«Таатта» хаһыат үбүлүөйүгэр алгыстаах айан. Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр

Таатта улууһун олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын, үрдүк ситиһиилэрин, үтүө үлэһит дьонун 85 сыл устата сурукка-бичиккэ тиһэн үйэтитэн кэлбит «Таатта» хаһыат үбүлүөйэ быйыл кулун тутар 20-21 күннэригэр «Сахабэчээт» тэрилтэтэ, генеральнай дириэктэр Ньургуйаана Стручкова, Таатта улууһун дьаһалтата, улуус баһылыга Айаал Бурцев уонна «Таатта» хаһыат эрэдээксийэтэ, кылаабынай эрэдээктэр Анна Посельская тэрийиилэринэн үрдүк таһымҥа ыытылынна. Икки күннээх пресс-турга өрөспүүбүлүкэ биллэр суруналыыстара, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Уус Алдан, Томпо, Үөһээ Бүлүү хаһыаттарын эрэдээктэрдэрэ уонна кэрэспэдьиэннэрэ ытык Таатта талыы талба киэн туттар сирдэринэн экскурсиялаан элбэҕи билэн-көрөн, саха норуотугар умнуллубат үтүөнү оҥорбут улуу дьоммут сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн аастыбыт.

Таатта диэтилэр да…

«Дойду сурахтаах, алаас ааттаах» диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэрэ. Дойду дьонунан аатырар дииллэрэ чахчы. Саха норуотугар сүҥкэн үтүөлээх, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, сахалыы куттаах Таатта талааннаах дьонунан киһи киэн туттуон туттар. Таатта диэтилэр да өйбөр саха саарыннара, саха литературатын төрүттээччилэрэ айар тыл аҕата, уһулуччулаах чинчийээччи-учуонай, бөдөҥ общественнай деятель Алексей Елисеевич Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй, талааннаах драматург, прозаик, Саха тыйаатырын бастакы дириэктэрэ Анемподист Иванович Софронов — Алампа, саха литературатыгар комедия жанрын саҕалааччы, драматург, прозаик Николай Денисович Неустроев, Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтин тэрийсибит, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи Платон Алексеевич Слепцов — Ойуунускай, саха бастакы норуодунай поэта Серафим Романович Кулачиков — Эллэй, саха олоҕун энциклопедиятынан ааттаммыт «Сааскы кэм» роман ааптара, саха норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов — Амма Аччыгыйа, саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон, сахалартан бастакы философскай наука дуоктара, СГУ бастакы ректора, профессор Авксентий Егорович Мординов, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии толоонугар биэс уолун сүтэрбит күн күбэй ийэ Февронья Николаевна Малгина, айылҕаттан айдарыылаах норуот эмчитэ Фома Петрович Чашкин — Куома Чааскын уонна биһиги кэммит билиҥҥи дьоруойдара саха омук духуобунай лидерэ Борис Федорович Неустроев — Мандар Уус, саха төрүт муусукатын аан дойдуга таһаарбыт Герман уонна Клавдия Хатылаевтар, биллэр асчыт Иннокентий Тарбахов, музыкант, ырыаһыт Виталий Власов, саха дьахталларыттан бастакы анал үөрэхтээх баянист Раиса Крылова, поэтесса Ольга Корякина-Умсуура, эдэр бэйиэт, публицист, тылбаасчыт Гаврил Андросов, эстрада уонна циркэ артыыһа, режиссер, суруйааччы Елена Слепцова-Куорсуннаах көстөн кэлэллэр.

