Саҥа ДЬЫЛ дуу? Саҥа СЫЛ дуу?

Христоос Таҥара төрөөбүтэ 2024 сыла буолуо 13 күн хаалла. Ол кэнниттэн 7 күн буолан баран Дьобуруопаҕа уонна Бүтүн Аан дойдуга саҥа 2024 СЫЛ кэлэр диэн ахсааннаах. Олох 2024 сыл иннинэ суох этэ диэбэппит. Баар этэ. Чэ, ол хааллын, ырыппаппыт. Ийэ дойдубутугар, Саха Сиригэр төннүөххэ. Чуолаан Ньурбаҕа. Былыр Аканаҕа 1960 сыллаахха, мин 1-2 кылааска үөрэнэр кэммэр, ханна сурук баарын ааҕар бэдик этим. Оҕо сылдьан тугу көрбүтүҥ дириҥник иҥэн хаалар эбит, долоҕойгор. Онтон арыый улааппытым кэннэ, 1970-с сыллар диэкки быһыылааҕа, арай биирдэ өйдөөбүтүм: «Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!» — диэн суруйар буолбуттар этэ. Билиҥҥи эдэр да, саастаах да дьон үксэ ахсынньы 31 — тохсунньу 1 күнүгэр буолар түүҥҥэ «Саҥа дьылынан!»— дэһэннэр һампаан иһэ-иһэ эҕэрдэлэһэллэр. Ити дьиҥэ, сыыһа. Саҥа сыл диэн өйдөбүлү 1700 сыллаахха Петр I Дьобуруоппаттан Арассыыйаҕа киллэрбит. Нууччалар ол иннигэр саҥа сылларын күһүн балаҕан ыйыгар ылаллар этэ. Ону быһаара барбаппын, бассаапка хаста да быһаарбытым. Үтүүппэр эмиэ 688 суруйтарааччыбар эмиэ кэпсээбитим. Эбэтэр кэпсиэҕим, хатылаан. Дьыл туһунан 100-чэкэтэ суруйдаҕым, кэпсээтэҕим буолуо, хаһыакка, араадьыйаҕа, күөх хоппоҕо дуу, хоптоҕо дуу? куйаар ситимигэр сыл аайы хатылыыбын. Ол эрээри, тоҕо эрэ, саха дьоно соччо өйдөнөн испэттэр. Убайбыт Уйбаан Буурсап Афанасий Максимов кинигэтин, биллэхпэр, Маалыкайга үйэтигэр һылгыга үлэлээбит 80-тан тахсыбыт Саввинов Степаанныын уонна кини кэргэнинээн ити туһунан кэпсэттим, ДЬЫЛ уонна СЫЛ туох атыннаахтарын, уратыларын. Тыа саастаах дьоно барахсаттар, чопчу быһааран биэрдилэр. Хабырылла Уҕаарап «Дьыл уонна Сыл» диэн кинигэтигэр суруллубутун курдук. Ол кинигэҕэ, мин улуу убайым, Багдарыын Сүлбэ барахсан ахтыыта эмиэ баар этэ. Бүлүү сүнньүн аарыма кырдьаҕастарын тыыннаахтарыгар баттаһан, ыйыталаспыт ахтыыларыгар олоҕурбут дьоҕус кинигэтигэр, ДЬЫЛ диэн — ЫНАХ ХОТОҤҤО КЫСТЫЫР КЭМЭ ааттанар. Дьыл уһуна — 220 хонук. Алтынньы ортотуттан (кыстык хаар түһүүтүттэн) саҕалаан, ыам ыйын 22 күнүгэр сайын кэлиитигэр түмүктэнэр. Чэ, СЫЛ уонна ДЬЫЛ диэн өйдөбүллэри 101-с төгүлүн быһаардым. Онон, күндү Ньурбам сахалара уонна Ийэ Дойдубут бары дьиҥнээх сахалара, ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу 1 күнэ үүнэр түүнү: «САҤА СЫЛЫНАН! диэн эҕэрдэлэһиэҕиҥ», — диэн аһаҕас ыҥырыыбын түмүктүүбүн.

Ньурбаттан Бигэ Өрөкүй Бааһынай уола.
2023 сыл. Ахсынньы 12 күнэ. Үлэ иккис күнэ.

Читайте дальше