Сайылык күнэ — күөххэ үктэнии

Саха дьонугар былыр-былыргыттан Ньукуолун күнэ олус ытыктанар, улахан суолталаах, күүтүүлээх бырааһынньык. Бу күн уһун тымныы кыһыны туораан, этэҥҥэ күөххэ үктэнии үөрүүтэ-өрөгөйө буолар. Биһиги өбүгэлэрбит бу күн айылҕаҕа тахсан сири-дойдуну аһатан, айыыһыттарыгар сүгүрүйэн туран, салама ыйаан баҕа санааларын этэллэрэ, инники олохторун түстүүллэрэ.
Таатта нэһилиэгин «Сарыал» култуура киинин көҕүлээһининэн булчут эр дьон ытык-мааны дьоммутугар — тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии сылын оҕолоругар, кырдьаҕастарга бука барыларыгар — баай байанайдарын бэлэҕиттэн сибиэһэй куһунан күндүлээтилэр.

«Кус түүтэ бурҕаҥнас»

Ол сиэринэн үгэскэ кубулуйбут түөлбэлэр икки ардыларыгар «Кус түүтэ бурҕаҥнас» кус үргээһинигэр күрэс ыытылынна. Күрэскэ түөлбэттэн иккилии күрэхтэһээччи кытынна. Кинилэр төһө түргэнник уонна ыраастык үргүүргэ күөн көрүстүлэр. Түмүккэ «Куула» түөлбэ олохтооҕо Татьяна Голикова кыайыылааҕынан таҕыста.


Куһунан күндүлээтилэр

Таатта нэһилиэгэ хаһыс да сылын Сайылык күнүгэр тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии сылын оҕолоругар, кырдьаҕастарга сибиэһэй кус этинэн, тотоойу миининэн, арыылаах саламаатынан күндүлүүллэр.
Быйыл ол сиэри-туому тутуһан булчут эр дьон күндүлээбит 150 устуука кустарын, сибиэһэй собону буһаран бэртээхэй бырааһынньыгы тэрийдилэр. Арчылааһын сиэрин-туомун этигэн оһуохайдьыт Иван Иванов алгыс тылынан айхаллаан ситэрэн-хоторон толордо, аал уотун уматан, арыылаах саламаатынан, алаадьынан айах тутта, сылгы сиэлинэн сыт таһаарда.

Сайылык күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэлэрин «Таатта улууһа» МО баһылыга Айаал Бурцев, Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов, үлэ уонна социальнай харалта салайааччыта Михаил Тарасов, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Попова тиэртилэр.

Бу күн мустубут ытык-мааны дьоммут күөххэ сирэмҥэ сынньанан, үөрэ- көтө кэпсэтэн, эҕэрдэ тылларын этэн, ылбаҕай ырыаларын ыллаан, көрдөөх оонньууларга көхтөөхтүк кыттан, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, сэргэхсийэн тарҕастылар.

Елена Слепцова.