Бастакы тохтобул. Айан аартыгар айхаллыы көрүстүлэр

Мин ыаллыы сытар Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Эркээйи” хаһыакка үлэлиир доҕотторбун кытта шеф-эрэдээктэр Марфа Птицына, кэрэ куоластаах кэрэспэдьиэн Лиза Неустроева уонна суоппарбыт, бэчээтинньик Леня Кириллин буоламмыт сарсыарда 6 чаастан “Халыма” федеральнай суол устун айаннаан, оруобуна 9 чааска Таатта кыраныыссатын булбуппут. Өр көрсүбэтэх суруналыыс кэллиэгэлэрбин Ася Иевлеваны, Галина Полускинаны, Роза Павлованы, Гуннара Байгильдина-Ороһуунускайаны көрсөн үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут.
Кыраныысса улуус туһунан бастакы өйдөбүл, улуус сиэркилэтэ диэтэхпинэ сыыспаппын. Манна «Таатта» диэн суруктаах үрдүк постамеҥҥа олоҥхоһут скульптурата айанньыт хараҕар ыраахтан быраҕыллар. «Айан аартыгар олорор буоламмыт ыраахтан-чугастан кэлбит дэлэгээссийэлэри биһиги бастакынан көрсөр дьоллоохпут», — диэн Тыараһа нэһилиэгин баһылыга Прокопий Турнин эҕэрдэлии көрүстэ.
Сүөһү, сылгы иитиитин сэргэ Тыараһаҕа боруода сылгылары, сүүрүк аттары иитиинэн күүскэ дьарыктаналлар эбит. Бэл, гражданскай сэрии саҕана тыараһалар аттара кыһыллар хамандыырдарын Строду, иккис аттара үрүҥнэр хамандыырдарын Пепеляевы быыһаан тураллар диэн кэпсээтилэр. Биир сонун көстүүнэн биһигини былыргылыы халыҥ тирии, түү таҥастаах олохтоох сылгыһыттар сахалыы киэргэллээх аттарын миинэн, сэлэлии хаамтаран киирбиттэрэ буолла. Кинилэр ортолоругар, бэл, ыраах Өймөкөөнтөн Сылгыһыт күнүн көрсө анаан-минээн кэлбит Далбар Хотун Сардаана Громова баара ордук болҕомто киинигэр турда. Бу өбүгэ төрүт ииһин тилиннэрэргэ үлэлэһэр норуот маастара Изабелла Элякова — Илгийээнэ Ааллаах Үүн таһаҕасчыттарын таҥаһын үтүгүннэрэн тикпит сэдэх кэмпилиэктэрэ эбит. Салгыы сиэри-туому ситэрэн алгысчыт Сергей Кладкин аал уоту оттон, сир-дойду иччилэрин айах тутан алгыстаата. Ол кэннэ «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ тойук кэрэ дорҕоонугар доҕуһуоллатан ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан күндүлээтилэр.

Иккис тохтобул. Өксөкүлээх искибиэригэр

Тыараһа нэһилиэгин өссө биир уратыта диэн манна айар тыл аҕата, саха литературатын төрүттээччи, бөлүһүөк, суруйааччы Алексей Елисеевич Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй тоҕус сааһыгар диэри эһэлээх эбэтигэр Николай Алексеевич уонна Ирина Алексеевна Собакиннарга Харамаайы алааһыгар оҕо сааһа ааспыта буолар. 2022 сыллаахха Кыйы бөһүөлэгэр Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар оҕо сааһа ааспыт сиригэр пааматынньык туруорбуттар, искибиэр аспыттар. Скульптураҕа Алексей Елисеевич кыра эрдэҕинэ эһэтин сүбэтин болҕомтолоохтук истэн турара ойууламмыт. Манна хаартыскаҕа түстүбүт, мэҥэ бэлиэҕэ сибэккэ ууран уһулуччулаах киһибит үтүө аатыгар сүгүрүйэн аастыбыт.

