Спортсмен сырдык аатын үйэтитэллэр

 

 

Тааттаҕа быйыл ох саанан ытыыга күрэхтэһии бэһис төгүлүн ыытылынна. Урукку өттүгэр 4 төгүлүн ох саанан ытыыны улууска саҕалаабыт Олег Лукич Үчүгээйэп аатыгар уонна быйыл балаҕан ыйын 2-3 күннэригэр  Таатта улууһун Ытык Күөл бөһүөлэгэр Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков аатынан сынньалаҥ киинигэр ССРС спордун маастарын, Таатта улууһун биир бастыҥ охчута республика элбэх төгүллээх кыайыылааҕын, призерун Сыромятников Александр  Романович кэриэһигэр аналлаах аһаҕас республиканскай күрэһи кини оҕо сааһыттан доҕоро ох саанан ытыыга маастарга кандидат Дмитрий Викторович Попов, улууска ох саанан ытыыга үлэлэһэр тренер Галина Лукинична Павлова  көҕүлээһиннэринэн, Александр Сыромятников дьиэ кэргэнин, аймахтарын, улуус спортка сайдыытын управлениетын тэрийиитинэн буолан ааста.

Бу аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ барыта 11 улуустан 67 охчут кыттыыны ылла. Таатта улууһуттан  8 спортсмен  кытынна —  Уолбаттан, Харбалаахтан, Чымынаайыттан, Ытык Күөлтэн Алена Третьякова, Сардаана Баишева, Иван Тистяхов, Сергей Дорофеев, Николай Эляков, Ньургустаан Тистяхов. Егор Татаринов уонна  Дмитрий Попов.

Күрэхтэһии  2 бөлөҕүнэн ыытылынна: дьахталларга 40 сааһыттан 54 дылы, 55 үөһээ, эр дьоҥҥо 40 саастарыттан  60-гар дылы уонна 60 саастарыттан үөһээ. Күрэхтэһии кыттааччыларын ортотугар Мэҥэ Хаҥаластан Саха сиригэр ох саанан ытыыга күрэхтэһиилэр  төруттэниэхтэриттэн ыппыт икки 80  саастарын лаппа ааспыт охчуттарбыт Гаврильев Василий Тихонович, Куприянов Егор Евсеевич кэлбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.

Манчаары оонньуутун дьоруойун туһунан дьиэ кэргэнэ билиһиннэрэринэн:    «Сыромятников Александр Романович 1961с-ха ахсынньы 17 кунугэр Алексеевскай оройуон Ытык Күөл  сэлиэнньэтигэр  5 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ бэһис оҕонон күн сирин көрбүтэ.  Ийэтэ Самсонова Анна Николаевна, аҕата Роман Николаевич Сыромятников.

1968 сыллаахха Ытык Күөл орто оскуолатын маҥнайгы кылааһыгар үөрэнэ киирбитэ уонна 1979 с.  орто оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.

Оскуола кэнниттэн комсомольскай путевканан «Сайдыы» совхоз Победатааҕы отделениетыгар бороон көрөөччүнэн улэлиир.

1981-1983 сс. Советскай аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, Забайкальскай байыаннай уокурукка артиллерийскай байыаннай чааска сулууспалаабыта .

1983 с. кэлэн баран ох саанан ытыыга эрчиллэ тренер Ючюгяев Олег Лукичка дьарыгын саҕалаабыта. Эрчиллэ-эрчиллэ 1983-1984 сс. Ытык  Күөллээҕи   оҕо спортивнай оскуолатыгар тренеринэн үлэлиир.

1985с-ха ССРС спордун маастарын нуорматын толорор, ити Чита куоракка «Динамо» СӨ Кубогар.

Олоҕун устата дьарык оҥостубут спордун көрүҥэр оҕунан ытыыга элбэх араас таһымнаах улуус, республика, Союз, Россия иһигэр кыттан чемпион, призер буолуталаабыта, ону элбэх бириистэрэ, кубоктара, мэтээллэр, Почетнай грамоталар кэрэһэлииллэр.

