Балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр Чөркөөххө Улуу Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи ааҕыы буолан ааста. Тэрээһин бастакы күнэ Платон Алексеевич төрөөбүт-үөскээбит сиригэр Дэлбэрийбит алааска ыытылынна. Иккис күн ааҕыы, хаардаах ардах түһэн, П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатыгар буолла. Өрөспүүбүлүкэ 19 улууһуттан: Таатта оскуолаларыттан барыта 2739 киһи, 93 дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, 871 кыттааччы, 118 ыҥырыылаах ыалдьыт, 69 тэрийээччи, 154 култуурунай бырагыраамма кыттыылаахтара, 137 материальнай-техническэй өттүнэн хааччыйар дьон, 10 СМИ үлэһитэ, 16 спонсор, уопсайа 1253 ыалдьыт сырытта.
Сыл хонук дииллэрэ кырдьык. Биирдэ өйдөөн көрбүтүм, 1983 сыллаахха Чөркөөх орто оскуолатыгар мин черчение, уруһуй, үлэ учууталынан айымньылаахтык үлэлии сырыттахпына, П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 90 сылыгар «Ойуунускай ааҕыылара» төрүттэммитэ 40 сыла ыытыллыбыта.
Убайым Дмитрий Степанович Жегусов саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиирэ. Кини бэйэтин кэмигэр элбэх саҥа саҕалааһыннары, идеялары киллэрбит талааннаах, оҕо-аймах таптыыр учуутала этэ.
1983 с. оскуола иһинэн ааҕыыларга 5 дакылаат, 6 реферат, 142 өйтөн суруйуу, 60 уруһуй дьүүллүүр сүбэ көрүүтүгэр киирбитэ, 89 үөрэнээччи оҥоһуга быыстапкаҕа турбута. Ааҕыылар түмүктэринэн кыайыылаахтары наҕараадалааһыҥҥа 100 тахса оҕо оҥоһуга бэлэх быһыытынан туттуллубута. «Маныаха үлэ, уруһуй, черчение учуутала И.С. Жегусов уонна кини куруһуогун оҕолоро улахан үтүөлээхтэр» — диэн СӨ үтүөлээх учуутала Е.П. Чехордуна 2003 с. таһаарбыт «Чөркөөххө – Ойуунускай ааҕыылара» диэн кинигэтигэр ахтыбыта.
Сэтинньи ыйга оскуола иһинэн биэчэр буолбута. Сыанаҕа улахан таҥаска П.А. Ойуунускай портретын ойуулаабытым. Оҕолор бу портрет иннигэр туран хоһооннору, кэпсээннэри, дакылааттары аахпыттара. Биэчэргэ ыҥырыылаах ыалдьыттарынан хомсомуоллар, үөрэх салаатын, баартыйа оройуоннааҕы кэмитиэтиттэн о.д.а. кэлбиттэрэ. Дмитрий Степанович улахан дакылааты оҥорбута. Кини ааҕыылары ыытаары хара үлэтигэр элбэхтик сүүрбүтэ-көппүтэ. Оччолорго эдэр кылаас салайааччыларыгар наставниктыыра, үлэтин уопутуттан кэпсиирэ, сүбэ-ама биэрэрэ.
ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, артыыс Симон Федотов улуу поэт Былатыан Ойуунускай хоһооннорун ааҕан, үөскээбит алааһыгар кини сырдык мөссүөнэ тиллибитэ. Саха суруйааччылара Н.Е. Мординов — Амма Аччыгыйа, В.С. Соловьев — Болот Боотур ахтыы оҥорбуттара. РСФСР Үтүөлээх артыыһа Гаврил Колесов, СӨ култууратын миниистирэ А.С. Борисов о.д.а. ааҕыылары үрдүктүк сыаналаабыттара.
Казах ырыаһыта Турсынай Оразбаева духуобунай аҕатынан Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоону билинэн, аан маҥнай «Мин кэллим Тааттаҕа» диэн ырыатын ыллаан иһитиннэрбитэ. Бу бырааһынньык бар дьону астыннарбыта. Итинтэн сэдиптээн, бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи ааҕыылар 1993 с. бэс ыйын 8-9 күннэригэр поэт уһаайбатыгар үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. П.А. Ойуунускай 100 сылыгар анаммыта улахан тэрээһиҥҥэ Саха сирин 33 улууһуттан кыттыбыттара. Хас биирдии оскуола 20 киһилээх дэлэгээссийэлээх кэлбитэ. Таатта улууһун бары оскуолалара кыттан, өрөспүүбүлүкэттэн кэлбит иккилии улууһу уһаайбаҕа үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Үс түүннээх күн оройуон хас биирдии оскуолата анаммыт сирин киэргэтэн, ыалдьыттары аһатан, арыаллаан, үрдүк таһымҥа көрсүбүттэрэ. Дириҥ күөл үрдэ, Таатта үрэх кытыла балааккаларынан киэркэйбитэ. Бу күннэргэ доҕордоһуу үөрүүтэ, Улуу поэт төрөөбүт сирин кытта билсиһии, кэриэстээһин быһыытынан-майгытынан ыытыллыбыта.
