Бастакы олук. «Уол оҕо төрөөтөҕүнэ — суор үөрэр»
Ийэ тыл уонна сурук- бичик күнүнэн саха норуотун суруйааччыта Сэмэн Тумат бөлүһүөктүү анаарыылаах ыччаттарга, ордук сиртэн саҥардыы сэрбэйэн эрэр олдьот оҕо дьоҥҥо сүбэ — саргы биэрэр тосхолу тутуспут дьоһун ыстатыйаны суруйбутун сонургуу кэрэхсээн, умсугуйан аахтым.
Ученай Елисей Кириллович Иевлев бэлиэтиир: «Былыргы өбүгэлэрбит этэллэринэн, атааннаах-мөҥүөннээх аан Ийэ дойду, оһоллоох-охсуһуулаах орто дьаҕыл дойду уустук олоҕо билиҥҥи киһи дьылҕатыгар-төлкөтүгэр чэпчэкитэ суох үгүс проблеманы туруорар. Аныгы олох олугун кытта бэйэтин дьылҕатын тэҥҥэ түһэрсэн испэт киһи атыттартан хаалыыта, бэйэтин төлкөтүн, дьолун мүччү тутар куттала улам- улам ырылыччы көстөн иһэр» [1,c.3].
Ханнык баҕарар киһиэхэ олох аарыгырар аартыгар саҥардыы үктэнэн эрэр эдэр киһи иннигэр толкуйдатар аналлаах киһи билиэн сөптөөх ыйытыылара батыһа сылдьаллара, холобур, «Мин кимминий?», «Мин ханна баран иһэбиний?», «Мин тоҕо олоробунуй?» уонна онтон да атын философскай, этическай ыйытыыларга сөптөөх хоруй наадата кими баҕарар толкуйдатар.
Сэмэн Тумат «Үтүө өйдөөх-санаалаах эр киһи үөскээн-төрөөн тыыллан-хабыллан таҕыстаҕына эрэ, аҕа ууһа үрдүөхтээҕин туһунан этэр дии саныыбын . Санаан да көрдөххө, түс-бас эр киһиттэн олох төрдө саҕаланар», — диэн сээркээн сэһэнньит кэс тылын санатардыы бөлүһүөктүү дириҥ толкуйун тириэрдэр. Былыргыга моһуоннаах сир түннүгэ аарыма кырдьаҕастары кыл имэрийэ төрүөбүт- үөскээбит буолан, кини баары баһынан, итэҕэтиилээхтик, ылыннарыылаахтык этэрэ сааһыран, баарадыйан эрэр киһи сүрэҕин ортотунан киирэр.
Философия профессора Ксенофонт Дмитриевич Уткин суруйбуттаах: «Эр киһи, олоҥхолуу эттэххэ, орто дойду олоҕун оҥороору айыллан төрүүр. Аал уотун арчылаары, тиэргэнигэр тилигирээри, алааһыгар аатыраары. Саха ыалын хаххата-дурдата буолан удьуорун ууһатаары.
Дьон-сэргэ хоһуун ыал аҕатынан киэн туттар. Кэпсэл кэһиитэ гынан киэҥ сир киэлитигэр киллэрэр.
Аҕа буолуу – чэпчэкитэ суох. Ол аата балысхан олох тумара толоонугар суол таһаарынан ытык ыырданыы. Бэйэ мэйиитинэн, эт сүрэх этэринэн олоҕу оҥоруу. Оҕо сааһыттан, удьуор утумнарыттан тугу ылбытынан, иэйэр имэҥнэрин илдьэ кэлбитинэн. Ыал аҕата саҥа ыал олоҕун оҥорор. Этэргэ дылы, туспа буруо таһаарынар. Көй салгыҥҥа тыыннаах тымыр утаҕын курдук күөх буруо тыргыллар буоллаҕына, саҥа ыал саҕаламмытын саныыгын.
Ыал аҕата дьиэ-уот тэринэн, сирдэнэн-уоттанан, көлөлөнөн-көлгөмнөнөн барар. Оҕолонноҕун-урууланнаҕын аайы сылаас хомултанын сойуппат туһугар үлэтэ-хамнаһа өссө үксүүр. Өйө-санаата түспэтийэн, көстөр дьүһүнэ сабаҕатыйан барар. Сирин-уотун, баайын-дуолун араҥаччылыыр киһи киэнэ кичээҥитэ тахсар. Олох олорон, этэ имиллэн, кыһалҕаны билэн, эҥини истэн киһи быһыытынан ситэн, сирэлийэн тахсар.
