн, илиим быһыта баран хаанынан оҕуолуу-оҕуолуу, ыарыыбыттан ытыы-ытыы, сымыһахпын быһа ытыран баран, уон тыһы хара күүспүнэн имиппитим. Онтон ыла ыарыым ааспыта», — диэн кэпсиир Саргылаана.
Саргылаана саха үгэс буолбут таҥаһын тигэр. Киниэхэ ыал ыалынан тиктэрэр. Р.П. Неустроев, Е.Е. Борисов, Г.Д. Никонов, П.Е. Захаров дьиэ кэргэннэрэ Саргылаана тикпит саха таҥастарын кэтэллэр. Иистэнэр массыынатын сойуппакка сакаас киирэн иһэр. Саргылаана ураты сахалыы буочардаах иистэнньэҥ, модельер буолар. Кэргэнэ, Дьааҥы уола Степан Ионович Старостин чэпчэки, ыраас илиилээх ювелирынан биллэр. Кыһыл, үрүҥ көмүстэртэн араас сиэдэрэй симэхтэри-киэргэллэри оҥорор. Старостиннар кыргыттара эмиэ айар талааннаахтар. Улахан кыыс Рита П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищены, салгыы Красноярскайдааҕы искусство институтун, аспирантуратын туйгуннук бүтэрбитэ. Кэргэнэ Алексей Ильин – ювелир. Эпоксиднай сымалаттан, маһынан кыһан араас киэргэллэри оҥороллор. Кыра кыыс Маша программист идэлээх, аниме хайысхатыгар компьютерга ойуулуур. «Москва-сити» дьыалабыай кииҥҥэ үлэлиир. Дьэ ити курдук, Старостиннар дьиэ кэргэнинэн айар талааннаахтар, айа-тута сылдьаллар.
Саргылаана Сунхалырова-Старостина Тааттаҕа уонна Дьокуускайга Хомус түмэлигэр ыытыллыбыт айар киэһэлэрин чэрчитинэн 55 иллюстрациятын быыстапката, кэнники кэмҥэ тикпит таҥаһын дефилета, уран оҥоһуктарын быыстапка-атыыта, маастар кылааһа ыытылынна.
Айымньыларын аукционуттан киирбит үбү Саргылана Егоровна үөрэммит, үлэлээбит Ф.С. Аргунов аатынан оҕо искусствотын кыһатын ойуулуур-дьүһүннүүр салаатын бастыҥ үөрэнээччилэригэр стипендия быһыытынан анаата.
Бу айар киһи төрөөбүт дойдутугар, үөрэммит кыһатыгар, бар дьонугар ытык иэһин төлүүр барҕа махтала буолар.
Валентина Бочонина