Туора Күөлгэ саҥа оҕо саада аһылынна

Дойду үрдүнэн тыа сирин кэлимник сайыннарыыга туһаайыллыбыт бырагыраамалар көдьүүстээхтик үлэлииллэр. Биэс сыл иһигэр национальнай бырайыагынан өрөспүүбүлүкэҕэ 144 эбийиэк, ол иһигэр 37 оскуола, 24 оҕо саада, 60 мэдиссиинэ уонна спортивнай эбийиэк тутулунна. «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагырааманан 30 тыһ. олохтоох нэһилиэнньэ уопсайа 555 кв. миэтэрэ иэннээх элбэх квартиралаах саҥа дьиэҕэ киирдэ.

Кулун тутар 12 күнүгэр Саха сирин үрдүнэн видеонан сибээс нөҥүө Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев кыттыылаах 12 социальнай суолталаах эбийиэк уонна нэһилиэнньэ олорор усулуобуйатын тупсарыыга туһуламмыт саҥа тутуулар үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыннылар.

Ол иһигэр Таатта улууһун Туора Күөлүгэр олохтоохтор өр кэмҥэ эрэнэ күүппүт 50 миэстэлээх, толору хааччыллыылаах «Кэскил» оҕо саада үлэҕэ киирдэ. Бу үөрүүлээх түгэн нэһилиэк олохтоохторугар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылын күндү бэлэҕинэн буолла.

Оҕо саадын үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ Үөрэҕирии уонна билим миниистирин солбуйааччы Иннокентий Афанасьев, «Таатта улууһа» МО баһылыга Айаал Бурцев, улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнига Иннокентий Дягилев кыттыыны ылан, олохтоохтор үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Нэһилиэк инники кэскилин түстүүр оҕо тэрилтэтэ «Саха өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэҕириини сайыннарыы» инвестиционнай бырагырааманан тутулунна. «Кэскил» оҕо саадын уопуттаах тутааччы А.М. Ханин салайааччылаах «Монтажник» ПК олоххо киллэрдэ. Саҥа оҕо тэрилтэтэ үүнэр кэнчээрилэргэ бары усулуобуйаны тэрийэн, икки бөлөххө анаммыт анал хоһу таһынан, мэдиссиинэ кабинетынан, спортивнай-эрчиллэр сааланан, оҕолору сылаас аһынан маанылыыр аныгы оборудованиелаах куухунанан, таҥас сууйар хоһунан толору хааччыллан, олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох.

Билиҥҥи кэмҥэ «Үөрэҕирии» национальнай бырайыагынан тыа сиригэр куорат кииниттэн уратыта суох усулуобуйа тэриллэр. Дойду Президенэ В.В. Путин социальнай суолталаах эбийиэктэргэ улахан болҕомто уурулларын туһунан: «В целом на капитальный ремонт детских садов и школ выделим дополнительно более 400 миллиардов рублей», — диэн норуокка туһаайыытыгар бэлиэтээн турар. Ол курдук сылаас эркиннээх, киэҥ-куоҥ оҕо тэрилтэтэ кырачааннары сайдыы суолугар сирдииригэр, үтүө дьон буола үүннэрэригэр бары усулуобуйа тэрилиннэ.

Саҥа тутуу – сайдыы төрдүнэн буоларын курдук социальнай суолталаах тутуу үксүү, кэлэр кэскилбит кэҥии турдун!

Нэһилиэк олохтоохторо үөрүүлэрин үллэстэллэр:

И.Н. Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолатын дириэктэрэ Оксана Гуляева: «Модун Арассыыйабыт инникитин сайдыы үрдүк чыпчаалыгар тиийдин».

— Кэнчээри ыччаппыт тупсаҕай тутуулаах эргиччи сайдар усулуобуйаҕа үүнэллэригэр-сайдалларыгар Дойдубут Президенэ Владимир Владимирович Путин уонна СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев үөрэхтээһин политикатыгар үлэлэтэр программалара олук буолаллар, ону биһиги нэһилиэк олохтоохторо дьиҥ-чахчы биллибит, саҥа таас оскуолаланан, уһуйааннанан дьоллоннубут. Бу сүдү тутуулар баралларыгар Арассыыйа хайа да муннугар олорор оҕоҕо сөптөөх усулуобуйа тэриллэр.

И.Н. Гуляев аатынан Туора Күөллээҕи «Кэскил» оҕо саадыгар эбии дьарык салайааччыта Варвара Максимова: «Өр сыл кэтэспит, ыра санаа оҥостубут, күүтүүлээх, кэтэһиилээх саҥа уһуйааммытыгар киирэн үөрүүбүт үксээтэ».

 — Дьүлэй нэһилиэгэр өр сылларга ыра санаа оҥостубут, күүтүүлээх, кэтэһиилээх, үбүлүөйдээх 65 сылбытын көрсө саҥа уһуйааммытыгар  киирдибит. Иитиллээччилэрбит, үлэһиттэр сып-сылаас, сып-сырдык оҕо саадыгар киирэммит үөрүүбүт муҥура суох. 50 миэстэлээх, икки группалаах, туспа музыкальнай-физкультурнай саалалаах, сылаас муосталаах, аныгы оборудованиенан хааччыллыыбыт пищеблоктаах, прачечнайдаах аныгы олоххо толору эппиэттиир  дьиэҕэ үлэлиир дьоллоох дьоммут диэн астынабыт. Кэлэр кэнчээри ыччаппытын, кырачаан дьоммутун оскуолаҕа толору бэлэмнээх иитэн таһаарарга бары усулуобуйа тэриллибитинэн уһуйааммыт тутуллуутугар сүүрбүт-көппүт, күүс-көмө буолбут бар дьоммутугар, чуолаан, «Монтажник» ПК салайааччыларыгар Александр Михайлович, Александр Александрович Ханиннарга, бу тэрилтэ бука бары үлэһиттэригэр муҥура суох махталбытын тиэрдэбит. Үтүө дьыалалара бэйэлэригэр толору дьолунан, чэгиэн доруобуйанан эргийиэхтин диэн баҕа санаабытын ыытабыт.

Төрөппүт, икки оҕо ийэтэ Вероника Васильева: «Саҥа таас оҕо саада барыбыт үөрүүтэ».

— Туора Күөл нэһилиэгин күтүөтэ А.М. Ханин санаатын ууран туран, тупсаҕай оҥоһуулаах оҕо саадын тутта. Оҕо саада кырачааннарбыт сайдалларыгар олус табыгастаах усулуобуанан хааччылынна. «Дьүлэй нэһилиэгэ» МТ баһылыга Олег Осипов эрдэттэн күүстээх үлэни ыытан, сүүрэн-көтөн, туруорсан, олохтоохтор махталбыт улахан. Тыа да сиригэр аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир, сылаас оҕо саада үлэҕэ киирэн, үүнэр көлүөнэни сайыннарар усулуобуйа тэриллэрэ астыннарар. Биһиги нэһилиэкпитигэр уон сыл иһигэр ичигэс эркиннээх оҕо саадыгар уонна сылаас таас оскуолаҕа оҕолорбут үөрэнэллэриттэн олус үөрэбит. Тутааччыбытыгар, баһылыкпытыгар, нэһилиэкпит олохтоохторугар, оҕо саадын үлэһиттэригэр, төрөппүттэргэ, оҕолорбутугар, эҕэрдэ истиҥин, баҕа санаа бастыҥын аныыыбыт.

Мария Павлова.

Читайте дальше