Үһүс тохтобул. Аатырар Чөркөөх музейыгар

Саха суруйааччыларыттан соҕотох Социалистическай Үлэ Дьоруойа Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон көҕүлээн, Таатта дьоно-сэргэтэ 1977 cыллаахха аһаҕас халлаан анныгар Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейын тутан киллэрбиттэрэ. Манна Ньукуола таҥара дьиэтин дьикти, кэрэ дорҕоонноох куолакалын тыаһыттан хайдах эрэ уһуктан, ураты турукка киирдим. Судаарыстыбанан көмүскэнэр XIX үйэ ортото тутуллубут Уолбатааҕы чочуобуна дьиэтин иhэ олус сиэдэрэй, сырдык тыыннаах. Манна сибитиэйдэр мэтириэттэрин сэргэ Суорун Омоллоон тылбаастаан хаалларбыт «Саҥа Кэс Тыла» кинигэ боруонсаҕа кутуллан үйэтитиллибитэ ураты миэстэни ылар. «Икки тыhыынча сыл анараа өттүгэр былыргы грек тылынан суруллубут Сибэтиэй Евангелие сахалыы тахсыыта сүдү суолталаах. Саха дьоно Айыы Тойон таҥараларын үөрэҕин ис сүрэхтэриттэн ылыннахтарына эрэ, Таҥараны билэн, бары куhаҕан дьаллыктан босхолонон, аньыыттан ырааhыран, Кини ыҥырар эйэлээх, тапталлаах, сырдык кэскиллээх олоҕор тиийиэхтэрэ», — диэн ытык кырдьаҕас Дмитрий Кононович кинигэ Аан тылыгар кэриэс-хомуруос тылларын суруйан хаалларбыта ордук суолталаах. Чөркөөхтөөҕү историко-мемориальнай түмэл дириэктэрэ Михаил Протодьяконов түмэл тэриллибит историятыттан, Таатта улууһун салайбыт Георгий Артемьев политсыылка музей оруолун, эскурсовод, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Изабелла Жерготова Николаевскай таҥара дьиэтин тустарынан сиһилии билиһиннэрдилэр.
Полисыылынай, этнограф, аатырбыт-сураҕырбыт педагог Всеволод Михайлович Ионов 1893 сыллаахха, оруобуна Былатыан Ойуунускай төрөөбүт сылыгар, аспыт оскуола балаҕаныгар сылдьаммыт көмүлүөк оһох сылааһыгар тартаран, таһырҕаччы умайар мас тыаһыгар Өксөкүлээх Өлөксөй «Сайын кэлиитэ» айымньытынан киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Лидия Аргунова туруорбут тифло-испэктээгин биир тыынынан умсугуйан иһиттибит. Кыл кырыымпа кэрэ дорҕоонугар, хомус алыптаах тыаһыгар уйдаран, Таатталыы оһуокайы астына-дуоһуйа истэммит уһун тымныы кыһын кэнниттэн айылҕа уһуктар, от-мас тиллэр, сир дойду силигилии ситэр, кэҕэ этэр кэрэ кэмигэр итии-куйаас сайыҥҥа, Үрүҥ Тунах ыһыахха кэлбит курдук сананныбыт.

Төрдүс тохтобул. Ойуунускай алааһыгар

Салгыы сымнаҕас олбохтоох массыыналарбытыгар олорон Муҥха Дэлбэрийбит диэн алааска айаннаатыбыт. Былатыан Ойуунускай үөрэммит оскуолатыгар паартаҕа олорон, пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууран, буор кута көмүллүбүт сиригэр кэриэстээн ыллыбыт. Маныаха хас биирдии тохтобул аайы Чөркөөхтөөҕү норуодунай тыйаатыр артыыстара Ойуунускайдыы уоттаах-төлөннөөх тыллардаах хоһооннору аахтылар, дьүһүйүүлэри көрдөрөн ол ааспыт «дирбиэн-дарбаан» күннэри санаттылар.
Салгыы сатыы Таатта үрэҕин туоруур муостанан Былатыан Ойуунускай төрөөбүт-үөскээбит балаҕаныгар тиийдибит. Таатта айар талааннааҕа Елена Филатова — Сыгыйык Ойуунускайга аналлаах ким да истэ илик сабыс-саҥа хоһоонун дириҥ иэйиилээхтик аахпытын болҕойон иһиттибит. Ойуунускай төрөөбүт балаҕаныгар күлүбүрэччи умайар көмүлүөк оһох тула туран саамай үчүгэй баҕа санааларбытын эттибит, оһох сылаас суоһуттан күүс-уох ыллыбыт. Ол ыра санааларбыт барыта туолалларын бигэргэтэн, аал уот иччитэ үөрэн мичик гынна. Онуоха Былатыан Ойуунускайдыын көрсүбүт саҕа сананан сүргэбит көтөҕүллэн, махтанан таҕыстыбыт.

