Сэтинньи 23 күнүгэр Тыараһа нэһилиэгэр “Алгыс” норуот айымньытын дьиэтигэр республикаҕа ыытыллар Олоҥхо декадатын чэчитинэн “Олоҥхо дьоро киэһэтэ” ыытылынна. Сонно тута алаадьы буһаран сырылатан, сыалаах эти иһиттэргэ толору хоторон, сытыы быһаҕынан “сыр” гына быһан ыла-ыла айах хамсатан, үүттээх чээй иһэ-иһэ олоҥхо истиитэ буолла.
“Кылыһах” народнай ансаамбыл олоҥхоһуттарын бөлөҕө (салайааччы Г.И.Полускина) П.Ойуунускай суруйан хаалларбыт “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо сүрүн сүнньүн билиһиннэрэн баран, бэһис ырыатыттан быһа тардан, сүрүн оруоллар ырыаларын толорон иһитиннэрдилэр. Ону сэргэ кыраайы үөрэтээччи, алгысчыт Сергей Федорович Кладкин Тыараһа олоҥхоһута Семен Собакин – Сэмэтээй “Оҕо Ньургун” олоҥхотуттан быһа тардан иһитиннэрдэ.
Олохтоох библиотека үлэһитэ Мотрена Дмитриевна Слепцова олоҥхоҕо сыһыаннаах викторина ыытан көрөөччүлэр билиилэрин тургутан көрдө. Түмүккэ Евдокия Хангаласова, Людмила Турнина сахалыы остуол оонньууларыгар – хабылыкка, хаамыскаҕа маастар-кылаас көрдөрөн, кэлбит дьону тута оонньоттулар. Көрөөччүлэр олоҥхо ураты тыыныгар ыксалаһан, ырыатын-тойугун истэн, сэргэхсийэн тарҕастылар.
Галина ПОЛУСКИНА