Сахатеатрын артыыстара — Муҥха Дэлбэрийбиккэ

Бүгүҥҥүттэн саҕалаан, ол эбэтэр олунньу 21 күнүттэн биир ый устата Таатта улууһугар Былатыан Ойуунускай аатынан Сахатеатра ыалдьыттыыр. Артыыстар гастрольнай турдарын кырдьаҕас Чөркөөхтөн саҕалаатылар. Эдэр көлүөнэ артыыстары сэргэ саха тыллаах дьон ытыктыыр, сүгүрүйэр Зоя Багынанова, Маргарита Борисова бааллар. Чөркөөхтөр икки күн устата Карел Чепак «Ийэ» драматын уонна Былатыан Ойуунускай «Оҕоҕо баҕарбыт» испиктээкэлин «тутан» олорон көрүөхпүт. Театр сүрүн режиссера Руслан Тараховскай Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан кини оҕолорго анаан суруйбут айымньыларын холбоон сонун испэктээкил оҥорбут. Театр артыыстара сарсыарда Судаарыстыбаннас уонна политсыылка, история музейдарын көрдүлэр. Эбиэттэн киэһэ олунньу тымныытын аахсыбакка, суол>иис суох диэн толлубакка Былатыан Ойуунускай киинэ түспүт Муҥха Дэлбэрийбиккэ таҕыстылар. Испэктээкил геройдара Дмитрий Татаринов, Илья Стручков, Василий Романов алааска тиийэн көмүлүөк оһоҕу оттон, көҥүллэтэн, иһийэн санааларын сааһыланнылар. Былатыан мэҥэ өйдөбүнньүгэр сүгүрүйдүлэр. Күндү артыыстарбытыгар ситиһиини, үгүс көрөөччүлэри баҕарабыт.

Светлана Халгаева.