«Таатта» хаһыат «Бочуотун кинигэтигэр» киирдилэр

«Таатта» хаһыат 85 үбүлүөйдээх күнүнэн редакция «Бочуотун кинигэтигэр» киирдилэр:

Постников Александр Федорович

1997 c. редакция социальнай-экономическай салаатын сэбиэдиссэйинэн уонна корреспонденынан үлэлээбитэ. Хаһыакка «Дохсун» спортивнай балаһа ааптара. Айар талааннаах суруналыыс Таатта улууһун үбүлүөйдээх сылыгар үйэ устата суруллубут айымньылары тиһэн, үгүс ааҕааччыга остуол кинигэтинэн буолбут «100 сыл 100 суруйааччы» хомуурунньугу таһаарбыта.

Наҕараадалара: «СӨ Бэчээтин туйгуна», СӨ уонна РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ.

Неустроева Аграфена Николаевна

1990 c. «Таатта» хаһыат редакциятыгар корректордыыр. 1997 c. корреспондент-корректор. 2001 с. компьютернай верстка оператора. 2021 c. II категориялаах редактор. 2021-2023 сс. техническэй редактор.

Наҕараадалара: СӨ Бэчээтин уонна араадьыйанан биэрии Департаменын бочуоттаах грамотата (2005c.), Саха Өрөспүүбүлүкэтин Вице-президенин махтал суруга (2009 c.), «СӨ Бэчээтин туйгуна» (2011c.), СӨ (Ил Түмэн) Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бочуоттаах грамотата (2014 c.), СӨ Бырабыыталыстыбатын махтал суруга (2019 c.), «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» II истиэпэннээх муниципальнай бэлиэ (2023 c.)

Башарина Варвара Васильевна

1986 с. оройуоннааҕы типография печатнигынан үлэтин саҕалаабыта. 1988 c. редакция рекламалыыр-коммерческай салаатын сэбиэдиссэйэ. Уонтан тахса сыл хаһыат художественнай редактора. 2021 c. халыҥ тастаах кинигэлэри таҥан бэчээттиир, оҥорор. Хас да төгүллээх өрөспүүбүлүкэтээҕи «Полиграфист года», «Издатель года» лауреата.

Наҕараадалара: «СӨ Бэчээтин туйгуна», «СӨ Култууратын идэлээх Сойууһун сайдыытыгар кылаатын иһин», СӨ Вице-президенин махтал суруга, «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» III истиэпэннээх муниципальнай бэлиэ.

Габышев Иван Иванович

«Таатта» хаһыат редакциятыгар 11 сыл устата солбуллубат суоппарынан үлэлээбитэ. Эрэллээх суоппар үгүс командировкаҕа сылдьан улуус иһинээҕи сойо илик сонуну таһаарарга корреспонденнары массыынанан хааччыйара. 2005 c. редакция бэчээттиир офсетнай массыыналанан бэчээттиир уонна наладчик эбээһинэһин толоруу Иван Ивановичка сүктэриллибитэ. Кини үлэлээбитин тухары бэчээттиир массыына алдьаныытын туоратан, хаһыат тохтоло суох тахсара.

Наҕараадалара: Өр кэмҥэ үтүө суобастаах үлэтин иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Вице-президенин махтал суруга, СӨ Бэчээт уонна араадьыйанан биэрии Департаменын бочуоттаах грамотата.

Тихонова Варвара Гаврильевна

1991-1993 cc. «Таатта» хаһыат редакциятын машинистката. 2003-2012 cc. техническэй үлэһит. Редакция архыыбын толорор эппиэтинэстээх үлэһит.

Наҕараадалара: «Үлэ бэтэрээнэ», «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун айымньытын сайыннарыыга киллэрбит кылаатын иһин» уонна «Таатта улууһун уопсастыбаннай хамсааһыныгар киллэрбит кылаатын иһин» анал бэлиэ.

Винокуров Михаил Иннокентьевич

Улуус хаһыатын уопсастыбаннай корреспондена. 2000 c. «Сиккиэр» балаһа ааптара.

Наҕараадалара: Саха АССР култуураҕа министиэристибэтин, СӨ (Ил Түмэн) Судаарыстыбаннай Мунньаҕын, «Таатта» хаһыат редакциятын махтал суруга, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр суруналыыстыка сайдыытыгар кылаатын иһин» (2017 c.), «Таатта улууһугар култуура сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин», «СӨ Култуура уонна искусство сайдыытыгар кылаатын иһин» махтал сурук.

 

Читайте дальше