Улуус киинигэр нэһилиэнньэ ортотугар үгүс кыһалҕаны үөскэтэр бэйдиэ сылдьар ыттары тутар пуун аһыллан, ситимнээх үлэ ыытыллар. Бэтэринээринэй сулууспа старшай Судаарыстыбаннай инспектора Алексей Алексеевич Постников олохтоох «Тааттыныскай нэһилиэк» МТ дьаһалтатын уонна анал тэрилтэлэри кытары ыкса ситимнээхтик үлэлэһэн, рейдэлэр тиһиктээхтик тэриллэн, хонтуруоллуур үлэ ыытыллар.
Рейдэ кэмигэр анал хамыыһыйа бэйдиэ сылдьар ыты тутар түгэнигэр, ыт быстах кэмҥэ тутар сиргэ ананар. Нэһилиэнньэҕэ бэйдиэ сылдьар ыт кутталы үөскэппэтин туһугар ииримтийии утары быһыы туруоруллар, чиптэнэр, стерилизацияланар, ону тэҥэ «Все Звери» (АСУ ЖБВ) систиэмэҕэ киллэриллэн, күүстээх хонтуруолга ылыллар.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэйдиэ сылдьар ыттары кытары үлэҕэ Таатта улууһа «Все Звери» систиэмэни толору баһылаан, үчүгэй көрдөрүүлээх улуус ахсааныгар киирэр.
Нэһилиэк дьаһалтатын, тустаах тэрилтэлэри кытары ситимнээх үлэ ыытан, оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга дьиэ кыылларын иитии быраабылаларын билиһиннэрэллэр, нэһилиэнньэ ортотугар түөлбэлэринэн өйдөтөр үлэни ыытан, дьиэ кыылларыгар эппиэтинэстээх сыһыаны тэнитэргэ сүбэ мунньахтары тэрийэллэр, памяткалары түҥэтэллэр.
Мария Павлова.