Быйыл буолбут тэрээһиҥҥэ П.А. Ойуунускай ааҕыыларын төрүттээбит саха тылын учуутала, методист-учуутал, СӨ үтүөлээх учуутала бу ааспыт ааҕыыларга үрдүк тырыбынаттан Дмитрий Степанович Жегусов аата ааттаммата, ыччакка иһиллибэтэ. Саха ыччатын туһугар олоҕун 51 сылын анаабыт, үгүс үтүө дьыаланы оҥорбут, икки норуодунай суруйааччыны (Е.В. Слепцова – Куорсуннаах, Е.П. Неймохов) үөрэппит-такайбыт Улуу учуутал аата бар дьонугар ааттаныахтаах, иһиллиэхтээх этэ…
Дмитрий Степанович олус сэмэй, сымнаҕас, кими да кытта иирсибэт, бэрт былдьаспат, аакка-суолга анньыспат, дьиҥ саха Саарына учуутал этэ. Кини 40 тахса сыл үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитин кэннэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна ааты 1999 с. эрэ биэрбиттэрэ. ССРС саҕана РСФСР үөрэҕин туйгуна ааты ылбатаҕа…
Кэнники 2006 сыллаахха 75 сааһыгар Е.В. Слепцова – Куорсуннаах, Е.П. Неймохов туруорсаннар 51 сыл үлэлээбитин кэннэ үтүөлээх учуутал ааты иҥэрбиттэрэ. Убайым олохтон барбыта үс сыла буолла. Урут билиҥҥи курдук аат-суол бырааһынньык аайы кэлбэт этэ.
1979 сыллаахха, мин оччолорго Дьохсоҕон аҕыс кылаастаах оскуолатыгар 4-с сылбын учууталлыы сырыттахпына, УНО сэбиэдиссэйэ Н.К. Макаров: «Дойдулаах киһи Чөркөөххөр миэстэ таҕыста, онно үлэлии бар», — диэн ыҥыран ылан эппитэ. Инньэ гынан, балаҕан ыйын 20 күнүгэр Чөркөөххө көһөн кэлбиппит. Кэргэним Александра Ионовна аҕыйах чааска домоводство куруһуогун ыытара уонна интернат иитээччитинэн үлэтин саҕалаабыта. Мин 18 чаастаахпын. Черчение. Уруһуй. Үлэ уруога. Мастерской сэбиэдиссэйэ. Кэлээт, үлэ үөһүгэр төбөм оройунан түстүм. Оскуола мастерскойа ыһыллан турара, кабинетнай система суоҕа. Дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Мария Трофимовна Ушницкая кылааһын миэхэ туран биэрэн, ону оҥостон, оскуолаҕа бастакы кабинеты оҥорон, үс куруһуогу үлэлэппитим. Мастерскойу эмиэ оҥорбутум. Дириэктэр Г.Г. Власовтыын субуотунньук тэрийэн, атын кабинеттары оҥорон саҕалаабыппыт. В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар Ленинскэй сааланы оҥорбутум. Күнүстэри-түүннэри үлэлээн, 23 планшекка фломастерынан Ленин биографиятын хаартыскалаан, XIX үйэ улуу педагога К.Д. Ушинскай: «Учитель живет до тех пор пока он учится, а как он перестает учиться в нем умирает учитель», — эппит тылын уларытан: «Учитель живет до тех пор пока он преподает, а как он перестает преподавать в нем умирает учитель», — диэн суруйбутум. Билиҥҥи курдук бэлэм компьютер суоҕа. Киирэр ааҥҥа В.И. Ленин улахан портретын уруһуйдаабытым. Чөркөөх оскуолатын үөрэнээччилэрэ ити сылларга прикладной искусство быыстапкаларыгар, уруһуй куонкурустарыгар, черчение олимпиадаларыгар бастакы миэстэттэн түспэтэхтэрэ.
Бастакы миэстэни ылбыттарга бочуотунай грамоталары туттараллара, туох да бэлэх, бириэмийэ диэн сыта да суоҕа. Чөркөөх оскуолатыгар биир да РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна суоҕа, эгэ үтүөлээх учуутал кэлиэ дуо… Сэбиэскэй кэм саҕана аат-суол оннук күндү, кэмчи этэ. Арай 1986 сыллаахха XI пятилетка түмүгүнэн оччотооҕу оройуон 300 учууталыттан ордоммун Сэбиэскэй бырабыыталыстыба «Үлэ Албан аата» уордьанынан наҕараадалаабыта. Сэбиэскэй былаас 74 сыл туругурбутун тухары Таатта оройуонугар 13 эрэ учуутал уордьанынан наҕараадаланан турар. Ол 13 учууталтан билигин соҕотох мин эрэ хаалан сылдьабын. Сыл-хонук уу сүүрүгүн курдук түргэнник ааһар, туох барыта умнуллар, сүтэр, симэлийэр. Оччотооҕу кэмҥэ үлэлээн ааспыт коллегаларым үксүлэрэ айылҕа сокуонунан күн сиригэр суохтар… «Киһи күннээх, балык ыамнаах».
Ахтыыны суруйда И.С. Жегусов педагогическай үлэ бэтэрээнэ.