М.Н.Андросова-Ионова төрөөбүтэ 159 сылыгар аналлаах “Олоҥхо күнэ”

Биир дойдулаахпыт, сахалартан бастакы үөрэхтээх учуонай дьахтар, фольклору хомуйааччы, ырыаһыт-хоһоонньут, олоҥхоһут, этнограф Мария Николаевна Андросова – Ионова аатын үйэтитиигэ  Уолба уһуйаана “Олоҥхоһут кыыс” бырайыагы 2014 сылтан утумнаахтык тэрийэн ыытар. Быйыл бырайыакпыт иккис төгүлүн республика уһуйааннарын кэтэхтэн кытыннаран киэҥ далааһыннаахтык сэтинньи ый устата ыытылынна. Ол курдук, Таатта, Амма, Уус Алдан, Ньурба, Кэбээйи, Бүлүү, Хаҥалас улуустарыттан, кыргыттар кыттыыны ылбыттарыттан олус үөрдүбүт, олоҥхоҕо уһуйааннарбыт болҕомтону ууран оҕону иитиигэ туһаналларын биһирээтибит, махтана санаатыбыт.

Быйылгы “Олонхоһут кыыс — 2023” конкурска барыта 22 кыыс республикабыт араас муннугуттан кыттыыны ылла. Дьүүллүүр сүбэҕэ Уолба уһуйаанын иитээччилэрэ: Неустроева Матрена Иннокентьевна, Боппосова Виктория Всеволодовна, Боппосова Марианна Трофимовна ону тэҥэ республикаҕа оҕо эрдэҕиттэн биллэр олоҥхоһут,  Таатта улууһун Ытык – Күөл “Кун туллуктара” уһуйаан уус-уран салайааччыта Альберт Владимирович  Шестаков үлэлээтилэр, хас биирдии кыыс олоҥхотун болҕойон иһиттилэр. Кыргыттар бары да бииртэн биир кэрэ куоластаах, уһун тыыннаах, кылыһахтаах олоҥхоһут буолан биэрдилэр.

Кылаан кыайыылаах үрдүк аатын 6 саастаахтарга  Михалева Алгыстаана Уус – Алдан Кэптэниититтэн “Чэчир” уһуйаан “Кустук” бөлөҕүн иитиллээччитэ П.Е.Решетников Көһөҥө Бүөтүр “Күн Дархан” олоҥхотуттан быһа тардыыны, уонна «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттон быһа тардыыны толордо, 5 саастаахтарга Кылаан кыайыылаах үрдүк аатын Уолба орто оскуолатын «Кэнчээри» уһуйаанын иитиллээччитэ Рахлеева Василина Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан быһа тардыыны (салайааччы Боппосова Виктория Всеволодовна)толорон ыллылар. Кыайыылаах кыргыттартар 500 солкуобай харчынан уонна кубогынан наҕараадаланнылар.

Түмүгү салгыы билиһиннэрдэххэ маннык буолан таҕыста:

6 – саастаахтарга:

Бастакы үрдэл – Павлова Карина Ытык Күөл, Таатта “Сулусчаан” уһуйаан, салайааччылара  Петрова П.Н, Гуляева М.М.

Иккис үрдэл – Мухоплева Күннэй, Ньурба,  “Туллукчаан” уһуйаан Сергей Васильев “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхотуттан быһа тардыы, салайааччы Петрова Мирослава Викторовна

Үһүс үрдэл – Бурцева Күннэйэ, Уус Алдан – Мүрү, салайааччы Парникова Пелагея Максимовна.

5 – саастаахтарга

Бастакы үрдэл – Решетникова Каролина, Уус – Алдан (Кэптэни), “Чэчир” уһуйаан “Кустук” бөлөҕүн иитиллээччитэ, С.С.Васильев Борогонскай, “Мөҕүрүүр Бөҕө”, салайааччы Сысолятина Матрена Ильинична

Иккис үрдэл – Ефремова Ирена, Чөркөөх, Таатта, «Аленушка» уһуйаан, П.Е.Решетников “Күүстээх уохтаах Күн Күндүлү” олоҥхотуттан быһа тардыы, салайааччылара Винокурова С.А, Ефремова С.М.

Үһүс үрдэл – Тарасова Айнаара, Баайаҕа Таатта, салайааччы Матвеева Алла Валентиновна, Лазарева Прасковья Марковна.

Анал ааттар:

«Саамай кыра олоҥхоһут” – Ноговицына Варя, Кэбээйи Чагда, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыы, салайааччы Ефремова Пелагея Ивановна.

“Дорҕоон тойуктаах олоҥхоһут” – Накатова Алина, Баайаҕа Таатта, салайааччылара Матвеева Алла Валентиновна, Лазарева Прасковья Марковна

“Уран тыллаах олоҥхоһут” – Иванова Милана, Хаҥалас Тиит Эбэ,  “Кэскил” уһуйаан, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыы, салайааччылара Куприянова Виктория Павловна, Соловьева Галина Аафнасьевна, Егорова Дария Степановна.

“Хомоҕой тыллаах олоҥхоһут” – Туприна Найаара, Ньурба,  №5-х уһуйаан, “Кустук өҥнөөх кулунчук” олоҥхоттон быһа тардыы, салайааччы Николаева Ирина Евгеньевна.

“Чобуо олоҥхоһут” – Егорова Амелия Уолба, Таатта, “Дьулууруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыы, салайааччы Боппосова Виктория Всеволодовна

“Кэскиллээх олоҥхоһут” – Скрябина Валерия Бүлүү – Кыргыыдай, Д.А.Гуляев аатынан оскуола уһуйаана, салайааччы Барчалырова А.С, Катанова С.К, Васильева А.С.

“Истээччи биһирэбилэ” – Слепцова Айлаана Куо, Ытык Күөл , Таатта, “Березка”, “Кустук өҥнөөх кулунчук” олоҥхоттон быһа тардыы, салайааччылара Степанова Василина Васильевна, Егорова Екатерина Давыдовна.

“Кэрэ кэпсээннээх” – Васильева Айсена, Дэбдиргэ, Таатта, Э.К.Пекарскай аатынан оскуола – уһуйаан, «Күөнэ Көҕөччөр аттаах күүстээх – уохтаах Күн Күндүлү Бухатыыр» олоҥхоттон быһа тардыы, салайааччылара Бурмистрова Варвара Федоровна, Быгынанова Лена Андреевна.

Бу курдук кырдьаҕас Уолбабыт уһуйаана саха олоҥхоһут дьахтарыгар анаан ыытар тэрээһинэ бэрт сэргэхтик, кэрэхсэбиллээхтик ааста.

Бары кыттааччыларбытыгар, олоҥхоһут кыргыттары бэлэмнээн кытыннарбыт салайааччыларга, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлэспит Альберт Шестаковка тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Матрена Неустроева  Уолба орто оскуолатын “Кэнчээри”

уһуйаанын сүрүннүүр иитээччитэ,

Марианна Боппосова  – эбии үөрэхтээһин педагога.

Читайте дальше