Бэһис тохтобул. Дьокутааттар кылааттара

Бар дьон дьокутаата Виктор Лебедев Былатыан Ойуунускай 130 сылыгар анаан Таатта үрэҕин туоруур аныгылыы тупсаҕай көстүүлээх, күн уотуттан умайар лаампалардаах бөҕө-таҕа муостаны быйыл күһүн тутан, бар дьонугар бэлэх оҥорбут. Саҥа муостаҕа үөрэ-көтө, сөҕө-махтайа хаартыскаҕа түстүбүт. Саха норуотун киэн туттар бөҕөһө Виктор Николаевич маны таһынан Ойуунускай балаҕанын өрөмүөннэтэн, саха култуурунай нэһилиэстибэтин үйэтитэр үтүө дьыалаҕа кыттыһан, тус кылаатын киллэрэн, олохтоохтор махталларын ылар.
Салгыы муоста хаҥас өттүгэр тардыы талах тулалаах, Таатта үрэх үрдүгэр норуот дьокутаата Прокопий Рахлеев оҕо аймахха, ыччат дьоҥҥо анаан туппут хаачыаллардаах, ыскамыайкалардаах эдэр саас искибиэригэр сынньанан аастыбыт. Ол олорон Улуу Ойуунускай 1936 сыллаахха суруйан хаалларбыт, Таатта туһунан саамай биллэр ырыа тылларын санаан кэллим:
Таатта үрэх үрдүгэр,
Таалар хонуу түөһүгэр,
Таптал уотун күллэрэ,
Тардыы талах үүнэрэ…

Алтыс тохтобул. Алампа көмүс уҥуоҕар…

Ытык Күөлгэ тиийээт, Хадаайы литературнай-художественнай музейыгар аастыбыт. Манна скульптор Василий Сивцев — Отур Силис 2011 сыллаахха оҥорбут саха норуодунай суруйааччыта Суорун Омоллоон скульптуратыгар, сахалартан бастакы идэтийбит худуоһунньук, этнограф, саха ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын төрүттээччи, Саха АССР норуодунай худуоһунньуга Иван Попов төрөөбүт дьиэтигэр, Саха АССР уонна РСФСР норуодунай артыыһа Анна Егорова балаҕаныгар, Ытык Күөллээҕи Преображенскай таҥара дьиэтигэр сылдьан итиэннэ аан дойдуга баараҕай тутуулааҕынан аатырбыт «Олоҥхо балаҕанын» сөҕө-махтайа көрдүбүт.
Таҥара дьиэтиттэн тахсан иһэн уҥа өттүбэр маҥан беседка турарын сөбүлүү көрдүм. Аммаҕа Короленко хайатыгар баар беседкаҕа майгыннатан ыллым. Ол аттыгар арай пааматынньыктаах кыра сквер турар эбит. Дьон отур-ботур кэпсэтэллэриттэн билбитим Алампа көмүс уҥуоҕун 2012 сыллаахха Дьокуускай куораттан көһөрөн аҕалан төрөөбүт дойдутугар кистээбит ытык сирдэрэ эбит. Өйбөр «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр, Маҥан туллук эрэ далластыыр…» — ырыа тыллара көтөн түстүлэр. Ама, бу тыллар хайа саха сүрэҕин нарын кылларын таарыйбат буолуохтарай?! Бу Алампа соҕотох тапталыгар Евдокия Константиновна Гоголеваҕа, тапталын ымыыта Дуунньатыгар анаан суруйбут хоһооно буолар. Мин уһулуччулаах драматург, прозаик, бөдөҥ общественнай деятель Анемподист Иванович Софронов көмүс уҥуоҕар кэлэн тураммын ити саамай сөбүлүүр ырыам матыыбын кигинийэн ыллаатым. Киниэхэ анаан оҥоһуллубут пааматынньыкка оргууй хааман тиийэн саха интеллигенэ, суруйааччы улуу талааныгар, ыар дьылҕатыгар сүгүрүйэн чочумча саҥата суох чуумпуран турдум. Хаар үллүктүүрүн быыһыгар биир дойдулааҕым, саха норуодунай суруйааччыта Баһылай Харысхал «Мин Алампам» диэн «Ааспыт кэм аартыктарынан» кинигэтигэр кинилиин көрсүбүт үс түгэнин саныы биэрдим. Василий Егорович Архангельскай уобалаһыгар архыыпка үлэлиир кэмигэр маннык дьикти түгэни суруйан хаалларбыт: «Күлүмнүүргэ, Өксөкүлээххэ холоотоххо, Алампа барахсан быдан уйан, чараас дууһалаах суруйааччы. <…> Санааҕа ылларан былыр Улуу Бүөтүр саҕана тутуллубут бириистэн уулуссатынан биэрэги кыйа хаампытым. Күн киэһэрэн эрэрэ. Иннибэр хара суппуун сонноох киһи баран иһэрэ. Төбөбөр «Алампа!» диэн санаа күлүм гыммыта. Хаамыыбын түргэтэппитим. Иннибэр иһэр киһи эккирэтэн иһэрбин сэрэйэн, сүр түргэнник хойуутук үүммүт долохуналар быыстарынан мэлис гыммыта. Ол Алампалыын үһүс көрсүһүүм этэ…», — диэн.

