Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ идэҕэ бэриниилээх үлэһит бар дьоҥҥо үйэлээҕи оҥорбутунан, талбыт идэтигэр сонун хамсааһыны, саҥа сүүрээни киллэрбитинэн куруук үтүө тылынан ахтыллар, үрдүктүк сыаналанар. Таатта улууһугар 340 сыл устата үгүс көлүөнэни билии киэҥ аартыгар сирдээбит, үөрэтэр-иитэр эйгэҕэ ураты суолу-ииһи хаалларбыт Макаровтар учууталлар династиялара уһулуччулаах педагогтарынан киэҥник биллэр. Билигин билиини иҥэрэр, сырдыкка сирдиир учууталлар династияларын ортотугар, дьон-сэргэ олоҕун уйгутун тупсарар идэни баһылаабыт, ураты хайысхалаах олугу үктээбит көлүөнэ дьоно баар.
ТИХОН МАКАРОВ: ЭНЕРГЕТИК ИДЭТЭ — ДЬОН-НОРУОТ ТУҺУГАР ҮЛЭ
Тааттатааҕы РЭС өр сыл таһаарыылаахтык үлэлээбит, үлэни өрө туппут төһүү дьонунан биллэр, үгүс династиялары үүннэрбит биир улахан тэрилтэнэн буолар. Биһиги бүгүҥҥү үлэбит дьоруойунан үлэ араас көрүҥүн баһылаабыт, Тааттатааҕы РЭС-кэ 38-с сылын таһаарыылаахтык үлэлиир Тихон Святославович Макаров буолар.
Кини аҕата Святослав Тихонович Макаров 1955 с. Дьокуускайдааҕы педагогическай институту бүтэрэн, Уолба аҕыс кылаастаах оскуолатын дириэктэринэн, Чөркөөххө уонна Ытык Күөлгэ дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан, Ытык Күөл орто оскуолатыгар Ийэ уонна нуучча тылын, физкультура учууталынан 31 сыл устата таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Учуутал династиятын төрүттээччи Святослав Тихонович Макаров өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу көрүҥүн маҥнайгы төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ. Кини Саха сиригэр спорт көрүҥэ сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрбит дьоһун киһибитинэн киэҥник биллэр. Саха АССР уопсастыбаннай тириэньэрэ уһуйан таһаарбыт ыччата үрдүк ситиһиилэммитэ. Үүнэр көлүөнэни иитиигэ айымньылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, Бочуот бэлиэтэ, В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр килбиэннээх үлэтин иһин мэтээлинэн, Саха АССР Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланар чиэстэммитэ. Айылҕаттан бэриллибит талаанынан Чөркөөхтөөҕү норуот тыйаатырын биир көхтөөх артыыһынан буолара.
Ыал ийэтэ Ада Федотовна биэссэр, акушер идэтин баһылаан, үйэтин тухары үрүҥ халааттаах эмчитинэн үлэлээн, нэһилиэк дьонун-сэргэтин доруобуйатын тупсарыыга ийэлии истиҥ кыһамньытын ууран үлэлээбитэ. «Ытык киһи ыччата, төрүт киһи төрүөҕэ» Тихон Макаров төрөппүттэрэ бар дьон туһугар үлэлиир үтүө холобурдарын көрө улаатан, норуокка туһалаах киһи буоларга дьулуһара. Кини Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын механизациялааһын уонна электрификациялааһын техникумун, ХИФУ-га инженер-энергетик үөрэҕин бүтэрбитэ. Энергетикэ бэтэрээнэ олоҕун үтүө кэмнэрин уот ситимин эйгэтигэр анаабыт, тэрилтэ дьоһун үлэһитинэн, кэллэктиип биир эрэллээх чилиэнинэн буолар. Ытык дьон ыччата Учууталлар династияларыттан төрүттээх, идэтигэр бэриниилээх биир төһүү үлэһит Тихон Святославович Макаров икки уола Евгений Тихонович, Святослав Тихонович уонна кыыһа Анна Тихоновна аҕаларын туйаҕын хатаран, бар дьоҥҥо сырдыгы саҕар энергетик идэтин баһылаан, уот ситимин төһүү үлэһиттэрэ буола үүнэн, айа-тута үлэлии сылдьаллар.
