Хайа, мыраан быыһынан

Хара былыт унаарда,

Хаарыс солко төбөлөөх

Хаһыытаата бөтүүкпүт.

Хоммут харахпын аһаммын

Хоолдьуктарбын хамсатан

Халадаайбын кэтэммин,

Хара нуолур суһуохпун

Халаачыктыы хомунан,

Хара саары этэрбэспин

Холумтантан ыламмын

Хаамар-сиимэр атахтарбар

Хааччыйаммын кэтэммин

Хаҥыл атым сиэлинэн

Хатыллыбыт дэйбиирдэнэн,

Хонуу-кырдал устунан

Хотолдьуйа хаамаммын

Хара эриэн ынахтарбын

Хамыйталаан аҕалан,

Хоруудаҕа бурдук кутан,

Хаппыт Киинэн түптэлээн,

Хатыҥ хаҕа ыаҕыйабар

Харачааспын ыанньыктаан,

Хараллыбыт чабычахтан

Хаппыт мас хамыйаҕынан

Холбуйабын чөчөгөйү

Хатыҥ талах ытыгынан

Холоруктуу ытыйан,

Хабахтыы үллэ дагдайбыт

Хабыы күөрчэх астыыбын,

Хаптаҕаһым амтанынан

Хатаҕалыы минньитэбин

Хатарылла үөлүллүбүт

Хаппыт балык уурабын.

Хаарыан күндү дьоннорум

Хаһан даҕаны үөрэ көрсүҥ,

Хонук аастын холкутук

Хоту дойдум сиригэр

Хоһуун буоллун олоххут!

Е.В. Попова.

Читайте дальше