Билбит билиитин, көрбүт көрүүтүн ыччаттарыгар тиэрдэр туһугар бары кыһамньытын уурар. Күн-түүн эбиллэн, дьыл-хонук баран сааһырдаҕын аайы иитэр- үөрэтэр баҕата күүһүрэн иһэр.
Аны аҕа үөрэҕэ, аҕа иитиитэ баар буолар. Ыччата, оҕото элбээбит киһи инникитин саныыр. Олох эрэйдээҕин, уустугун билэр, бэйэтэ билэринэн онно бэлэмниир» [2,c.97].
Үс саха дьонугар-сэргэтигэр: «Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл» диир этигэн уос номоҕо, өс хоһооно баар. Философия профессора Борис Николаевич Попов суруйан турар: «Олох сайыннаҕын аайы кэрэ, үчүгэй киһи буоларга көрдөбүл улаатан уонна кытаатан иһэр. Үөрэх, култуура, билии- көрүү, дьулуур наада буолла. Оннук киһи духуобунай, өй-санаа өттүнэн ыллахха, эргиччи сайдыылаах буолуохтаах» [3,c.23].
Аҕа үөрэҕэ, оҕо аймахха сыһыана ийэ үөрэҕиттэн атына, уратыта элбэҕин олох хаамыыта көрдөрөр. Тыйыс айылҕалаах, тымтар тымныылаах, куйаас сайыннаах кубулҕаттаах хоту сиргэ киһи үтүөтэ олорор, кииллийэр, буһар-хатар. Ол да иһин сир түннүгэ муударай төрүттэрбит үс саха үйэттэн үйэҕэ эстибэккэ, быстыбакка, салгыы ситимин сүтэрбэт, ис-иһигэр киирдэххэ, киһини эрэ кэрэхсэтэр, ылыннарыылаах үөрүйэҕи иҥэрэллэрэ мээнэҕэ буолбатах. Философия профессора К.Д. Уткин тоһоҕолоон бэлиэтиир: «Аҕа тыла аҕыйах, ол гынан баран боччумнаах. Аныгы аймалҕан аймыы илигинэ алаас ыала уруккулуу олорбута. Ол саҕана уол оҕо борбуйун көтөҕөөт, дьонугар-сэргэтигэр көмөлөспүтүнэн барара. Сыһыыга-хонууга дьонунуун бииргэ сылдьан бары үлэни эрдэ билсиһэрэ. Аҕата тыаҕа таһааран булка үөрэтэрэ. Айылҕа кистэлэҥнэрин биирдии билиһиннэрэрэ. Булт ньыматыгар, албаһыгар араастаан уһуйара, сатабыллаах-тулуурдаах буоларга эрчийэн үөрэтэрэ» [4,c.98].
Түмүк кэриэтэ, Сэмэн Тумат «Санаан да көрдөххө, түс-бас эр киһиттэн олох төрдө саҕаланар», — диэн олук тылын ситэрэн, ааҕааччыга чопчу быһааран эттэххэ, айбыт аҕа үөрэҕэ кэм-кэрдии уларыйдаҕын аайы, хайысхата, быһыыта-майгыта уларыйан иһэр. Онон уол оҕону үөрэтии даҕаны, иитии даҕаны эрэй эҥэрдээх, уустук ухханнаах олох таайылла илик таабырынын тэҥэ быһыылаах.
Саха оҕотун үлэнэн, тулалыыр айылҕа эйгэтинэн иитэр. «Киһини үлэ киһи оҥорор» диэн тыллаах. Ол аата кини оччугуй эрдэҕиттэн киниэхэ ким даҕаны тугу да бэлэмнээн биэрбэтин, аһын-таҥаһын бэйэтэ эрэ булунуохтааҕын билэ-көрө сылдьар.
