Люцифер сырдыга

Марта Борисоглебская «Чудеса и приключения» сурунаал 11/2023 с.

Михаил Винокуров тылбааһа.

Күлүмүрдэс сулустара суох халлааны санаан көрөргө ыарахан. Ол эрээри, сотору кэминэн биһигини маннык көстүү күүтэр…

КӨСТҮБЭТ СУЛУСТАР

Биллэн турар, өрүү күлүмүрдүү турар сулустар халлаантан ханна да сүппэттэр. Маннык көстүү ким эрэ көмөтүнэн эбэтэр туох эрэ алыбынан буолбат. Биһиги тулалыыр эйгэбит, сирбит-уоппут төһөнөн сырдаан иһэр да, оччонон сулустар сырдыкка көстүбэт буолан иһэллэр. Хаһан эмэ сиргэ сырдык күүһүрэриттэн улахан уларыйыы тахсыаҕа. Маннык көстүү саҕаламмыта ыраатта. Кэнники сылларга искусственнай сырдыгы киллэрии тэтимэ олус түргэтээтэ.

2023 сылга киһи-аймах планетаны сырдатыыны кэтээн көрбүтэ 50 сыллаах үбүлүөйэ туолбута. 1973 сыллаахха биллиилээх астроном Курт Ригель аан маҥнай сиргэ үгүс искусственнай сырдатыы киирбитин тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Бу иннинэ маннык кыһалҕаны Пулковскай обсерватория астрономнара көрсүбүттэрэ. 1889  сыллаахха ол бириэмэҕэ Аан дойдуга саамай чуолкайдык көрдөрөр 30 дюймнаах телескоп-рефрактор баар буолбута. Астрономнар иннилэригэр оччолорго дьикти халлаан арыллыбыта! Билигин халлааҥҥа чуолкайа төһө сулус баара биллибэт. Ол эрээри 1929 сыллаахха халлаантан сулустар сүтэр түгэннэрэ обсерватория үлэһиттэрин аймаабыта. Астрономнар бэйэлэрин урукку телескоптарынан 40 сыл устата кэтээн көрбүт сулустарын халлаантан сүтэрбиттэрэ. Дьикти сүтүк Ленинградтан 50 км. тэйиччи турар Пулковскай обсерваторияны кытта быһаччы сибээстээх. Куорат кэҥээн, тэнийэн иһэрэ, ол иһин эбии искусственнай уотунан сырдатыллара.

Өссө маннааҕар ордук киһи санаарҕыыр түгэнэ 1977 сыллаахха Эмиэрикэҕэ буолбута. Онно эмискэ дойду үрдүгэр барытыгар кылгас кэмҥэ уот ситимэ үлэлээбэт буолан, хабыс-хараҥа бүрүүкээбитэ. Халлааны барытын сабардаан, дьикти быһыылаах-таһаалаах, онно эбии чаҕылхай, күлүмүрдүү оонньуур уоттаах биллибэт эттик көстүбүтэ. Куттаммыт, уолуйбут олохтоохтор араадьыйанан «Бу тугуй?»  диэн төлөпүөнүнэн ыйыталаспыттара. Ол эрээри, бу бэйэбит галактикабыт – млечный путь (сир сиигэ) көстүбүт этэ. Үчүгэйдик сырдатыллыбыт куорат олохтоохторо, искусственнай сырдык мэһэйдээн, төрүт көрө илик көстүүлэрин көрбүттэрэ.

ДЬИКТИ СЫРДЫК

Өскөтүн планета хараҥарбатаҕына саҥа төрөөбүт оҕо 250 сулуһу көрөр кыахтаах, онтон 18 сааһын туолуутугар ол сулустартан 100 эрэ көрөр буолуоҕа. Маннык көстүү биһиги оҕолорбутун уонна сиэннэрбитин күүтэр. Бу планета олохтоохторун барыларын кыһалҕата. Билиҥҥи кэмҥэ Аан дойдуну күнүстэри-түүннэри курдат искусственнай сырдык хааччыйар. Уулусса лаампалара, мөлүйүөнүнэн массыына паарата, хараабыл, нефть вышката, дьиэ, элбэх тутуу, фасадтары түүннэри сырдатыы, кырдьык кыраһыабай, ол эрээри планетаҕа улахан буортуну оҥорор. Ону кытта тэҥҥэ таһырдьаны сырдатар боростуой лаампатааҕар ордук күүстээх сырдыгы биэрэр светодоидтаах лаампа ахсаана элбиир, онно эбии планета бэйэтин сырдатар тэтимэ күүһүрэр.

Билигин планетабыт олус чаҕылхай уонна сырдык буолла. Сир үрдүгэр  сырдык дьайыытын 23% олохтоохторго 80% дьайар. Биир хомолотолоох быһыынан сыл ахсын түүҥҥү халлаан сырдаан иһэрэ буолар. 2015 сыллаахха үгүс сулус көстөр эбит буоллаҕына, билигин ол сулустары сырдык сабардаан көстүбэт буоллулар.

