Тыын кыһалҕа: «Халыма» бэдэрээлинэй трассаны тупсарыы

Кэлиҥҥи кэмҥэ Таатта улууһунан ааһар «Халыма» бэдэрээлинэй трассанан ыарахан таһаҕаһы таһар массыыналар суолу алдьаталлара элбээтэ.

Ол Нежданинскайдааҕы, Улахан Мэнкэчэ үрэххэ бырамыысыланнас комбинаттара аһыллан, Томпо, Өймөкөөн улуустарыгар көмүс хостуур бириискэ элбээн, онно үлэлиир улахан тиэхиньикэлэр кыахтара улаатыыларыттан быһаччы тутулуктаах. Бу тэрилтэлэргэ Аллараа Бэстээхтэн тохтоло суох дизтопливо, комбинаттар хостообут рудаларын Аллараа Бэстээххэ, Алдан куоракка ыарахан уйуктаах массыыналар таһаллара күн-түүн элбээн иһэр. Биһиги «Тааттаавтодор» АУо тэрилтэбит «Халыма» суолугар Аллараа Бэстээхтэн 190 км -365 км диэри уопсайа 175.2 км усталаах учаастак суолу көрөр. Мантан 124.2 км уһуннаах суол бириэмэтигэр өрөмүөннэммэтэҕэ, онтон 50км суол өрөмүөннэммит суол ахсааныгар киирэр. Бу биһиги көрөр-истэр суолбутунан ааҕан көрүү түмүгүнэн сууккаҕа тыһыынчаттан тахса массыына кэлэн ааһар буолла. Онтон 800-тэн тахсата легковой массыына буоллаҕына, 200-тэн тахса ыарахан ыйааһыннаах, полуприцептээх, онуоха эбии карьерга үлэлиир 40 туонналаах таһаҕаһы тиэйэр омук массыыналара буолаллар. Ол эбэтэр сууккаҕа биһиги суолбутунан 8-9 тыһ. туонна таһаҕас кэлэн ааһар. Онуоха биһиги суолбут уйуга сэбиэскэй кэмҥэ 30-40 туоннаҕа ананан оҥоһуллубут суол буолар. Билиҥҥи кэминээҕи 40 туонналаах омук самосвал массыыналарын ыйааһыннара 25 туонна, ол үрдүгэр 40-тэн тахса туонна таһаҕаһы тиэйэллэр. Оччотугар, 20-25 туонналаах массыыналар суол уйугугар сөп түбэспэт таһаҕаһы илдьэллэр. Бу аҕыйах сыллааҕыта оҥоһуллубут асфальт бүрүөһүнэ кытта эмсэҕэлээн, буор, кумах бүрүөһүннээх суол туһунан этиллибэт даҕаны. Онуоха эбии биһиги суолбут төрүт өрөмүөннэммэккэ, көрүү-истии суотугар турбута ыраатта. Ол курдук суолбут сорох учаастактара 36-25 сыл өрөмүөн диэни билбэккэ турар буоланнар, уйуктара лаппа мөлтөөтө. Оччолорго Таатта–Чурапчы-Томпо оройуоннарын диэки суолу өрөмүөннээһин 8 сыл иһигэр ыытыллара, кэлин өрөмүөн үлэтэ 12 сылынан өрөмүөннэнэр диэн буолла. Ол эбэтэр суол учаастага ПГС бүрүөһүннээх өрөмүөннэннэҕинэ ити учаастакка 12 сыл устата өрөмүөн ыытыллыбатыгар, асфальт ууруллубатыгар тиийэр. Маны учуоттаан туран, эрдэтээҥҥи Чурапчы, Томпо улуустарын икки ардыгар асфальт суол 2025 сылга Таатта, Томпо улууһунан Алдан өрүскэ диэри 2030 сылга тиийэрэ былааннаммыта. Ити былаан олоххо киирбитэ буоллар биһиги улууспут суола үрдэтиллэн, асфальт тэлгэнэн хаалыахтаах этэ. Оччотугар билиҥҥи курдук суол алдьаныыта улахан кыһалҕаны үөскэтиэ суох этэ. Билигин биһиги суолбутунан күннэтэ такси өҥөтүнэн туһанааччылар, чааһынай легковой массыынанан 3000-4000 араас кыһалҕалаах дьон айанныыр. Бу дьон уйуга кыччаабыт суолу улахан кыамталаах тиэхиньикэлэр үлтү тэпсибиттэригэр туох да буруйдара суох. Суолу ыарахан уйуктаах массыыналар үнтү тэпсэн, батыллан, дьөлө хаһан, сырыыны бүөлүүллэрин түмүгэр айан дьоно хаайтаран, үгүс кыһалҕалары көрсөллөр. Дьон кыһалҕатын өйдөөн, улахан бырамыысыланнай тэрилтэлэр туһанар суолларын сир тоҥ бириэмэтигэр, халлаан тымныыта мүлүрүйбүт кэмигэр, олунньу-муус устар ыйдар ортолоругар диэри суолунан, сайынын Алдан өрүһүнэн Хаандыга нефтебазатыгар, Аллараа Бэстээххэ, Алданнааҕы тимир суолунан таһаҕаһы тиэйэллэрэ буоллар барыбытыгар табыгастаах буолуо этэ.

Суол оҥоруута элбэх үбү-харчыны эрэйэр хайысханан буоларын быһыытынан баар суолбутун харыстыаҕыҥ. Норуокка таптаан «сороконожка» диэн ааттанар карьерга туһаныллар самосвал массыыналар сир ириэнэх кэмигэр таһаҕас тиэйэллэрин тохтотуоҕуҥ. Таһаҕаһы тиэйиигэ сүрүннээн полуприцеп массыыналары туһаныаҕыҥ.

Хаартыска интернет ситимиттэн ылылынна.

Егор Егорович Харайданов, «Таттаавтодор» АУо главнай инженерэ.

Читайте дальше