Олоҕун аргыһа, элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Лалита Васильевна мэдиссиинэ кэллиэһигэр үөрэнэн, фармацевынан үлэлээбитэ. Кэлин Тааттатааҕы РЭС-кэ 22 сылын техническэй үлэһитинэн анаммыта. Тэрилтэ уопсастыбаннай үлэтигэр профсоюз чилиэнинэн таһаарыылаахтык үлэлиир. Олоҕун аргыһын кытары «Якутскэнерго» ААУо тэрилтэтиттэн «Дьиэ кэргэн албан аата» бэлиэнэн наҕараадаламмыттара. Онон, дьиэ кэргэн олоҕо барыта уот ситимин кытары быстыбат сибээстэнэн, билигин энергетик династиятын утумнаах салҕааччыларынан буолаллар. Өбүгэ саҕаттан урааҥхай сахаҕа аҕа оруола, бас-көс киһи быһыытынан, үрдүктүк тутуллара. Оннук санаанан салайтаран, аҕа киһи оҕолоро оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр «Инникигэ хардыы» научнай-чинчийэр үлэҕэ утумнаахтык сыһыаран, салайааччы быһыытынан ааҕыыларга кытыннарара. Уола Святослав өрөспүүбүлүкэтээҕи ааҕыы лауреатынан ааттанан, Сочига ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы ааҕыыга кыттар мэктиэни ылбыта. Кыыһа Анна улуустааҕы ааҕыыларга ситиһиилээхтик кыттара. Ол эрэн, үс оҕо амарах аҕалара талан ылбыт идэтин баһылыыллара билиҥҥи үйэҕэ сэдэх көстүүнэн буолар. Бу барыта, аҕа киһи үлэтигэр бэриниититтэн, сөбүлүүр дьарыгы муҥура суох таптыырыттан, идэни олох сүрүн акылаатынан, бигэ тирэҕин быһыытынан ылыныытыттан тахсар. Уот ситимин үлэһитэ үлэлиирин тухары, хас хардыы аайы куттал кэтэһэр, сэрэхтээх, болҕомтолоох буолуу ирдэнэр. Ол да иһин, энергетик династиятын аҕа баһылыга Тихон Макаров: «Энергетик — үрдүк интеллектээх, техническэй өттүнэн киэҥ билиилээх, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, дэгиттэр киһи үлэтэ», — диэн сыаналыыр.
БИИР ОРГАНИЗМ КУРДУК ТҮМСҮҮЛЭЭХ ТЭРИЛТЭ
Тихон Макаров Тааттатааҕы РЭС-кэ үлэлии киирэригэр энергетиктэр династияларын төрүттээччи, ытыктыыр аҕа кынна Василий Иннокентьевич Егоров ыллыктаах үтүө сүбэһитинэн үлэҕэ киирбитэ. Эдэр суоппар Тихон Макаров 4 кылаас үөрэхтээх, уопуттаах суоппар, тэрилтэ төһүү үлэһитэ Василий Егоров курдук тыраахтары үчүгэйдик көрүнэр, хайа да механиктааҕар тырааныспары дэгиттэр билэрин билиҥҥэ диэри сөҕөр. Энергетикэ бэтэрээнин оҕолоро, сиэннэрэ күн бүгүнүгэр диэри Ытык киһилэрэ – династияны төрүттээбит аҕалара, эһэлэрэ тырахтарыыстары үөрэтэр кууруска үөрэммит тэтэрээтин уура сылдьан, каллиграфическай буочарын хайгыыллар, алҕаһа суох суруйарын сөҕө-махтайа көрөллөр.