ХАРАҤА СААРЫСТЫБАТА ХАННА БААРЫЙ?

Билигин хараҥаны көрдүүр кэм кэллэ. Бу боппуруоһунан учуонайдар дьарыктаналлар. Кинилэр планетаҕа саамай хараҥа сиринэн, ол аата искусственнай сырдатыынан кыратык туһанар сири булбуттара. Бу Чуумпу акыйаан соҕуруу өттүгэр баар Тонга диэн арыы аттыгар баар икки тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх кыра Ниуэ диэн Судаарыстыба. Бу дойду олохтоохторо хайдахтаах курдук элбэх сулустардаах халлааны көрөллөрүн санаан көрүҥ! Сахаара кумах куйаарыгар Амазонка уонна Сибиир сорох сирэ киирэр. Ол эрээри онно аҕыйах киһи олорорун иһин хараҥа. Онтон биһиги планетабыт саамай сырдыгынан Венатааҕар уонна Берлиннээҕэр 100-200 төгүл улахан. Кырдьыгынан эттэххэ, бочуоттаах миэстэни Лас-Вегас, Токио, Сеул уонна Нью-Йорк былдьаһар.

СЫРДЫК КЭМ ҮЙЭТЭ

Биллэн турар, Арассыыйа саамай сырдык сиринэн Москва уонна Санкт Петербург, ону тэҥэ улахан куораттар буолаллар. Онно сулустар эмиэ мөлтөхтүк көстөллөр. Сотору кэминэн күнү, ыйы уонна Нептун, Венера курдук улахан планеталары эрэ көрөр кыахтаныахпыт. Оннооҕор билигин биһиги Улахан Эһэ хомуоһун даҕаны үчүгэйдик көрбөппүт. Биһиги дойдубут ордук хараҥа сиринэн Соҕуруу Поволжье тус-туһунан оройуона, Хотугу Кавказ, Карелия, Сибиир буолар. Астрономнар хараҥа уонна сиэрэй сири көрдөөн, оннук сири булан телескоптарын туруораллар. Ол гынан баран, хайдах да гыммыт иһин, күн бүгүн оннук сири була иликтэр. Хараҥа соҕус сиринэн Москва уонна Санкт Петеребург икки ардыгар сытар Новгород уобалаһын Холм диэн куората арыый сөп түбэһэр, онтон атын сир суох. Сорохтор нэһилиэнньэҕэ уулусса сырдатыллара айаҥҥа табыгастаах диэн сыаналыыллар. Маннык көстүү Аан дойду алдьархайыгар кубулуйуон сөп. Онтон сиэттэрэн, планетаҕа бары тыынар-тыыннаах, ону тэҥэ үчүгэйдик олорор дьоҥҥо охсуулаах буолуон сөп диэн учуонайдар бэлиэтээн тураллар. Түүнү быһа утуйбакка эрэ үлэлиир иһин үрдүк сыананы дьоннор бэйэлэрэ быһаччы төлүүллэр. Искусственнай уот киһи этин-сиинин иһигэр түүнү-күнү араарарга аналлаах циркаднай ритмҥэ (киһи биологическай сааһыгар) куһаҕан дьайыылаах. Ол түмүгэр иммунитет мөлтүүр, ыарыы көбөр, гипертония уонна диабет үөскээн, доруобуйа айгырыыр, киһи эрдэ суорума суолланарыгар тиэрдэр.

ОЛОХ СУОХ БУОЛУУТА

Арай бүтүн Аан дойдуга барытыгар бүрүүкээбит алдьархай туһунан этэр буоллахха, искусственнай уот биһиги планетабыт хамсыыр-харамайдарын үгүс көрүҥүн дьиҥ-чахчы өлөрөр. Уопсайа 30% чугаһыыр тоноҕостоох уонна 60% тэҥнэһэр тоноҕоһо суох түүҥҥү олохтоох харамайдар түүн сырдыгыттан олохторо огдолуйар. Бу кырдьыктаах чахчы санааны түһэрэр, ол эрээри түннүк күлүмүрдэс уота умайа турар лаампа уонна хараҕы саататар прожектор 100 мөлүйүөнтэн 1 миллиардка диэри көтөрдөрү өлүүгэ тиэрдэр. Бу түмүгэр мөлүйүөнүнэн үөн-көйүүр көрүҥэ өлөр. Сырдык уот кинилэргэ куһаҕаннык дьайар. Ону таһынан кыра харамайдар сиэмэх кыылларга көстөр-биллэр буолаллар. Холобур, үрүмэччи лаампа сырдык уотугар көтөн кэлэн, уокка сиэтиллэн өлөр. Сотору кыра үөннэр, уоттаах  хомурдуостар күн сириттэн симэлийиэхтэрэ. Уоттаах хомурдуос иссэр кэмигэр бэйэтин кып-кыра уотунан сирдэтинэн бэйэ-бэйэлэрин булсаллар. Оннук үөн-көйүүр сырдыктан мөлтөх уотун саба бүрүйтэрэн, онтон моһуогуран иккис аҥардарын булбаттар. Үүнээйилэргэ искусственнай сырдык дьайыытыттан фотосинтез үлэтэ кэһиллэн, циклическэй хамсааһын буккуллан улаханнык моһуогураллар. Онтон сиэттэрэн сорох мас хойут сэбирдэҕин түһэрэр, үүнээйи сибэккилэнэр кэмэ кэһиллэр.

