Тааттаҕа «Күүлэй — 2023» күрэс ыытылынна.

Хайа анна ходуһаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи от охсооччулар аһаҕас күрэстэрэ буолан ааста.

Таатта Уолбатыгар Октябрьскай нэһилиэктэн төрүттээх Алексей Кладкин илии хотуурунан 5,16 гааны охсон, рекорд олохтообута 85 сылынан уонна сатабыллаах салайааччы, тыа хаһаайыстыбатын бары салааларын сайыннарыыга таһаарыылаахтык үлэлээбит «Уолба» кээпэрэтиип дириэктэрэ Николай Соломонов сырдык ааттарын үйэтитэр сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Күүлэй-2023» от охсооччулар аһаҕас күрэстэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһи «Таатта улууһа» МО, «Уолба нэһилиэгэ» МТ дьаһалталара, «Сахабэчээт» судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ көҕүлээһининэн, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета, Тааттатааҕы спорт кэмитиэт иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Күүлэй маҥнайгы күнүгэр ыалдьыттары «Таатта» хаһыат сүрүн редактора Анна Посельская уонна Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта Гаврил Вырдылин Чурапчы улууһа Ытык Тааттаны кытары силбэһэр киинигэр, олоҥхо аартыга арыллар сиригэр дириҥ историялаах кэрэ-бэлиэ сирдэри билиһиннэрэн, сэргэх кэпсээнинэн сэһэргии көрүстүлэр. Ыалдьыттар Саха Саарына, айар тыл аҕата А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй киһи буолан килбэйэн, иитиллибит биһигэр Тыараһаҕа сылдьан, Өксөкүлээх Өлөксөй оҕо эрдэҕинэ эһэтэ Куонааскы Ньукулайы кытары өйдөбүнньүк бэлиэлээх искибиэрдэригэр ыалдьыттаатылар. Гаврил Вырдылин Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай сайылыгар Тохтобул алааска тохтоон, ыалдьыттарга саха омукка киэҥник биллибит, суон сурахтаммыт Кээрэкээн Ойууҥҥа аналлаах өйдөбүнньүк бэлиэҕэ сырытыннаран, история чахчыларын сырдатта. Чөркөөхтөөҕү түмэл салайааччыта Михаил Протодьяконов улуу убайбыт киинэ түспүт алааһыгар сирдээтэ, норуот уолун хомоҕой хоһооннорун иһитиннэрдэ. Салгыы дэлэгээссийэ саха норуотун чулуу уола Былатыан Ойуунускай билиини сомсубут, үөрэҕи иҥэриммит оскуолатыгар, киинэ түспүт төрөөбүт балаҕаныгар, буор кута иҥмит Ытык сиригэр сырыттылар. Чөркөөхтөөҕү түмэл  сотрудниктара «Күүлэй» күрэҕэр анаан-минээн, саха түмэлин экспонаттарыттан Аан дойду таһымыгар киэҥник биллибит коллекционер Марк Петрович Слепцов баай экспонаттарыттан төрүт өбүгэ үрдүктүк сыаналыыр токур хотууруттан саҕалаан, араас омук уустара таптайан оҥорбут илии хотуурдарын быыстапкалаан көрдөрдүлэр. Гаврил Вырдылин  айан аартыгар айанньыттары арчылыы турар, урууна суругунан суруллубут алгыс тыллаах саха бухатыырын пааматынньыгын, саха аймахха киэҥник биллэр «Оҕо куйуурдуу турара» айымньынан оҥоһуллубут өйдөбүнньүк бэлиэ историяларын сэһэргээтэ. Ааспыт сылларга Таатта дьонугар-сэргэтигэр улахан охсууну оҥорбут репрессия ыар тыынын кэнэҕэски ыччакка билиһиннэрэр Ытык бэлиэни сырдатта. Дэлэгээссийэ Саппыйа алааска ыалдьыттаан, Мойуор Кулаковскай балаҕаныгар сылдьан, Былатыан Ойуунускай бүтэһигин биир дойдулаахтарын кытары көрсүбүт сирин көрдөрдүлэр, халаан уутуттан эмсэҕэлээбит улууска үлэлии сылдьар Михаил Андреев хамандыырдаах «СОФИМ» устудьуоннар тутар этэрээттэрин кытары көрсөн, норуот уола Былатыан Ойуунускай туһунан чахчылары билиһиннэрдилэр.

