«Саха… үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһыыта олус күүстээх…» (Суорун Омоллоон)

«Кыһыҥҥы сарсыарда. Барык-сарык. Бөөлүүн өлгөмнүк түспүт сыа хаар устун суол кытыытынан хаары оймоон үлэлээх киһи быһыытынан тиэтэйэ-саарайа хааман дьүккүйэбин.

Балачча түспүт хаары оймуур сыанан аҕаабат. «Оо, нэһилиэк дьаһалтата тротуардары ыраастыыр дьону булуон сөбө эрэ» диэн саныы иһэн көрбүтүм: биир киһи бэрт сорунуулаахтык иннибэр тротуар ыраастыы сылдьар эбит. Хайалара буоллаҕай?
Чугаһаан көрбүтүм — саастаах киһи эбит. Саха дьонун сиэринэн эҕэрдэлэстибит. Аргыһым кэпсээннээх, бэрт сэргэх киһи буолан биэрдэ. «Айан суолунан дьон сылдьаллара кутталлаах диэммин тротуардары ыраастыыбын» — диир. Туох үчүгэй аанньаллыҥы санаалаах киһитэй диэн кэпсэтиэх санаам киирдэ. Суруналыыс үгэһинэн төлөпүөммэр устубутунан бардым. Билсэн, сэһэргэһэн киирэн барбытым — олох даҕаны олоххо көхтөөх майгытынан уруккуттан биллэр Дьүлэй нэһилиэгиттэн төрүттээх Чупров Роман Романович буолла. Кини кэргэнинээн Зинаида Дмитриевналыын оччолорго 4 оҕолорун субуруппутунан Таатта народнай театрыгар үҥкүүлүүр буолаллара. Оттон билигин төрөппүт 6 оҕолоро бары үлэни өрө туппут бэйэлэрэ ыаллар аҕалара, ийэлэрэ. Алта оҕоттон биэһэ төрөөбүт улуустарыгар оҕо-уруу тэнитэн, ийэ-аҕа тирэҕэ буолан да олороллоро бу ыал төрөөбүт сиргэ тирэхтээҕин, саха ыалын сиэринэн бары сүөһү-ас ииттэн, техника араас албаһын ситэн, от оттоон, мас мастаан, нэһилиэк, улуус олоҕор көхтөөхтүк кытталлара, нэһилиэк , улуус дьокутааттара буолан, үлэлэрин, дьиэлэрин-уоттарын таһынан дьон уйгута тупсарыгар ис сүрэхтэн кыһаллаллара – бу барыта ИЛЛЭЭХ ДЬИЭ КЭРГЭН, ИЙЭ, АҔА үтүө холобурун батыһан, сахалыы сиэрдээх буолуу үтүө холобурун утумнааһын, сирдээҕи аналы толоруу.
Оҕолорун туһунан аҕыйах тылынан сэһэргээтэхпинэ, Шестакова Варвара Романовна 4 оҕолоох ийэ, бэһис разрядтаах повар, нэһилиэк общественницата, спортсменка, Альберт Романович 4 оҕолоох аҕа, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар, бааһынай хаһаайыстыбаларга от-мас тиэйии өҥөтүн оҥорор, Петр Романович 5 оҕолоох аҕа, улуус дьокутаата, өроөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа уолунаан» күрэхтэһии үс төгүллээх призера, чөмпүйүөнэ, Ульяна Романовна 4 оҕолоох ийэ, идэтинэн парикмахер, элбэх араас таһымнаах өрөспүүбүлүкэтээҕи парикмахердар күрэхтэһиилэрин кыайыылаахтара, ох саанан ытыыга спорт маастарыгар кандидат, «Таатта күөрэгэйэ» анал ааттаах ырыаһыт. Наталья Романовна 3 оҕолоох ийэ, Дьүлэй нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһитэ, спортсменка, нэһилиэк дьокутаата, спортсменка, Татьяна Романовна 2 оҕолоох ийэ, парикмахер, «Таатта күөрэгэйэ» анал ааттаах ырыаһыт.
Дьэ мантан да көстөрүнэн оҕолор эмиэ төрөппүттэрин курдук кэрэни кэрэхсиир, үчүгэйгэ дьулуһар дьоннор. Кинилэр бары нэһилиэктэрин ,улуустарын киэн туттар дьоно.

Билигин куйаар ситиминэн көрүөх бэтэрээ өттүнэн тугу суруйбутуҥ тарҕанара түргэнэ. Тротуар ыраастыы сылдьар Чупров Роман туһунан видеосюжеты өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх киһи көрөн сэҥээрбит этэ
Бу видеосюжет өрөспүү-бүлүкэҕэ 4 ый анараа өттүгэр олохтоммут Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын, баһылыгын дьаһалтата, ис дьыала политикатын Департаменын салалтата, саҥаны арыйыыны тарҕатыы үрдүкү оскуолата (Высшая школа инновационного менеджмента – ВШИМ), Саха өрөспүүбүлүкэтин общественнай Палатата тэрийбит «СВОИ» бырайыакка киирдэ. Чупров Роман Романовиһы бырайыак Дьоруойунан, ыстатыйа ааптарын эксперт быһыытынан ыҥыран кытыннардылар.

