Таатта улууһун үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ инники кэскилин туһугар сайдыы суолугар үктэнэр

Олунньу 3 күнүгэр Таатта улууһун эдэр кэскиллээх уһуйааччылара, учууталлара истиҥ, сэргэх  тэрээһиҥҥэ  муһуннулар. Ол курдук, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ «Педагог Будущего полколения» диэн ис хоһоонноох коммунарскай сборга  бары түмсэн , билиилэрин үллэстэн, алтыһан,  кэлэр кэнчээри ыччакка аналлаах хамсааһыннарын кэпсэтистилэр.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Манна бэйэлэрин бырайыактарын көмүскээн,  хамаандаҕа арахсан, оонньоон, күрэхтэһэн, биир санааларын түмэн, оҕо саас абылаҥар уйдаран, санааларын истиһэн, бу саҥа үүммүт сылга биир хамаанда буолан күүстээхтик үлэлэһэргэ бэлэмнээх тарҕастылар.

 

 

 

 

 

 

 

 

Бу хамсааһын сыала-соруга бу буолаары турар «Муус Устар — 2024» улахан хабааннаах бэстибээлгэ «Педагог будущего поколения» күрэххэ Таатта улууһун көмүскүүр хамаандата талылынна. Онон эдэр көлүөнэ уһуйааччыларыгар, учууталларыгар  кыайыы өрөгөйүн баҕарыаҕыҥ!