Ыалдьыттары көрсүү

Үтүө-мааны дьоннор олорон ааспыт, саха норуотун чулуулара биһиктэнэн улааппыт баай историялаах Уолба сиригэр Арсений Порфирьевич Винокуров — Олбинскай аатынан сынньалаҥ пааркатыгар «Күүлэй — 2023» от охсооччулар аһаҕас күрэһин  кыттааччыларын, ыҥырыылаах ыалдьыттарын нэһилиэк дьоно-сэргэтэ түптэ унаар буруотунан арчылыы, арыылаах алаадьынан айхаллыы көрүстүлэр.

Күүлэй үөрүүлээх аһыллыытыгар «Уолба нэһилиэгэ» МТ Аҕа баһылыга Александр Винокуров, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Михаил Хаптагаев, «Таатта» хаһыат кылаабынай редактора Анна Посельская, норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин, бастыҥ салайааччы Николай Соломонов кэргэнэ Маргарита Соломонова эҕэрдэ тылы эттилэр. Дьоро күн алгыс үҥкүүтүнэн уруйданна,  ылбаҕай ырыанан айхалланна, хомус ууһа Эдуард Тарабукин хомус дьүрүскэн тыаһынан хотуур тыаһын дьүрүһүтэн, көрөөччүлэри сөхтөрдө, бу киэһэ түһүлгэ ыалдьыттара Олоҥхо Ыһыаҕын муҥутуур кыайыылааҕа Афанасий Попов, Айтал Семенов таһаарыыларыгар төбүрүөннээн туран, тоҥолохтон тутуһан, оһуохайдаан ыллылар.

Үлэ бырааһынньыга

Уолба нэһилиэгэр Хайа анна ходуһаҕа үйэлэри уҥуордаан кэлбит төрүт өбүгэ үтүө дьарыгын сөргөхсүтэр аналлаах от охсооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Күүлэй 2023» аһаҕас күрэстэрин иккис күнүгэр Амма, Нам, Таатта улуустарыттан хоннохтоох охсооччулар кэлэн күөн көрүстүлэр. Үлэ үтүө холобурун көрдөрбүт тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ салайааччыта Николай Соломонов уонна Уһуйааччы сылыгар от охсуутугар рекорд олохтообута 85 сыла үүммүт Алексей Кладкин сырдык ааттарыгар ыытыллар, үйэлэри уҥуордаан кэлбит төрүт өбүгэ үтүө дьарыгын сөргөхсүтэр тэрээһин иккис күнэ «Күүлэй 2023»  от охсооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ уһуйааччы быһыытынан кытта кэлбит, Октябрьскай нэһилиэк олохтооҕо Иван Собакин муҥутуур рекорду олохтообут Алексей Кладкин туһунан сэргэх сэһэниттэн саҕаланна. Кэлэр кэнчээри ыччаты өбүгэ дьарыгар уһуйар, кэскиллээх тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытын Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин алгыһынан саҕаланна. Күүлэй кыттыылаахтара алгыс ылан, Уолбатааҕы мэдиссиинэ үлэһитэ Айта Ивановаҕа туруктарын көрдөрүнэн, бастакы хотуурдарын суолун түһэрдилэр.

Ытык Тааттаҕа ыытыллыбыт күрэскэ аат ааттаан Амма улууһун Эмис нэһилиэгиттэн хаһыс да сылын «Күүлэйдэргэ» ситиһиилээхтик кыттар, өбүгэ үтүө дьарыгын кэлэр кэнчээрилэригэр тиэрдэр үтүө үгэстээх 8 оҕолоох Тимофеевтар — Авдейдар дьиэ кэргэн кэлэн, көхтөөх кыттыыны ылан, үтүө холобуру көрдөрдүлэр. От охсуу күүстээх үлэтэ эт-хаан өттүнэн үчүгэй эрчиллиини, күүһү-уоҕу эрэйэрэ биллэр. Кэтэх хаһаайыстыбалаах дьиэ кэргэн оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэни өрө тутарга, илиинэн оттуурга уһуйаллар, быыс булан күүлэйдэргэ аҕалыын, ийэлиин, оҕолуун бары тэҥҥэ кытталлар. Быйыл «Авдейдар» хамаандалара Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообутугар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Дьиэ кэргэн Аҕа баһылыга Авдей Данилович, ыал күн күбэй ийэтэ Мотрена Николаевна, 23 саастаах уоллара Авдей, 19 саастаах кыыстара Александра от охсуу сылаалаах үлэтиттэн толлубакка, өбүгэ үтүө дьарыгын баһылаан, күн бүгүнүгэр диэри илии хотуурунан оттоон, үтүө холобуру көрдөрөн, эт-хаан өттүнэн бигэ туруктаналлар. Дьиэ кэргэн истиҥ эйгэтигэр амарах аҕа такайыытынан, эйэҕэс ийэ үөрэтиитинэн оҕолор сахалыы тыыннаах истиҥ эйгэҕэ иитиллэн, хары күүһүнэн үлэни кыайа-хото тутарга, күүстээх санаалаах, инникигэ эрэллээх, тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга уһуйуллаллар. Кэрэ аҥардар ортолоругар саамай эдэр кыттааччы, быйыл иккис күүлэйигэр ситиһиилээхтик кыттар Александра Тимофеева: «Кыра эрдэхпиттэн илиибэр хотууру тутан, от охсорго үөрэммитим. Мэҥэ Хаҥалас Хорообут нэһилиэгэр ыытыллыбыт күүлэйгэ 18 – 35 диэри  саастаахтарга кыттан, 2 миэстэни ылбытым уонна «Эдэр кыттааччы» анал аат хаһаайкатынан буолбутум»диэн санаатын үллэстэр.