Бу «СВОИ» медиабырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун көҕүлээһиннэринэн тэриллибит. Бырайыак ааптара Российскай Федерация Общественнай Палататын чилиэнэ Наталья Альбертовна Кашперская. Бырайыак сыала атын дьон олоҕун, кыһалҕатын бэйэтин киэнин курдук ылынар, дьон туһугар үлэлиир-хамсыыр патриот дьоннор тустарынан кэпсииргэ, дойдубут үтүө дьыалаларынан киэргэйэригэр кыһаллар дьону элбэтиигэ, төрөөбүт дойдуга, дьоҥҥо-сэргэҕэ тапталы, эрэли, итэҕэли саҕар эйгэни үөскэтиигэ, сырдык санаалары тарҕатыыга туһаайыллар.
Бырайыак төрдүс биэриитигэр анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн баран үлэлээбит асчыт идэлээх, билигин анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар үс уолаттардаах Марина Константиновна Бахилина кыттыыны Дьоруой быһыытынан ылбыта. Кини анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн балтараа сыл үлэлээн кэлбит. Кинини байыастар Мама Победа диэн таптаан ааттыыллар эбит.

Бырайыакка Дьоруой быһыытынан анал байыаннай дьайыыга оҕотун сүтэрбит Аллараа Халыматтан төрүттээх Винокурова Альбина Алексеевна ыҥырыллыбыт. Кини уолун санаатын салҕаан, байыастарга көмө тэрийиитигэр түмсүүлэри салайан үлэлэтэр.Кини этэр: «Биһиги региоммут хайа да регионнааҕар байыастарбытыгар кыһаллар, көмөлөһөр, оҕолорбут ол иһин биһиги көхсүбүтүгэр амарах, күүстээх санаалаах дьонноохпут диэн санаалара бөҕөх».
«СВОИ» бырайыакка урбаанньыттар кэккэлэриттэн саастаах дьону массааж албастарыгар үөрэтэр, доруобуйаны тупсарыыга, доруобайдык кырдьар кистэлэҥнэрин ис сүрэхтэн үөрэтэр дьоннор Елена Гаврильевна Рожина уонна Федот Павлович Максимов кытыннылар.
Бу бырайыак дьоруойунан Тааттаттан тардыылаах Антон Гаврильевич Васильев (Дьүлэй нэһилиэгэ) ааттаныан ааттанна. Кини доруобуйатынан төһө да хааччахтааҕын иһин ис санаатынан олус күүстээх, кинини өрөспүүбүлүкэҕэ үтүө дьыалаларынан , дьоҥҥо көмөтүнэн билэллэр. Ол курдук, кини бэйэтэ билинэринэн, «Я каждый день посылаю Вселенной добрую энергетику, сегодня почистил берег Талого озера. Мы должны быть благодарны Вселенной, что мы есть» диэн санаалаах. Оттон «Берегиня» диэн оҕо дьиэтин үлэһитэ Антон Васильевы хас да сыл анараа өттүгэр Аан Дойду дьахталларын күнүгэр көтөх муҥунан тыыннаах тюльпан сибэккитин бэлэхтээбитин олох умнубаттарын эттэ. Антон «олоххо саамай наадалаах харчы буолбатах, дьоҥҥо үтүө сыһыан наада, ол олоҕу уларытар, чэбдигирдэр күүс» диэн санаатын үллэһиннэ.
Дьэ бу курдук өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан «СВОИ» программа күөх экранынан быһа биэриигэ олохпут уйгута тупсарыгар, үтүө санааҕа, дойдуга тапталынан уһуйуллууга тыыннаах холобурдары ыҥыран, кинилэр нөҥүө кэскиллээх дьыаланы оҥороллорун кэпсээтэ.
Программаҕа Тааттам сирэ амарах санаалаах, дьоҥҥо үтүөнү оҥороллоруттан дьоллонор дьоннор тустарынан киэн тутта эмиэ сэһэргээтим. «Олоҕу хамсатар дьон» сиэрийэбитигэр кинигэ бэчээттэппит дьоммутун Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастарын Изабелла Элякованы–Илгийээнэни, оҕуруотунан дьарыктанар Любовь Луковцеваны, туойунан дьарыктанар Матвеева Ульянаны, олоҥхону толорууга үөрэтэр Раиса Маркованы киэн тутта аҕынным.
Анна Посельская.