Тихон Макаров Тааттатааҕы РЭС-кэ үлэлииригэр тэрилтэ бастыҥ салайааччыта Егор Егорович Захаров үлэлиирэ. Ирдэбиллээх салайааччы үлэҕэ ылар дьонун эрдэттэн сылыктаан, үлэлээбит тэрилтэтиттэн ыйыталаһан, үлэҕэ киирээччи «улахан куонкуруһу» ааһарын бэлиэтиир. Оччолорго уот ситимин салайааччыта эдэрдии эрчимнээх, үлэттэн толлон турбат үлэһити ытыс үрдүгэр түһэрэн, үтүө сүбэлэри биэрэрэ. Тихон Макаров аҥардас 19 сыл суоппарынан, солбуллубат механигынан, билигин диспетчеринэн таһаарыылаахтык үлэлиир. Улуус биир тутаах тэрилтэтигэр саҥа үлэҕэ киирэр суоппар кэллэктиип биир сомоҕо түмсүүлээҕин, бары «биир организм» курдук үлэлээн кэлбиттэрин сырдык мичээрин ыһыктыбакка сэһэргиир. Ол курдук, ханна эмэ уот арахсыыта тахсар түгэнигэр, тэрилтэ үлэһитэ барыта биир санаанан, тута түмсэ охсон, үлэлиир биригээдэ быһаарыллан, биригээдэҕэ хапсыбатах үлэһит хомойо хааларын бэлиэтиир. Ол курдук үлэ дьоно ытыктыыр салайааччылара бүтүн кэллэктииби сомоҕолуу түмэрэ, ол түмүгэр уустук үлэ үтүө түмүктээх буолара.
БИИРГЭ ҮЛЭЛЭЭБИТ ДЬОЛЛООХПУН
Улахан тэрилтэ саҥа үлэһити бэйэтин кэккэтигэр тута ылыммыта. Эдэр үлэһиккэ оройуон бастакы суоппардарыттан биирдэстэрэ Семен Семенович Никифоров — Сэргэх Сэмэн бастыҥ үөрүйэххэ уһуйбута. Кини дьонусэргэни кытары түргэнник уопсай тылы булара, көрдөөх тыла-өһө эдэр суоппары кэбэҕэстик үлэҕэ сирдээбитэ, бастыҥ сатабылы иҥэрбитэ, уустук идэҕэ уһуйбута.
— «Кини ордук кэрэ аҥардар тустарынан сэргэх сэһэниттэн, кэрэ кэпсээниттэн үөһэ тэстэрэ, истээччилэри сэргэхситэрэ. Бар дьоҥҥо, норуокка ааттыынсуоллуун да «Сэргэх» диэн аатынан биллэрэ. Киһи кинини биирдэ көрдөҕүнэ умнубат киһитэ», — диэн Тихон Макаров үтүө тылынан сэһэргиир.
Биир төһүү үлэһитинэн ГАЗ-66 суоппара Георгий Егорович Слепцов, таптал аата «Новье», хайдахтаах да эргэ массыына кини илиитигэр киирдэҕинэ, саҥатыгар түһэр идэлээҕин бэккиһиир. Онуоха, Георгий Слепцов тус бэйэтэ: «новье» буолла», — диэн үөрэ-көтө кэпсиирэ. Кини суоппар быһыытынан, сиртэн-буортан тэйбит курдук ырааһа, чэнчиһэ эдэр үлэһиккэ бастыҥ холобурунан буолара. Ол курдук, баһыллар бадараанынан да хаамтаҕына, атаҕын таҥаһа ырааһын курдук массыыната куруук ыраас буолара. Эдэр суоппардар айылгытынан ыраас суоппары көрөн, тиэхиньикэни ыраастык тутарга дьулуһаллара, тырааныспардарыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллара. Онон тэрилтэ тиэхиньикэлэрэ саҥатык көстүүлээхтэрэ, тупсаҕай көрүҥнээхтэрэ.
Тихон Макаров автокрановщик, ыраах сиринэн айаннаабыт уһулуччулаах суоппар Иван Павлович Андросов тэҥнээҕин курдук сыһыаннаһан үлэлээбитин үрдүктүк сыаналыыр. Бастыҥ суоппар оччотооҕу кэмҥэ Мордовия сириттэн тэрилтэ массыынатын сүүрдэн аҕалара, эдэр суоппар кини ыллыктаах, ылыннарыылаах үтүө сүбэтигэр улахан махталлааҕын биллэрэр.
Ону тэҥэ, мындыр механик Ананий Панифатьевич Ефимов туһалаах сүбэни-аманы биэрэн, быыһыгар хаадьылаһан үгүскэ үөрэппитин-такайбытын умнубат, үлэлээн ааспыт умнуллубат кэмнэрин олох дьоллоох түгэннэринэн сыаналыыр.
