Микроспория диэн сыстыганнаах тирии ыарыыта буолар. Бу ыарыыны грибок Mikrosporum үөскэтэр, ол дьайыытыгар тириигэ олохсуйан, олу түргэнник тарҕанар. Микроспория ыарыыта кыылга эрэ буолбакка, киһиэхэ эмиэ сыстыан сөп.
Бу ыарыыны дьиэ иһигэр куоска уонна ыт аҕалыан сөп. Ол курдук, микроспория ыарыыта кирдээх усулуобуйаттан, эбэтэр ыалдьа сылдьар кыыллартан тарҕанар. Ыарыыга сыстыбыт дьиэ кыыла таарыйан, аалынан ааспыт, маллара киһиэхэ да, кыылга да сэрэхтээх буолар.
Микроспория ыарыыта тириигэ 6- 30 күҥҥэ тиийэ сылдьар. Ордук төбөҕө, кулгаахха, кутурукка, атахха үөскүүр. Тахсыбыт сиринэн түүтэ түһэн, тарахайданан төгүрүк буолар, ол кэннэ кыратык үүллэн, кытаран тахсар. Бу кэннэ эт-хаан уларыйан, кэһиллии барар.
Микроспорияны эмтииргэ араас анал маастар бааллар. Мааһы соторго баас тахсыбыт сириттэн 6 см курдук түүтүн хоруйан баран сотуллар. Өскөтүн тириигэ тарҕаммыт буоллаҕына сууйар, сотор эмтэринэн туттуллар. Ыарыы 4-6 нэдиэлэ устата эмтэниллэр, бу кэннэ анализ көрдөрүүтэ үчүгэй эрэ буоллаҕына, эмтэниини тохтотуллар.
Ыарыыга сыстыбыт кыыл түүтүн хомуйан, ыраастаан, дьиэни-уоту дезинфекциялаан, кыылбытын сууйа-сото сылдьарбыт табыгастаах.
Ыалдьыбыт ыты, куосканы киһи бэйэтэ эмтиирэ сатаммат, сыыһа эмтээн өссө бэргэтиэххэ сөп. Бу түгэҥҥэ үрдүк үөрэхтээх бэтэринээр бырааска көрдөрөн, сүбэлэтэн эмтэтэр ирдэнэр.
Онон иитэ ылбыт дьиэҕит кыылыгар эппиэтинэс сүгэн, ыарыыга сыстыбытын-суоҕун эрдэттэн бэрэбиэркэлэтэр туһугар, Тааттатааҕы ветеринарнай учаастакка көрдөрүнүн диэн сүбэлиибит.
Тааттатааҕы бэтэринэриийэ управлениятын сыстыганнаах ыарыы отделын сүрүн бырааһа — М.А Софронова.