Кэнники сылларга ситиһиилэрэ:

2015 сылга Чурапчыга бэтэрээннэр матчевай көрсүһүүлэригэр кыһыл көмүс;

2016 с. Тулагыга республика чемпионатыгар кыһыл көмүс, боруонса;

2016 с. О.Л. Ючюгяев аатынан 2 турнирга кыһыл көмүс;

2017с. Бүлүү куорат  баһылыгын бирииһигэр үрүҥ көмүс;

2017 с.  Үөһээ Бүлүүгэ ХХ Манчаары оонньууларыгар үрүҥ көмүс мэтээллэр хаһаайыннара.

Александр Романович 2 сыл тренердээн баран тутууга кеспутэ.  Таатта, Томпо улуустарыгар культурно-спортивнай  обьектары тутуспута, төрөөбүт нэһилиэгэр чуолаан театр, ветераннар дьиэлэрэ, «Уйгу» маҕаьыын зеркальнай дьиэтэ уо .д.а.

Мантан салгыы предприниматель, ордук таһаарыылаахтык кэлин Таатта гимназиятыгар директоры хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан үлэлээбитэ буолаллар.

Александр олоҕун кэлин сылларыгар биригээдэ тэринэн тутуулары ититиигэ,  көстүүтүн тупсарыыга сыратын ууран туран үлэлиир, элбэх махтал тылларын ылар. Эдэр дьону үлэ араас ымпыктарыгар такайар, сүбэ-ама биэрэр, аҕа табаарыстара буолар.

Кэргэнэ Сильвия Аркадьевналыын 1984 с. ыал буолбуттара, оҕо уруу тэринэн эйэ дэмнээхтик олорбуттара. Александр Романович 4 оҕо амарах аҕата, 3 сиэн тапталлаах эһэтэ, элбэх хаан-уруу аймахтардаах, табаарыстардаах, доҕоттордоох.

Оҕолорун үөрэттэрэн, бары туруу үлэһиттэр. Иллэҥ кэмигэр туохтааҕар да айылҕаҕа сылдьарын, бултуурун-алтыырын сөбүлүүрэ. Сиэннэрин айылҕаны кытта алтыһарга, сиэргэ-туомҥа үөрэтэ- такайа сылдьара. Кэпсэтинньэҥэ эйэҕэс майгылааҕа, дьону кытта уопсай тылы булара, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсара».

Күрэхтэһиигэ төннөн кэллэхпитинэ, кэлбит ыалдьыттар, кыттааччылар күрэхтэһии тэрээһинэ үрдүк таһымнааҕын бэлиэтээбиттэр, хаһан да буоларын курдук, үтүө санаалаахтар, спонсордар «Төлөн» акционернай хампаанньа о.д.а. көстөн, Александр Романович бииргэ оскуолаҕа үөрэммит доҕотторо, аймахтара, Өлөөнтөн кытта Николай Семенов анал бириис олохтоон, тэрээһин сиэрин сиппит.

Күрэхтэһии көҕүлээччитэ Галина Павлова бигэргэппитинэн, аҕа саастаах дьахталларга Сардаана Баишева уопсай суумманан 1 миэстэ,  Маргарита Захарова (Мэҥэ Хаҥалас) 2 миэстэ, Алена Третьякова табыллан ытан, 3 миэстэ буоллулар.

Абсолютнай кыайыылаах Дьокуускайтан сылдьар быраас идэлээх Галина Филиппова Александр Сыромятников оҕолоро, эдьиийэ туруорбут бириистэрин – 50000 солкуобай – хаһаайынынан буолан үөрүү өрөгөйүн билбит.

Онтон саамай суолталааҕа бу тэрээһин инникигэ, кэнчээри ыччаттарыгар киэн туттууну саҕыытыгар, дьиэ кэргэн, оҕолор аҕаларын ааттарынан киэн туттуулара, аҕаларын курдук дьоҥҥо сырдык өйдөбүллээх олоҕу олороллоругар олук буоллаҕа.

Александр Романович оҕолоро Саргылаана Александровна врач-эксперт, Тааттатааҕы кииннэммит балыыһаҕа үлэлиир, кэргэннээх, үс оҕолоох. Улахан уол Алексей быраатын Александры кытта дьиэни ититиигэ чааһынай тэрилтэ тэринэн, үлэлииллэр,  орто уол Владимир Тааттатааҕы баһаарынай чааска байыас. Ийэлэрэ  Сильвия Аркадьевна өр сылларга Тааттатааҕы кииннэммит балыыһаҕа сиэстэрэнэн үлэлээбитэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

Анна Посельская.