Сэттис тохтобул. Эдэр баһылыктыын көрсүһүү

Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев пресс-конференциятыгар сылдьан, таатталар 2025 сылга сайдыыны аҕалар, кэскили түстүүр Манчаары оонньууларын ылбыттарынан өрө көтөҕүллэн олороллорун илэ харахпытынан көрөн, улуус киинэ кэнники сылларга биллэ сайдыбытын, саҥа таас дьиэ-уот бөҕө дьэндэйбитин, элбэх үлэ ыытылла турарын сэргии, астына көрдүбүт. Бу көрсүһүү түмүгэр Таатта улууһа уонна «Сахабэчээт» тэрилтэтэ бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр.
Биһигини кытта «Таатта» хаһыат 85 сыллаах үбүлүөйүн үөрүүтүн үллэстэ саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Попов — Тумат уонна «Таатта» хаһыакка 90-с сылларга кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлээбит суруйааччы, бэйиэт Ольга Корякина-Умсуура ыҥырыллан бааллар. Таатта улууһун дьоно-сэргэтэ улуу убайдарын курдук, саха омук туһугар, ийэ тыл дьылҕатыгар улахан эппиэттээхтэрин эттилэр, сахалыы ыраастык саҥарарга холобур буолуохтаахтарын чопчулаан бэлиэтээтилэр. Бу түгэҥҥэ дьиҥ сахалыы тыыннаах, саха тылын туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллар дьонноох-сэргэлээх улуус баарын тухары саха омуга кэскиллээх диэн үөрэ санаатым. Уонна,
Мин кэрэ дойдукам –
Улуу дьол уйата,
Мин туйгун норуотум –
Айар күүс кыһата… – диэн Былатыан Ойуунускай тылларын холобур аҕалан ахтан, санаан ааһыахпын баҕардым.