 

Нам улууһун Модутуттан сылдьар спорду өрө тутар, сүүрүүнэн анаан дьарыктанар  бэтэрээннэргэ Саха өрөспүүбүлүкэтин уонна Арассыыйа сүүрүүгэ спордун маастара Ион Ионович Васильев 15-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Күүлэйгэ» кэлэн көхтөөхтүк кытынна. Кини кыттааччылар ортолоругар 76 саастаах аҕам саастаахтартан биирдэстэринэн буолла. Ион Васильев биир дойдулааҕар Леонид Зыряновка хотуур сытыылааччы – уһуйааччы быһыытынан кэлэн баран, санаата буолбакка 15-с төгүлүн күүлэйгэ кыттар булгуруйбат санааны ылынан, саха киһитин күүстээх санаатын муҥутуур күүһүн бигэргэттэ. Уһуйааччы Ион Ионович бэлиэтииринэн: «Маннык күрэскэ дьиҥнээх патриоттар кытталлар. Кыайыыга диэн буолбакка уһун саастаах охсооччуну көрдөрөр сыаллаах кэлэн турабын».

«Күүлэй — 2023» өрөспүүбүлүкэтээҕи илии хотуурунан от охсооччулар аһаҕас күрэстэригэр Нам Үөдэйиттэн төрүттээх Григорий Зырянов быраата Леонид Зыряновы кытары көхтөөхтүк кытыннылар. Аҕа киһи Григорий Зырянов быраатыгар уонна 10 саастаах төрөппүт уолугар өбүгэ төрүт дьарыга — хотуурунан оттооһун киһини эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайыннарар ураты күүһүн бигэтик өйдөөн, өбүгэ үтүө үгэһигэр уһуйарга дьулуһар. Ол курдук бараатын оскуола сааһыттан хотуурга сыһыаран, билигин Леонид Зырянов хаһыс да сылын күүлэйгэ үрдүк ситиһиилээхтик кыттар. Ыал аҕата билигин уолугар илии хотуурунан оттуурга үөрэтэр-такайар.

Уус Алдантан төрүттээх Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Прокопьевна Лыткина 2007 сыллаахха Сунтаарга ыытыллыбыт «Күүлэй» 3 миэстэлээх кыайыылааҕа, 16 сыл ааспытын кэннэ Тааттаҕа ыытыллар күрэххэ кытынна. Кэрэ аҥар санаатын түһэрбэккэ хотуур сытыылыыр уһуйааччыта суох, 4 чаас устата хотуурун бэйэтэ сытыылаан, көрөөччүлэри сөхтөрдө, киэҥ далааһыннаах хоннохтоох охсооччу быһыытынан бэйэтин көрдөрдө.

Хайа анна ходуһаҕа ыытыллыбыт күүлэй биир ураты умнуллубат түгэнинэн Леонид Степанович Васильев илиитин сылааһын иҥэрэн, таптайан оҥорбут былыргы саха «горбуша» хотуурунан от охсуу күрэһэ дьон-сэргэ киэҥ биһирэбилин ылла. Күрэс кыттааччылара, көрөөччүлэр  аан маҥнай төрүт өбүгэлэрбит оттоон кэлбит ньымаларынан от охсон холоннулар. Эт-хаан өттүнэн үгүс сыраны эрэйэр былыргы ньыманан оттооһун күрэһин норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин иилээн-саҕалаан ыытта.

