Ойуур хаһаайыстыбата

Таатта улууһугар 2023 сыл түмүгүнэн нэһилиэнньэ тус сыалыгар 21810 кууб маска көҥүл ылан кэрдибит, ону таһынан чааһынай урбаанньыттар, юридическай сирэйдэр 2629 кууб маһы туһаннылар.

Чааһынай дьон мас кэрдии көҥүлүн (договор купли-продажи) ыларга ирдэнэр докумуоннар:

-паспорт копията подлиннигын көрдөрөн баран;

-ИНН копията;

уһаайба иһигэр эбии тутуу ыытар буоллаҕына;

-уһаайба сирэ, дьиэ туоһу кумааҕыта, уонна дьиэ техническэй пааспарын куоппуйата (өрөмүөн үлэтигэр);

-дьиэ техническэй пааспарын куопуйата (оттук маска);

Чааһынайдарга тыаҕа мас кэрдиитигэр олохтоммут нуорматын кээмэйигэр уонна сыанатыгар уларыйыы тахсыбата, саҥа билиэт ылар дьон ойуур хаһаайыстыбатыттан (лесничествоттан) ирдэниллэр докумуоннаргытын толору илдьэ кэлэн билсэҕит.

Бастатан туран  сайабылыанньа суруллар: маһы ханнык сиргэ, хас кууб маһы туох сыалга кэрдэрэ.

Сайабылыанньаны боломуочуйалаах уорган (лесничество) суруллубут күнүттэн 10 (уон) күн иһинэн көрөн быһаарыныыны таһаарар.

Киирбит сайабылыанньаҕа билиэт суруйарга аккаас тахсыбытын төрүөтэ:

-мас кэрдии нуорматыттан таҕыстаҕына;

-ыйыллыбыт сиргэ мас суох буоллаҕына;

-ирдэнэр докумуон ситэтэ суох буоллаҕына;

Быһаарыы (решение) тахсыбыт күнүттэн сайабылыанньа:

— оттук маска (кураанах, сууллубут маска) суруллубут буоллаҕына уһаабыта 15 күн иһинэн мас көҥулэ (билиэт) суруллуохтаах;

— инчэҕэй маска көҥүллэтэр түгэнигэр уһаабыта 45 күн иһинэн мас көҥүлэ (билиэт) суруллуохтаах;

2022 с. сайын ыытыллыбыт чинчийии үлэтин түмүгүнэн үс нэһилиэк сиригэр: Уолбаҕа, Таатта нэһилиэгэр, Уус Аммаҕа 5757 гектар иэннээх кэлимсэ тыа 2021 сыллаах баһаар түмүгэр өлбүт диэн бигэргэммитэ.

Онон бу кэлимсэ тыаларга баһаарынай уонна санитарнай өттүнэн кутталы үөскэтэр диэн нулевой ставканан (босхо) нэһилиэнньэҕэ билиэт суруллар. Бу туһунан Таатта ойуурун хаһаайыстыбатыгар билсэҕит.

 Тэрилтэлэр, чааһынай урбаанньыттар мас кэрдэр көҥүллэрэ (договор купли-продажи) 2022 сылтан тыа аукциона «РТС-тендер» сайт нөҥүө электронно ыытыллар буолбута. Онон аукциоҥҥа кыттыан баҕалаах юридическай сирэйдэртэн уонна чааһынай урбаанньыттартан ЭЦП (электронно-цифровая подпись) ирдэнэр. ЭЦП ыллаххытына «РТС-тендер» сайтка киирэн регистрация ааһаҕыт. Аукцион оҥоһуллар бэрээдэгэ кэтэһиилээх буолар, онон эрдэттэн дэлээнэҕитин быстаран былааннанаргыт ордук.

Түмүккэ, улууспут бары олохтоохторун ойуурга харыстабыллаахтык сыhыаннаhаргытыгар, сокуон ирдэбиллэрин булгуччу тутуhаргытыгар, мас бэлэмнээччилэри баhаартан сэрэхтээх буолуу, санитарнай уонна маhы туhаныы быраабылаларын тутуhаргытыгар ыңырабыт.

 

Тааттатааҕы ойуур хаһаайыстыбатын инженера Старостин П.И..