Ахсыс тохтобул. Мандар Уус сүрүн соруга

Пресс-тур бырагырааматыгар саха омук духуобунай лидерэ Борис Неустроев-Мандар Ууһу кытта көрсүһүү киирбитин көрөөт, тута үөрэ түспүтүм. Айылҕаттан айдарыылаах, дэгиттэр талааннаах уус, бөлүһүөк Борис Федоровичтыын көрсөр, кини тылын-өһүн истэр, кэрэ кэпсээнин сэргиир бэйэтэ дьол буоллаҕа. Иккис күммүтүгэр улуус кииниттэн 60 км арҕаа сытар Баайаҕа нэһилиэгэр айаммытын туттубут.
Манна биһигини саха балаҕаныгар Мандар Уус түмэлин салайааччыта, биллэр тимир ууһа Николай Егоров-Баайаҕыын көрүстэ. Саха дьонун сомоҕолообут, былыргы ньыманан туостан тигиллибит Моҕол ураһаны тымныы буолан кыайан көрбөтүбүт. Онон аны сайын хайаан да кэлэр эбиппин диэн быһаардым. Саха олоҕун кэпсиир кэлим түмэлгэ «Моҕол ураһа», «Саха ууһун мусуойа» уонна «Саха балаҕана» диэн үс сүрүн тутууну сэргэ инникитин «Боотурдар аллеялара», «Уус тэлгэһэтэ» курдук улахан тутуулар былааннаналлар.
Саха сирин тимир уустарын уонна норуот маастардарын үлэлэрин үйэтитэр түмэлгэ былыргы сахалар бултуур, бэйэни көмүскэнэр уонна тимир уустарын туттар тэриллэрэ, туос маастардарын сэдэх үлэлэрэ, Мандар Уус төрүччүтэ, Баайаҕаттан төрүттээх норуот музыкальнай ускуустубатыгар ураты суолу-ииһи хаалларбыт саха төрүт муусукатын тилиннэрээччи, биһилэхтээх хомус ааптара Александр Чахов, саха тыйаатырын аатырбыт артыыһа, режиссер Ирина Максимова, сахалартан бастакы балет артыыһа Иннокентий Христофоров, саха музыкальнай инструменнарын оҥорооччу Гаврил Неустроев, саха народнай артыыстара Клавдия, Герман Хатылаевтар туттубут, оҥорбут инструменнара, тус маллара-саллара көрдөрүүгэ турбуттар. Маны барытын биһиэхэ биллэр литература кириитигэ Ольга Макарова наһаа үчүгэйдик киһи болҕомтотун тардар гына иҥэн-тоҥон, уустаан-ураннаан кэпсээн биэрдэ.

«Кыра оҕолор суругу аахпаттар, кинигэ ойуутун ордороллор. Билигин биһиги оҕолорбут наһаа хойутаан тылланар буоллулар. Үстэрин ааһан баран, биэстэригэр тиийэн биирдэ саҥараллар. Дьэ, бу аата тугуй? Бу аныгы оҕо дэгэтэ буолла. Биһиги олоҥхолоох омуктар, ол аата саамай тыллаахтар тыллаахтара эрээрибит тылбыт мөлтүүр турукка киирдэ. Онон мин оҕолорбор үчүгэйдик саҥардыннар диэммин, 114 ойууну хайаан даҕаны бэлэх оҥоробун. Оҕо төрөөтөҕүнэ киниэхэ анаан бу кинигэни хоонньоһуннары оронугар, таҥаһын анныгар уган кэбистэххэ, оҕо түргэнник тылланыахтаах. Онон оҕолорбутун эрдэ төрөөбүт тылларынан саҥаралларыгар бары көмөлөөн туруулаһыаҕыҥ. Биһиги бары туруннахпытына эрэ, омук быһыытынан тыыннаах хаалыахпыт. Дьэ, онон кытаатыҥ. Бу ыҥырыыбын адьас күүскэ өйөөҥ, — диэн Мандар Уус көрдөстө, барбытын ыҥырда.

Кэпсэтии түмүгэр олох ханнык да түгэнигэр мичээрдээн бар дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтээн, тулаҕытыгар сырдыгы сыдьаайыҥ диэн этиитин алгыс курдук сүрэхпитигэр чугастык ылынныбыт, үөрэн мичилиһэ түстүбүт. Ити курдук санаалыын сырдаан, дууһалыын чэпчээн көтө-дайа сылдьар турукка киирэн, Дьокуускайга кэлбиппин билбэккэ да хааллым.

Вера ИВАНОВА

Ааптар түһэриилэрэ, сорох хаартыскалары «Таатта» хаһыат Тг сыһыарыытыттан туһанныбыт.