Иккис олук. «Саха дьахтар таҥаралаах»
Сэмэн Тумат суруйар: «Түс-бас эр киһи олоҕун- дьаһаҕын дьахтар киһи салайар, төрөөн- ууһаан тэнитэр, аатын- суолун үрдэтэр, кэхтибэт кэскиллиир, огдолуйбат олохтуур». Оҕо барахсан үөрэҕэ букатын эрдэттэн саҕаланар эбээт. Төрүт өбүгэлэриттэн, эһэтин- эбэтин үйэтиттэн, онтон салгыы ийэтин-аҕатын кэмиттэн саҕаланан, салҕанан иһэр. Ол да иһин саха ыалыгар кыыс оҕону иитии ийэтиттэн, уолу уһуйуу аҕатыттан тутулуктааҕа биллэр.
Философия профессора К.Д. Уткин бэлиэтиир: «Ийэ буолуу кийиит кэлэн Аал уоту оттууттан саҕаланар. Ийэ бэйэтин холобуругар төрөппүт кыыһын салгыы үөрэтэр…
…Былыр былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит кыыстарын ымыы гынан харыстыыллара. Үтүө сэбэрэтин, кэрэмэс майгытын. Кини туһунан кэпсэтии буоллаҕына, тыл сүмэлээҕин, хоһоон бастыҥын аныыллара. «Ый толбонун курдук ыраас ньуурдаах» диэн олоҥхоҕо хоһуйаллара. «Таҥас бүтэй тамана көстөр, уҥуох бүтэй силиитэ дьалкыйар» диэн уран тыллаахтар эгэлгэлээн этэллэрэ. «Былыттаах халлааҥҥа быктарбакка» кыырпах да саҕа мэҥэ суох ыраастык иитэллэрэ. Кэмэ-томо кэлэ илигинэ туора дьоҥҥо көрдөрбөт буола сатыыллара. Сурах-садьык тарҕаныан баҕарбат этилэр. Итинтэн да атын эгэлгэ харыстыыр ньымалар үгүс буолаллара» [1,c.96].
Хас биирдии киһи уустук, элбэх өрүттээх. Ол иһин кини доҕотторо эмиэ араас дьон, тус-туһунан эйгэттэн, социальнай араҥаттан буолуохтарын сөп эбит. Философия доктора Б.Н.Попов суруйан турар: «Өссө билиэххэ кыыс оҕо уонна уол оҕо тус-туспа соҕус доҕордоһууга наадыйалларын. Уолаттар бэйэ-бэйэлэрин кытта доҕордоһуулара үксүн предметнэй уонна деятельнэй. Кыргыттар доҕордоһуулара, төттөрүтүн субъективнай-эмоциональнай төрүөттээх. Кинилэр сыһыаннара нарын, сымнаҕас, эйэҕэс.
Эдэр киһи тус бэйэтин төһөнөн ытыктыырга үөрэммитий да, кини доҕордоһуутун чувствота соччонон олохтоох уонна үйэлээх. Бэйэтин ытыктаабат, бэйэтин сыаналаабат киһи атын киһини үрдүктүк тутар кыаҕа суох.
Сатаан доҕордоһор киһи сатаан таптыыр. Кини таптыах тустаах биир эрэ киһини буолбатах, дьону, норуоту, дойдуну, олоҕу. Доҕордоһуу тапталга кубулуйдаҕына, ыыра кэҥээн, кэриҥэ улаатан тахсар. Амма Аччыгыйа этэрэ сиэрдээх: «Доҕору да таптыыр дьоҕура суох көлөөк ханан бар дьону, норуоту таптыаҕай».
Сааһыран истэх аайы, доҕордоһуу уларыйан иһэр диалектическай көстүү диэн эппиппит. Сааһырбыт киһи үлэтин-хамнаһын, дьиэтин- уотун, кэргэттэрин интэриэстэриттэн көрөн дьоннуун бодоруһуута атын. Сааһырбыт киһи, эдэрин саҕанааҕы курдук, барытынан бэйэтигэр маарыҥныыр атын киһини булара уустугурар.
Сороҕу кытта кинини уопсай өй- санаа эбэтэр интеллектуальнай интэриэстэр холбууллар, атыттары кытта эдэр эрдэҕинээҕини ахтыы чугаһатар, үһүстэри кытта эстетическэй, этическэй долгуйуулар сибээстииллэр. Олоххо дэҥ кэриэтэ да буоллар духовнай көрдөбүллэри эргиччи толуйсар, үллэстэр дьон бааллар» [2,c.26].
