Олунньуттан Таатта улууһун дьахталларын сүбэтин Варвара Ильинична Будикина салайар. Бу күннэргэ сүбэ саҥа састааба талылынна, бастакы сүбэ көрсүһүүлэргэ көрсөн, үлэ-хамнас, сорук туһунан кэпсэтиилэр буоллулар. Муус устар 12 күнүгэр Варвара Ильинична салайыытынан, саҥа састаап чилиэттэрэ ыаллыы сытар Чурапчы улууһугар анаан тиийэн, кинилэр сүбэлэрэ хайдах үлэлээн кэлбитин, билигин туохха ордук болҕомто ууран, ханнык хайысханан айа-тута, үлэлии олороллорун билистибит, атах тэпсэн олорон кэпсэттибит.
Биһигини 2018 с. тутуллубут икки мэндиэмэннээх «Айымньы дьиэтигэр» көрүстүлэр. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, көрсүһүүгэ Чурапчы улууһун дьахталларын сүбэтин араас кэминээҕи 4 салайааччыта, итиэннэ улуус олоҕор быһаччы кыттыһа олорор, көхтөөх позициялаах түмсүүлэри салайар дьахталлар кэлбиттэр.
Чурапчыга дьахтар сүбэтэ бу сыллар тухары олус түмсүүлээхтик үлэлээн кэлбитин мэктиэлиир, үлэ ис хоһоонун кэпсиир-көрдөрөр кинигэлэри бэчээттэппиттэр. Араас сылларга бу хамсааһыны иилээбит-саҕалаабыт, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр общественниктар Светлана Даниловна Васильева, Екатерина Семеновна Иванова, Александра Васильевна Седалищева уонна билиҥҥи салайааччы, эп-эдэр, чаҕылыйа сылдьар Анастасия Ивановна Афанасьева ис киирбэх бэйэлэринэн, кута-симэ олорор сэргэх кэпсээннэринэн истиҥ- иһирэх эйгэни үөскэттилэр
Варвара Ильинична салайааччы Анастасия Ивановнаҕа эҕэрдэ суругу, Таатта бэлиэтэ Аал Луук Маспытын, итиэннэ бу күннэргэ төрөөбүтэ 110 сыла туолбут Реас Кулаковскай дириҥ ис хоһоонноох хоһоонун тылларын бэчээттээн, араамалаан туттарда.
Чурапчыга эмиэ, биһиэхэ курдук, араас хайысхалаах түмсүү элбэх эбит. Чуо дьахтар түмсүүлэрэ, холобура «Автоледи», эдэр ийэлэр, элбэх оҕолоох ийэлэр, салайааччы дьахталлар түмсүүлэрэ, СВО кэргэттэрин, ийэлэрин түмсүүтэ бары, дьахталлар улуустааҕы сүбэлэрин кытта биир ситимнээхтик, сиэттиһэн, тэҥҥэ эҥэрдэһэн сылдьан, Чурапчы олоҕор көхтөөх кыттыыны ылалларын сөбүлүү иһиттибит.
Маны тэҥэ дьахтар съеһин делегаттара «Дархаана», Чурапчы сэлиэнньэтин көхтөөх дьахталлара «Чурапчыына» түмсүү үлэтин сүрүннүүллэр. Түмсүүлэр биир киэптээх, дьүһүннээх ханыылыы таҥастаахтар. Таҥастара-саптара бу кини хайа түмсүү буолара ала — чуо кэпсии, көрдөрө сылдьар эбит. Манна тарбахха баттыыр иистэнньэҥнэрэ Татьяна Николаевна Карсанаева сыаҕа, итиэннэ Надежда Прокопьевна Ахматова салайар «Силик» бөлөҕө төһүү, сүрүн күүс буолан, барыларын үлэҕинэн таҥыннара-симии олорор эбит.
Улуус дьахталларын сүбэтин 5 сыл салайбыт Александра Васильевна кэпсээнин олус сэргээтим. Сүрүнүттэн билиһиннэрдэххэ, кини кэмигэр түмсүү юридическай күүстэммит, отчуоттуур, суругу — бичиги тиһэр, үлэни-хамнаһы үйэтитэр хамсаныы саҕаламмыт. Ол курдук, сыл түмүгүнэн нэһилиэктэр дьахталларын сүбэтэ отчуоттуур, альбом- рапорт оҥорон туттарар эбит. Маны сэргэ, Александра Седалищева тус кыһамньытынан, арыгыга ыллаттарбыт дьахталлары кытта ыкса үлэ олохтоммут, бу түмүгэр хас да ыал ийэтэ көнөр суолга турбут, маны тэҥэ дьиэҕэ олорон хаалбыт, ыраах баран-кэлэн, доруобуйаларын туругун чинчиттэрэр кыаҕа суох 200 дьахтары «Белая роза» клиникаҕа көрдөрбүттэрин түмүгэр, ыарахан ыарыылары булан, дьахталлар эмтэммиттэр, операцияламмыттар.
Маны тэҥэ эмиэ кини көҕүлээһининэн, Чурапчы тамадалара ылсан, холбоһон, арыгыта суох 200 урууну тэрийбиттэр. Аны туран, хас сыл аайы дьахтар күнүгэр, бастыҥ салайааччыны уонна бастыҥ сүбэлэри бэлиэтииллэрэ үтүө үгэскэ кубулуйбут. Улуус баһылыга бастыҥ сүбэлэргэ 100, 50, 30 тыһ., салайааччыга 20тыһ. туттарар эбит.
Сүбэ, түмсүүлэр дьахталлара съезкэ кэппит таҥастарын, тигэ сылдьар соннорун, араас тэрээһиннэргэ анаан тикпит, тиктэрбит көстүүмнэрин кэтэн көрдөрдүлэр. Биир дойдулаахпыт, Чурапчы киэн туттар маастара Татьяна Карсанаева «биир үксүн төрүт ииһи өрө тутабыт, сценическэй таҥаһы утарабыт. Дьоммут -сэргэбит саха төрүт таҥаһын таҥнан-саптан, Чурапчытын ааттаан, омугун өрө тутан, төбөтүн өрө көтөҕөн сылдьыан баҕарабыт» диир.
Санаа атастаһыы итии чээйдээх, сылаас алаадьылаах, Таатталар кэһиибит, Екатерина Петрова анаан астаабыт минньигэс тортаах сандалы тула салҕанан, күө-дьаа кэпсэтии төрүттэннэ. Үйэ-саас тухары ыаллыы сытар улууспут бастыҥ уопсастыбанньык дьахталларын кытта кэпсэтэн, үлэлэрин туһунан сэргии истэн, Таатта дьахталларын сүбэтигэр саҥа сүүрээни киллэрэргэ өй-санаа түмүлүннэ.
Жанна Бурмистрова