Үөлээннээҕэ, истиҥ доҕоро, ГАЗ-53 массыына суоппара, диспетчеринэн үлэлээбит Гаврил Алексеевич Мурунов тэрилтэ биир солбуллубат суоппарынан буолара. «Якутскэнерго» бэтэрээнэ үрдүк аат хаһаайына, СӨ энергетикэтин министиэристибэтиттэн Бочуотунай грамоталаах суоппар ыраахтан-чугастан тэрилтэ таһаҕаһын бүтүннүү таһар эппиэтинэстээх үлэлээҕэ. Ол курдук, тэрилтэ хас биирдии үлэһитэ бэйэ-бэйэни ситэрсэн, доҕордуу көстүбэт ситиминэн ситэрсэн, дьон-сэргэ туһугар айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ.
САТАБЫЛЛААХ СУОППАР
РЭС тэрилтэтигэр Тихон Макаров 1986 сыллаахтан үлэтин саҕалаабыта, ол иһигэр 13 сыл буурдаах массыынаҕа суоппардаабыта. Оччотооҕу кэмҥэ сатабыллаах суоппар үрдүк маастарыстыбатынан кыһын, күһүн суол-иис мөлтөх кэмигэр, тыйыс тымныыны, ардаҕыхаары аахсыбакка, быыстала суох түбүктээх үлэ тохтообокко тигинэччи барара. Буурдаах массыына суоппарын мындыр өйүнэн, бастыҥ сатабылынан, томороон тымныыга массыына арыытын сөптөөхтүк көрүнүүтүттэн хайа да сир кырсын уратытыттан иҥнибэккэ, буур массыына үлэтин тиһэҕэр тиэрдэн, үлэ хаамыыта түргэтиирэ. Түбүктээх үлэ биир умнуллубат түгэнинэн урут ахсынньы 31 күнүгэр Таатта улууһун кырыы нэһилиэгэр, Хара Алдаҥҥа, Саҥа дьыл күн уот ситимэ биллибэт биричиинэнэн быстыбыта. РЭС үлэһиттэрэ биригээдэ тэринэн, сырыы суох сиринэн халыҥ хаары оймоон, алдьаныыны көрдөөбүттэрэ. Үлэ дьоно саҥа сыл үүнэр үөрүүтүн уһаппакка, хараҥаҕа ылларбакка, алдьаныы тахсыбыт сирин таба тайанан, дьоҥҥо сырдыгы бэлэхтээбит үөрүүлээх күннэрин күн бүгүнүгэр диэри эрэллээх суоппар умнубат.
ОҔОЛОРДООХПУТТАН АСТЫММЫТЫМ
Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа — олоҕу хамсатар сүдү күүһүнэн, оҕо инники олоҕун оҥкулун оҥорор, сүрүн олугу уурар биир тутаах киһинэн буолар. Дьиэ кэргэн амарах аҕата Тихон Макаров икки кынат уолаттара, күҥҥэ көрбүт мааны кыыһа кыра эрдэхтэриттэн аҕаларын үлэтигэр сайыһан кэлсэр түгэннэрэ баара. Биирдэ уолаттар аҕалара биригээдэни тиэйэр массыынаҕа суоппардыы сырыттаҕына, алдьаммыт уот ситимин оҥоро барбыт тэрилтэ бойобуой пехота массыыната (БМП) аара суолга толору уулаах бадарааҥҥа батыллан хаалбыт. Массыына иннинэн да, кэннинэн да барбат буолан, суһаллык тэрилтэттэн биригээдэ хомуллан, ЗИЛ баахта массыыната уонна ДТ-75 тыраахтар батыллыбыт сиригэр БМП-ны хостуу барбыттар. Ыксаллаах быһыыга-майгыга, суола-ииһэ мөлтөх Баайаҕа сиригэр, Тихон Макаров икки уола айаҥҥа барсыбыттара. Баран иһэн, уулаах, бадарааннаах аппаҕа массыыналара тыраахтары кытары батыллан хаалбыт. ДТ-75 тыраахтар гусеницата көстүбэт гына уулаах бадарааҥҥа түһэн, эбиитин гусеницата алдьаммыт. РЭС биригээдэтэ сатыы БМП батыллан турар сиригэр массыынаны хостуу туруммуттара. Оҕолору уулаах бадарааҥҥа батыллыбыт тыраахтар аттыгар хаалларарга күһэллибиттэрэ. Биригээдэ, этэҥҥэ ылыммыт соругун толорон, БМП хостоон кэлбиттэр. Арай тиийбиттэрэ… Уулаах бадарааҥҥа батыллыбыт ДТ-75 тыраахтардара кураанах сиргэ турарын көрөн олус соһуйбуттар. Тихон Макаров кыра уолаттара кыһалҕаны туоратар сыалтан сүбэлэрин холбоон, булугас өйдөрүнэн хоруу хаһан, ууну сүүрдэн кэбиспиттэр. Аҕа киһи ол түгэҥҥэ оҕолордооҕуттан астыммытын күн бүгүнүгэр диэри умнубат.