Саха ааҕааччыларыгар киэҥник биллэр, ытыктанар фронтовик – бэйиэт Макаар Хара үчүгэйтэн үөрэрин, кэскиллээҕи кэрэхсиирин үгүс хоһоонноругар, ыллам ырыаларыгар хомоҕойдук эппитэ, сатабыллаахтык суруйбута. Философия профессора Б.Н.Попов бэлиэтээбитэ: «Макаар Хара, олох опытыгар олоҕуран, этическэй принциптэри хоһоонунан имигэстик этиилэрэ киһини сэргэҕэлэппэт буолуон табыллыбат.
Кэргэннии дьон сыһыаныгар дьиэ-уот хаһан да бүппэт күннээҕи түбүгүн-кыһалҕатын, үөрүүтүн-көтүүтүн бииргэ үллэстиэхтээхтэригэр поэт баҕарар. Эр дьон, кулун тутар 8 күнүгэр курдук,мэлдьи кэргэннэригэр эйэҕэстик сыһыаннаһаллара буоллар олох төһөлөөх чэпчиэх, тупсуох, киэркэйиэх этэй?!
Эр дьоннор сыл бары хонугар
Бу курдук кыһанар буоллаллар,
Оо,хайдах курдук ол туһугар
Махтаныах этилэр дьахталлар.
Итинник судургутук уонна ылыннарыылаахтык поэт кэргэнниилэргэ сыһыаннаах этическэй принцибин аһар. Эмиэ ити принциби, ити идеяны атын өттүттэн «Наада биир тылтан өйдөһөр», «Доҕорбор» диэн айымньыларга көрөбүт.
Ыарахан да түгэҥҥэ, үөрүүлээх да кэмҥэ, сыыһаны- халтыны оҥортуур сахтарга эрэллээх кэргэннээх, олоххо биир сыалга дьулуурдаах саамай чугас доҕордоох буолуу улахан, хаһан да ааспат, туохха да уларытыллыбат дьол. Поэт строкалара ол дьолу истиҥ махтал ылбаҕай тылларынан этэр:
Дьолбор мин эйигин кытары биир кэмҥэ
Түбэһэ төрөөбүт эбиппин,
Уонунан сыл бииргэ айаннаан,этэҥҥэ,
Дьикти бу күннэргэ тиийбиппин.
Үөрүнньэҥ дууһалаах поэт тулалыыр эйгэҕэ, күннэтэ көрсүллэр көстүүлэргэ кыракый да уларыйыылары сөҕөрө-махтайара ааҕааччыга олоххо тардыһыыны, оптимистическай өйү-санааны үөскэтэр» [3,c.103].
Түмүк кэриэтэ аҕыйах тылы аҕыннахха, саха ыала, кэргэнниилэр иллээх- эйэлээх олохторо удьуор харалы аймах- билэ дьону-сэргэни ууһатан, тэгил тэҥнээхтэригэр кэрэхсэттинэр диэн барҕа баҕа санаабын тиэрдэбин. Ол да иһин «киһилии киһи», «киһи киһитэ», «киһилээх киһи» саха олоҕо баарын тухары үүнэ-сайда, үрдүү-үйэтийэ турдун, үтүмэн үгэстэр үйэлээх буолан, эргиччи туһалыы, сүбэ-соргу буола сырыттын.
Литература
Бастакы олук
1. Иевлев Е.К. Махтан, таптаа, эрэн. Дьокуускай.2002.
2. Уткин К.Д. Сах саҕаттан. Дьокуускай. 2000.
3. Попов Б.Н.- Барылҕан. Киһи киһиэхэ сыһыана. Дьокуускай, 2009.
4. Уткин К.Д. Ыйыллыбыт үлэ.
Иккис олук
1. Уткин К.Д. Сах саҕаттан. Дьокуускай.2000.
2. Попов Б.Н. Дьон-сэргэ ортотугар. Якутскай.1979.
3. Попов Б.Н. Бигэ эрэллээх дьоннор. Якутскай.1988.
Егор Гаврильевич Винокуров, философия наукатын кандидата, доцент.