Тааттаҕа ыытыллыбыт «Күүлэй 2023» кыайыылаахтарынан ааттаннылар: эр дьоҥҥо илиинэн охсууга 45 сааһыгар диэри бөлөххө Авдей Авдеевич Тимофеев (Амма) — 2 истиэпэннээх, Леонид Зырянов (Нам) — 1 истиэпэннээх;
эр дьоҥҥо илиинэн охсууга 45 сааһыттан үөһээ бөлөххө Ион Васильев (Нам) — 3 истиэпэннээх, Григорий Зырянов (Нам) — 2 истиэпэннээх, Афанасий Собакин (Таатта) -1 истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланнылар.

Эр дьоҥҥо мотокосанан охсууга 18 сааһыттан үөһээ бөлөххө Иван Мосоркин (Таатта, Уолба) — 2 истиэпэннээх дипломунан, Денис Егоров (Таатта, Уолба) — 1 истиэпэннээх диплом туттарылынна.

Кэрэ аҥардарга илиинэн охсууга 18 сааһыттан үөһээ бөлөххө Надежда Лыткина (Таатта, Дьүлэй) — 3 истиэпэннээх, Александра Тимофеева (Амма) — 2 истиэпэннээх, Мотрена Тимофеева (Амма) — 1 истиэпэннээх дипломнар туттарылыннылар.

Саха «горбуша» хотуурунан от охсуу күрэһин муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар: эр дьоҥҥо Григорий Зырянов (Нам) — 3 миэстэ, Леонид Зырянов (Нам) — 2 миэстэ, Авдей Тимофеев — 1 миэстэ кыайыылаахтарынан буоллулар.

Кэрэ аҥардарга саха хотуурунан охсууга Надежда Лыткина (Таатта) — 2 миэстэни, Нонна Ноговицына (Амма) — 3 миэстэни, Александра Тимофеева (Амма) — 1 миэстэни ылан кыайыы кынаттаннылар.

Ону тэҥэ кыттааччылар Александра Тимофеева (Амма) – «Кэскиллээх кыыс охсооччу», «Ыраас суоллаах», Надежда Лыткина (Таатта, Дьүлэй) – «Аҕам саастаах»,  «Киэҥ суоллаах», Нонна Ноговицына (Амма, Эмис) – «Бастыҥ наставник», Ион Васильев (Нам) — «Аҕам саастаах», «Бастыҥ наставник», Авдей Тимофеев (Амма, Эмис) -«Кэскиллээх уол охсооччу», Авдей Тимофеев (Амма, Эмис) – «Бастыҥ көҕүлээччи», Тимофеевтар дьиэ кэргэн (Амма, Эмис) – «Түмсүүлээх дьиэ кэргэн», Леонид Зырянов (Нам) — «Киэҥ суоллаах», Афанасий Собакин (Таатта) – «Аҕам саастаах наставник», Иннокентий Боппосов (Таатта) – «Бастыҥ активист» анал ааттары тутан, 600 тыһ. солк. бириистээх пуонда сыаналаах бэлэхтэрин тутан, үөрүүлэрэ үрдээтэ. «Күүлэй — 2023» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс кыайыылаахтара бэйэлэрин көрүүлэригэр убаһа бириис оннугар, уу харчынан 75 тыһ. солк. ылыахтарын сөп.

Таатта улууһун Аҕа баһылыга Михаил Соров «Күүлэй — 2023» кыайыылаахтарыгар улуус туруу үлэһит дьоно ситиһиилэммиттэригэр: «Кладкин удьуордара буоларбытын көрдөрдүбүт!» — диэн бэргэнник бэлиэтээтэ.

Уолба дьоһун-мааны дьоно-сэргэтэ эмис эттээх, баай астаах сандалылаах, эйэҕэс мичээрдээх ыалдьыттары көрүстүлэр.

Тааттаҕа ыытыллыбыт күүлэй кэнэҕэски кэлэр көлүөнэни өбүгэ төрүт дьарыгар уһуйуу, үлэнэн иитии бастыҥ холобурун көрдөрдө.

«Авдейдар» күн күбэй ийэлэрэ Мотрена Николаевна эппитинии: «Кэлэр кэнчээрилэри өбүгэ дьарыгар уһуйар күрэс эйгэтэ кэҥии турдун!»

Ааптар: Мария ПАВЛОВА.

Видео You Tube:

https://youtu.be/5U4tdBVzUs8

https://youtu.be/oqqbmmFLo-0

https://youtu.be/-VcJp1o4zq8

https://youtu.be/R1BCX44FeYM

https://youtu.be/e9qEGZ6AzrE

https://youtu.be/3_EyNtcWIEU

https://youtu.be/YTEsCGx0JiA

Видео материал подготовил: Афанасий Дедюкин

 

 

Читайте дальше