АҔА КИЭН ТУТТУУТА
Уһун кэмҥэ эҥкилэ суох бэриниилээхтик үлэлээбит энергетикэ бэтэрээнэ Тихон Макаров улахан уола Святослав Тихонович СГУ инженерэнергетик салаатын бүтэрэн, 15-с сылын Дьокуускайдааҕы ГРЭСкэ айа-тута үлэлиир. Кини маҥнай электрослесарынан, инженеринэн, маастарынан таһаарыылаахтык үлэлээн, киэҥ билиини баһылаан, билигин үрдүк маастарыстыбалаах маастарынан ситиһиилээхтик үлэлиир. Ыал улахан оҕото, дьиэ кэргэн эрэлэ таһаарыылаах үлэтин иһин, Арассыыйатааҕы энергетикэ «РусГидро» холдинговай хампаанньа махтал суругунан наҕараадаламмыта.
Иккис уола Евгений Тихонович СГУ радиофизик үөрэҕин бүтэрэн, 12-с сылын Дьокуускайдааҕы ГРЭС электрослесара. Кини эрэллээх үлэһит быһыытынан маҥнайгы ГРЭС «Бочуотун дуоскатыгар» киирэр чиэскэ тиксибитэ.
Оһоҕос түгэҕинээҕи соҕотох кыыһа Анна Тихоновна (Макарова) Скрыбыкина 8 кылаастан саҕалаан, аҕатын курдук энергетикэ идэтин баһылыыр бигэ санааны ылыммыта. Кини СГУ инженер-энергетик идэтин бүтэрэн, Тааттатааҕы РЭС-кэ 7-с сылын оройуон 2-с группалаах диспетчеринэн үлэлиир. Үлэтин үтүө көрдөрүүтүнэн «Таатта улууһа» МО Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта, кэллэктиип профсоюһун көхтөөх чилиэнинэн буолар. Аҕа туйах хатарааччыларын ситиһиилэринэн кынаттанан, куруук удьуор утуму салҕаабыт тумус туттар дьоҥҥо дириҥ ытыктабылы иҥэрэргэ дьулуһар.
Учууталлар династияларын сыдьаана Тихон Святославович оҕолоро — аныгы үйэ дьоно олохторун суолун булуналларыгар сыаналаммат кылааты уурбута. Оҕо кыра сааһыгар аҕа истиҥ тапталын толору биллэҕинэ, кини киһи буолан иитиллэн тахсарыгар бигэ туруктаах, бөҕө тирэхтээх, бэйэтигэр эрэллээх буолар. Аҕа дьиэ кэргэни хамсатар күүһүнэн буоларын кэриэтэ, Тихон Макаров кэнчээри ыччатын идэҕэ сирдээбит уһуйааччынан, үлэҕэ сыһыанынан үтүө холобур буолар Ытык киһинэн буолар. Биир идэҕэ бэриниилээх үлэһиттэри иитэн таһаарбыт уһуйааччы үксүү, чахчы дьон-норуот туһугар үлэлиир көлүөнэни ииппит үлэһит бириэмэтигэр сыаналана туруохтун!