Кутуйах хаамыытынан кыһыҥҥы күммүт уһаан иһэр. Таатта улууһа томороон тымныытынан биллэр. Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейыгар икки сыллааҕыта норуот иистэнньэҥэ, Дьүлэй олохтооҕо Изабелла Элякова тикпит айанньыт комплегын таҥаһын бэлэх ууммута. Билигин бу кыһыҥҥы таҥас «Якутия форпост России на
Дальнем Востоке» экспозицияҕа сүрүн көрдөрүүгэ турар. Хабараан тымныыга, сындааһыннаах айаҥҥа кэппит айанньыт таҥаһын саҥа үйэ дьонугар тигэн көрдөрөн, билигин экспозиция биир тутаах экспоната буолар.
Таатта улууһа кыһынын олус тымныы, бэл өймөкөөннөрү кытары тымныынан эриэ дэхси бырахсабыт. Быйыл тохсунньу ыйга 50-тан тахса тымныы ый устата турда. Онон айанньыт таҥаһа кыһыҥҥы тымныы оройугар хайдах эбитий диэн кэтэн, хааман көрөн кэпсииргэ соруннубут.
Чөркөөх музейа 12 га сиргэ тайаан сытар. Музейы кыһынын кырата 2 чаас көрөҕүн, сайын күнү быһа да сылдьыахтарын сөп дииллэр өр сылларга үлэлээбит коллегалар. Тастан көрдөххө, айанньыт таҥаһа тос курдук ыйааһыннаах. Эксперимент буолар күнүгэр, ол аата тохсунньу 20 күнүгэр Чөркөөххө -53 кыраадыс тымныы этэ. Музей үлэһитин Надежда Гоголеваны кытары кэпсэтэн, кэтэрдэн музей устун хаамтардым. Кини үрдүгэ 164 см,
ыйааһына 70 киилэ. Айанньыт таҥаһа хоп курдук олордо.
Сотрудник Марианна Барахова көмөтүнэн айанньыт таҥаһын наардаан кэтэттибит. Эрдэттэн Марианна Егоровнаны эксперт курдук ыҥыран, кини сүбэтинэн таҥас талылынна. Ол курдук, сиэгэн тириититтэн тигиллибит чомпой бэргэһэ, бөрө тириититтэн сагынньах, күөмэйин хаххалаан уһун түүлээхтэн тигиллибит моойторук уонна мурун томмотун диэн чараас түүлээхтэн кырынаастан тигиллибит мурун хаххатын кэтэттибит. Марианна Егоровна салгыы бу курдук быһаарар: кыһын саха киһитэ чараас тирии ыстаан таһынан сутуруо кэтэр. Надеждаҕа таба тириититтэн тигиллибит сутуруону кэтэттибит. Таба тириитэ сылаас уонна ыйааһына чэпчэки буолар. Атахтарыгар таба тыһыттан тигиллибит эбэтэр тайах тыһыттан тигиллибит этэрбэс тигээччилэр. Бу этэрбэс сотото үөһэ
билэтэ сукуна, уһун буолар уонна билэтэ иһирдьэ сутуруо иһигэр киирэн тобук томмотун хааччыйар. Бу этэрбэс иһигэр уллуҥа баар. Уллуҥ эһэ тириититтэн оҥоһуллубут. Ону таһынан этэрбэс иһинэн кэтэр кээнчэлээх. Кээнчэ таба тириититтэн тигиллибит, түүтэ иһирдьэ буолар. Маны сэргэ ыт тириититтэн тигиллибит үтүлүк. Сон уонна үтүлүк икки ардыгар бэгэччэк томмотун диэн бэлэпчини эбии кэтэрдиэххэ”, — диэн орун оннугар таҥас-
сап кэтирдилиннэ.
Айанньыт таҥаһын кэтэн эксперимент кыттыылааҕа Надежда музей устун хаамта. Ол түмүгүнэн маннык бэлиэтээһиннэри оҥордо: — Бастаан бу таҥастары көрөн баран төһө эрэ ыйааһыннаах дии санаабытым. Онтон хааман истэххэ, олус чэпчэки тыыннаах. Сылааһы олус үчүгэйдик тутар эбит. Бэл тириттим. Киһи тиритиэр, көлөһүнэ тахсыар дылы сылааһы биэрэр. Этэрбэс уллуҥа суох. Ол иһин бастаан кэтэн баран тоҥууһукпун дуу диэн
саараабытым. Онтон хаарга тахсан хаампыппар, олох даҕаны сылааһынан угуттуур эбит.
Моойторук туспа кэпсээн, олус ичигэһинэн хаарыйар. Сутуруо сып сылаас, тобукка ордук туһалаах эбит. Онон эр дьоммут булка, ыраах айаҥҥа сылдьалларыгар бу таҥас-сап ыйааһынынан даҕаны, ичигэһинэн даҕаны табыгастаах эбит”.
Ити курдук, музей биир кыһыҥҥы күнүгэр сахалар ыраах айаҥҥа кэтэр таҥастарын кэтэрдэн, хааман-сиимэн көрдүбүт. Тимир ууһа, ойууһут Б.Ф.Неустроев- Мандар уус эппит: “Саха мындыр дьахтарыгар уруй-айхал”,
— диэн тыллара иһиллэллэр. Кырдьык да саха дьахтара барахсан тирииттэн таҥас оҥорон, сылгы сиэлиттэн сап хатан, көмүлүөк иннигэр устар кыһын иистэнэн дьонун-сэргэтин таҥастаан, тымныыттан харыстаан олорон кэллэҕэ!
Светлана Халгаева.
Хаартыскаҕа: Айанньыт таҥаһа – аһаҕас халлаан анныгар турар Чөркөөх музейын устун.
Таҥаһы кэтэн көрдөрдө Надежда Гоголева.