Тааттаҕа Оҕо саас сылынан бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи  уруһуй күрэһэ ыытылынна

В.И.Ленин аатынан Уолба  орто оскуолатын иһинэн дириэктэр А.В. Аржаков,  старшай иитээччи М.И. Неустроева көҕүлээһиннэринэн уонна тэрийиилэринэн тохсунньу 20-тэн олунньу 6 күнүгэр диэри ураты ньыманан уруһуй өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһэ ыытылынна. Куонкурус  Саха  сиригэр 2024  сыл “Оҕо саас сылыгар” ананна.

Куонкурус сүрүн сыалынан оҕолору үөрэтэр-сайыннарар, өйүүр, саҥа талааннары арыйар соруктаах тэрилиннэ. Ураты ньыманан уруһуйдааһын үгүс уратылаах, ыарахан, элбэх толкуйу, кырааска өҥүн дьүөрэлээһини, араас туттар малы туһанан уруһуйдааһыны эрэйэр. Ол  да буоллар өрөспүүбүлүкэ 8 улууһуттан 90 бииртэн-биир кэрэ, ураты үлэлэр киирдилэр.

Дьүүллүүр сүбэҕэ баай үөрүйэхтээх анал үөрэхтээх педагогтартан уруһуй уонна черчение учуутала Тамара  Софроновна Афанасьева, эбии үөрэхтээһин педагога Дария  Иннокентьевна Винокурова, уһуйааҥҥа уруһуй  куруһуогун  салайааччыта Алек  Алексеевич Кириллин үлэлээтилэр.

4 СААСТААХТАР ОРТОЛОРУГАР УОПСАЙА 30 УРУҺУЙ КИИРБИТИТТЭН:

Беляева Ева (Уолба, «Кэнчээри» уһуйаан) — ГРАН – ПРИ хаһаайкатынан буолла.

Макарова Генриетта (Чурапча,Чакыр с., “Чуораанчык”) — 1 миэстэ.

Тистяхова Милана (Ытык Күөл с., “Сулусчаан”) — 1 миэстэ.

Афанасьева Арчылаана — Куо (Кэбээйи, Мастаах с. “Чуораанчык”) — 2 миэстэ.

Рахлеев Арчын (Уолба с.,”Кэнчээри”) — 2 миэстэ.

Блахиров Мичил (Чымнаайы с.) — 3 миэстэ.

Голиков Арсен (Ытык Күөл с., “Сулусчаан”) — 3 миэстэ.

Иванов Сандал (Баайаҕа с., “Ньургуһун”) — “За оригинальность”, Федоров Миша (Чурапчы, Бахсы с.) — “Творческое вдохновение” анал ааттары ыллылар.

Макарова Генриетта (Чурапчы,Чакыр с.) — 1 миэстэ

Тистяхова Милана (Ытык Күөл с., «Сулусчаан») — 1 миэстэ.

Блахиров Мичил (Таатта, Чымнаайы с.) — 3 миэстэ.

5 СААСТААХТАРГА 21 ҮЛЭ КИИРБИТИТТЭН:

Рахлеев Дьулус (Уолба с., «Кэнчээри») — ГРАН – ПРИ буолла.

Пестрякова Кэрэли (Ытык Күөл с., “Сулусчаан”) — 1 миэстэ.

Семенова Сайаана (Кэбээйи, Чагда с., “Кэнчээри”) — 1 миэстэ.

Рахлеева Василина (Уолба с., “Кэнчээри”) — 2 миэстэ.

Никифорова Валерия (Горнай, Бэрдьигэстээх с., “Кырачаан ымыылар”) — 2 миэстэ.

Дегесов Виктор (Чурапчы, Чакыр с., “Чуораанчык”) — 3 миэстэ.

Кусатов Эркин (Уолба с., “Кэнчээри”) — 3 миэстэ.

Чохова Айза (Ытык Күөл с., “Туйаара”) — “За оригинальность”, Семенова Корнелия (Уус Алдан, “Хомусчаан”) — “ Творческое вдохновение” анал ааттары сүктүлэр.

Дегесов Виктор (Чурапчы, Чакыр с.) — 3 миэстэ.

                                                  6 СААСТААХТАРГА 39 ҮЛЭТТЭН:

Жиркова Инесса (Майа, “Кэнчээри”) — ГРАН – ПРИ ылла.

Барбасытова Сайаана (Тыараһа с., “Сардаана”) 1 миэстэ.

Кривошапкина Карина (Чымнаайы с.) 1 миэстэ.

Барабанская Уйгууна ( Уус Алдан, Өнөр ОО) — 2 миэстэ.

Данилов Айтал (Чурапчы, “Улыбка”) — 2 миэстэ.

Владимирова Лилия (Чөркөөх с., “Аленушка”) — 3 миэстэ.

Христофорова Иванна  (Ытык Күөл с., “Күн туллуктара”) — 3 миэстэ.

Охлопкова  Эмилия (Нам, Салбан с.) — “За оригинальность”, Бубякина Настя (Нам, ”Туллукчаан”) — “ Творческое вдохновение” анал ааттары туттулар.

Кривошапкина Карина (Таатта, Чымнаайы с.) — 3 миэстэ.

Кыттыбыт  уһуйааннарга, салайааччыларга истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри.

М.И. Неустроева сүрүн  иитээччи,

А.А. Кириллин эбии үөрэхтээһин педагога.

Читайте дальше