Тыа сиригэр оскуола нэһилиэк туллар тутааҕынан, кэлэр кэнчээрини киэҥ билии аартыгар сирдиир үөрэх кыһатынан буолар.
Биир үтүө күн айылҕа маанылаан айбыт Таатта улууһун кырыы нэһилиэгин оскуолатыгар ыалдьыттаатым.
Г.В. Егоров аатынан Хара Алдан орто оскуолатын уһун, синньигэс көрүдүөрүттэн оҕо киэҥ билиини сомсоругар, алтыһыы, бодоруһуу эйгэтин үөскэтэргэ бары усулуобуйа тэриллибитин сөҕө көрдүм.
Аныгы үөрэх ирдэбилинэн оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт түөлбэ, оскуола дириҥ историятын, олорон ааспыт киэн туттар биир дойдулаахтарын, тулалыыр эйгэҕэ баар физика суоруллубат сокуонун, куйаар эттиктэрин кытары билсиһэр.
Көрүдүөрү сойо илик сонуну сырдатар истиэндэ, кэрэни кэрэхсэтэр үөрэнээччилэр уран тарбахтарынан оҥорбут үлэлэрин быыстапката, үгүһү сэһэргиир оскуола бастыҥ ситиһиилэрэ, көлүөнэлэри ситимниир выпускниктар галереялара киэргэтэр.
Көрүдүөргэ күннэтэ көстүүгэ турар оскуола түмэлин истиэндэтэ төрүт өбүгэ туттан кэлбит малын-салын, чугас эргинтэн булуллубут кыыллары билиһиннэрэр аналлаах.
Салгыы билии киэҥ байҕалын храмыгар – библиотекаҕа сырыттым. Манна педагог-библиотекарынан 40-ча сыл эҥкилэ суох Августина Бочурова айа-тута үлэлиир.
Бэриниилээх педагог үлэтин биир сонун хайысхатынан кэлэр кэнчээрилэргэ ааҕыыны кытта билиини тэҥҥэ дьүөрэлээн, ЛОТО-оонньууну уонна хомулугу табыгастаахтык оҥорор. Үөрэнээччилэр ЛОТО нөҥүө айымньы умнуллубат дьоруойдарын, классик суруйааччылар тыыннаах тылларын, хомулуктан Саха сирин уонна көтөрдөрүн үөрэтэллэр.
Айымньылаах үлэлээх педагог-библиотекарь оскуола көрүдүөрүгэр Саха сирин хаартатын оҥорбут. Мантан оҕолор киэҥник биллэр улуу суруйааччылары, норуот туһугар олохторун анаабыт чулуу дьоннору билэллэр. Бу курдук үөрэх кыһата бастыҥ үөрэнээччилэри таһынан үлэни өрө тутар дьоһун дьонунан кэрэхсэнэ турдаҕа.
Салгыы оҕо-аймах тоҕуоруһа түмсэр аактабай саалаҕа киирбитим, хаҥас диэки көрдөххө, сахалыы таҥаһынан симэммит оҕолор төбүрүөннээн олорон, төрүт өбүгэттэн көлүөнэлэри уҥуордаан кэлбит остуол оонньуутунан дьарыктаналлар.
Уҥа диэки көрдөххө, 4 кылаас үөрэнээччитэ Коля Матаннанов ылбаҕай ырыатын бэлэхтиир. Коля кыра сааһыттан ырыа аргыстаах, үҥкүү доҕордоох эбит. Кини хомоҕой хоһоонунан, чинчийэр үлэнэн араас таһымнаах күрэстэргэ, бары биридимиэт олимпиадаларыгар көхтөөхтүк кыттар. Ордук гуманитарнай хайысхалаах биридимиэттэргэ сөбүлээн дьарыктанар. Коля оҕо эрдэҕиттэн ас астыырын сөбүлүүр буолан, дьиэ кэргэнин минньигэс бирээнньигинэн күндүлүүр ыал тумус туттар оҕотунан буолар.
Бу курдук биир дьоҕус оскуола үүнэр көлүөнэни киэҥ билиигэ сирдиир, сырдыкка арыаллыыр.
Мария Павлова.