Быйыл Саха өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Айсен Сергеевич Николаев Саха сирин үрдүнэн «Оҕо саас сылын» биллэрбитэ.
«Ийэ тыл, сурук-бичик» күнэ бэлиэтэммитэ номнуо хаһыс да сыла буолла.
Тоҕо төрөөбүт норуокка улахан суолталаах күн бэлиэтэннэрий?
Бу күн Семён Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ.
Кини кимий? Саха алпаабытын аан бастаан төрүттээбит киһи. Кини алпаабыта баар буолан, төрөөбүт тылынан бастакы үөрэх кинигэтэ бэчээттэнэн, элбэх киһи ааҕар-суруйар кыахтаммыта. Бастакы суруйааччылар айымньылара бэчээттэммитэ. Саха сиригэр төрөөбүт тылынан үөрэх-сайдыы тарҕаммыта. Онон биһиги норуоппут, тыыннаах тыллаах норуот буоларыгар сыаната биллибэт кылааты киллэрбит саха чулуу уола буолар.
Бу күн биһиги оскуолабытыгар нэһилиэк модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Кристина Алексеевна Жулева көҕүлээһининэн өрөспүүбүлүкэттэн кэлбит дьыктааны суруйдубут. Орто сүһүөх оҕолоро викторина ыйытыыгар эппиэттээтилэр.
Дьыктаан суруйаммыт өрөспүүбүлүкэттэн туоһу сурук тутан үөрдүбүт-көттүбүт. Бу дьыктаан сүрүн уратытынан буолар, кылаас оҕото барыта сахалыы таҥас кэтэн олорон суруйда. Тэрээһин хас биирдии киһиэхэ бэйэтин норуотунан киэн туттуу тыынын үөскэтэр. Дьыктаан ис хоһооно олус интэриэһинэй, сиэр-майгы тиэмэтигэр суруллубут. Ол курдук, кыра оҕо төрүөҕүттэн олоҕо ойууламмыт. Оскуолаҕа төрөөбүт тылынан үөрэнэн, сиэрдээх киһи буола улаатар, ыал ийэтэ, аҕата буолар кэмэ чугаһаан, төрөппүттэрэ сэмээр долгуйа кэтэһэллэр.
Дьыктаан уопсайа 174 тыллаах. Олус элбэх быһаарар суолталаах уонна паараласпыт тыллаардаах. Паараласпыт тылларга сурук бэлиэтэ турар. Сурук бэлиэтин грамматиканы билэр эрэ киһи таба туруорар. Онон судургута суох сахалыы дьыктаан диэн санааҕа кэллим. Дьыктаан аахсыйата биһиги оскуолабытыгар сыллата ыытыллар. Мин сахалыы таҥас кэтэн олорон, дьыктаан суруйарбын олус сөбүлүүбүн.
Вераника Дубенко Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын «МЕДИА-оскуола» иитиллээччитэ,
салайааччы В.К. Ефимова.