ТҮҮҤҤҮ УОТ

Искусственнай уоттан муора кораллара өлөллөр. Тоҕо маннык буоларый? Барьернай рифкэ оччоттон-баччаҕа диэри олохсуйан кэлбит кораллар айылҕа сокуонунан ый уотугар ууһууллар-тэнийэллэр. Билигин дьон сөтүөлүүр сирин эбии сырдатыы түмүгэр уонна устар хараабыллар сырдыктарыттан ый сырдыга баһыйтаран, көстүбэт буолар. Бу муора атын да харамайдарыгар улахан охсуулаах. Муора чарапаахыта сымыыттан тахсан баран, ый сырдыгынан сирдэтэн ууну булар эбит буоллаҕына, билигин хайысхатын сүтэрэн, сөтүөлүүр сир сырдыгын батыһан, суорума суолланар. Зоопланктон (кыракый тыыннаах эттик), үөскээбит дафнялар уу үрдүгэр баар салахайдарынан аһылыктаналлар. Кинилэр түүн аһылыктарын булуна үөһэ тахсаллар, күнүс муора анныгар түһэллэр. Билигин сырдык түүнтэн туһалаах салахайдары сиэмэх уу кыыллара бултаһаллар. Бу көстүүнү атын өттүнэн көрдөххө, искусственнай сырдатыы түмүгэр ууга олохсуйар араас харамайдар оннуларыгар уу үрдүнээҕи салахайдар кинилэр оннуларыгар сайдаллар, тэнийэллэр.

АТЫН ПЛАНЕТА ХАҺААЙЫТТАРА БИҺИГИНИ КӨРӨЛЛӨР

Киэҥник биллэр фантаст суруйааччы Артур Кларк «Космическая одиссея – 2» диэн кинигэтигэр билиҥҥи кэмҥэ искусственнай сырдык дьайыытын туһунан дьиҥ чахчы инникини өтө көрөн ойуулаабыта. Айымньыга биллибэт цивилизацията Юпитер планетаны сырдык сулуска (ыйтан 50 төгүл сырдык) уларыппыттара уонна Люцифер диэн ааттаабыттара. Онтон сиэттэрэн, сир үһүс сырдатааччыланан, түүн күнүскэ кубулуйбут. Салгыы ааптар маннык суруйар: «Түүн суох буолан киһи-аймахха көрдөөх олох саҕаламмыта. Фермердэр, моряктар, полицейскайдар аһаҕас халлаан анныгар үлэлээччилэр бары бу сулуһу уруһуйдаабыттара. Люцифер дьон-сэргэ олоҕун чэпчэтэн, куттала суох күннээҕи олох саҕаламмыта. Ол оннугар буруйу оҥорооччулар, сокуону кэһээччилэр, астрономнар улаханнык хомойбуттара». 

Бу кэмҥэ үгүс хамсыыр-харамай эмсэҕэлээбитэ. Уу таһымын үрдээһиниттэн ый хараҥатыгар ууһуур балык көрүҥэ олорчу эстэр кутталламмыта. Маннык куттал биһиэхэ эмиэ суоһуур. Ол эрээри киһи аймахха Люцифер туһата суох, биһиги бэйэбит түүнү күнүскэ уларыттыбыт. Сирдээҕи иллюминация (искусственнай сырдатыы) ыраах космостан кытары көстөр сүдү күүстээх буолла.

Күн систиэмэтиттэн уонча сырдык сыл (световой год) иһинэн радиустаах сиргэ сырдык биир сыл устата төһө ырааҕы барарый? Сырдык сөкүүндэҕэ 300000 км. барар. Биир мүнүүтэҕэ, чааска, сууккаҕа, сылга, 10 сылга төһө сири барарый? Биһигини атын планетаттан хайыы-үйэҕэ көрө, кэтии олороллор. Сотору биһиги халлааҥҥа сулустар хайдах чаҕылыйалларын көрбөт кутталлаахпыт. Маннык буолбатын туһугар тугу гыныахпытын сөбүй? Бу түгэҥҥэ уоту умулларыахха эрэ сөп. Ол эрээри биһиги билиҥҥи үйэбитигэр бу кыаллыбат суол.