Тиһэх чуораан чугдаарда!

Бүгүн Н.Е.Мординов Амма-Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэх холбоһугар «Тиһэх чуораан» чугдаарда. Оскуолаҕа эрдэттэн долгуйбут выпускниктар, төрөппүттэр, тэрилтэ салайааччылара муһуннулар. Үгэс курдук 4 кылаастары чиэстээһининэн үөрүүлээх тэрээһин саҕаланна. Кинилэри эдэр кэскиллээх учуутал Кристина Игнатьевна Старостина үөрэтэн 5 кылааска атаарда. Онтон бастакы судаарыстыба тургутугун туттарар тохсустары чиэстээтибит. «Движение первых» өрөспүүбүлүкэтээҕи салалтатыттан тохсус кылаас бастыҥ үөрэнээччитэ, көхтөөх общественнига Миша Спиридонов Бочуотунай Грамотатын тутта. Итини тэҥинэн, иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Варианна Васильевна Макарова эмиэ ити тэрилтэ Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаланна.
Быйыл оскуоланы бүтэрэр оҕолорбутун үөрэппит учууталлара сиэтэн сценаҕа киллэрдилэр. Үс бастыҥ үөрэнээччилэрбит Милена Егорова, Аман Федоров, Ария Трофимова улуус баһылыга А.С. Бурцев Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаланар чиэскэ тигистилэр. Ил Түмэн депутата П.Д.Рахлеев выпускниктарга кэс тылын тиэртэ уонна салайар ААО «Төлөн» тэрилтэ аатыттан «Эҕэрдэ суругу» кытта биэстии тыһыынча харчынан өйөбүлү туттарда. Кылаассалайааччыта историк Амгира Даниловна Соломонова бастакы выпустарын олус долгутуулаахтык эҕэрдэлээтэ. Төрөппүттэр о ҕолоругар истиҥ-иһирэх эҕэрдэлэрин эттилэр, баҕа санаа бастыҥа суруллубут «Чуораанчык» альбомнарын бэлэх ууннулар. Үөрэппит учууталларыгар дириҥ ис хоһоонноох махталларын тиэртилэр. Бүгүҥҥү тэрээһин күндү ыалдьыттарынан биһиги оскуолабытын үйэ аҥаарын анаараа өттүгэр бүтэрбит выпускниктарбыт П.К.Богдокумова, М.С.Неустроева, А.П.Ерилова буоллулар. Кинилэр оскуоланы бүтэрээччилэргэ эҕэрдэлэрин тиэртилэр уонна үөрэммит оскуолаларыгар альбом, бэлэх туттардылар. Бу үрдүк үөрүүлээх күннэринэн холбоһук дириэктэрэ А.В.Мосоркина эҕэрдэлээтэ, сэмэй өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда.


Быйыл бүтэрээччилэр ырыаларынан вальстарынан, чуорааны лыҥкыначчы тыаһатыыларынан үөрүүлээх тэрээһин түмүктэннэ. Салгыы алгыстаах оһуохай оҕолорбутугар ситиһиини, олохторугар сөптөөх суолу талалларыгар эркээйини түстээтэ.

Валентина Кривошапкина.