А.И. Софронов — Алампа аатынан Ытык Күөл №1 орто оскуолатыгар «Педагог уонна Уһуйааччы» сылыгар үгүс үрдүк таһымнаах тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Сыл саҕаланыаҕыттан учуутал уонна уһуйааччы статуһун көтөҕөргө уонна кини үлэтин тупсарар сыаллаах наставник Сэбиэтэ тэриллэн, ситимнээх үлэ саҕаламмыта. Олунньу ыйыгар «Педагог уонна Уһуйааччы» сылын аһыллыыта Тааттыныскай нэһилиэгин «Сарыал» култуура киинигэр киэҥ далааһыннаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллыбыта. Учууталларбыт онтон кынаттанан, өссө таһаарыылаахтык үлэлииллэригэр сыал-сорук туруоруммуттара. Сырдык санаанан салайтаран, оҕону иитиигэүөрэтиигэ саҥалыы көрүүлэнэн, сонун хардыылары киллэрэн, үөрэхтээһин билиҥҥи ирдэбиллэригэр эппиэттиир эйгэни тэрийэн, сыл устата айымньылаахтык үлэлээтилэр.
Ол курдук, муус устар ыйтан саҕалаан, алын сүһүөх кылаас оҕолоругар «Мин учууталым» диэн уруһуй күрэһэ, орто уонна үрдүкү кылаас оҕолоругар «Мин олохпор учуутал оруола» диэн тиэмэҕэ өйтөн суруйуу ыытыллыбыта. Бу күрэстэргэ үгүс оҕо кыттыбыта. Кинилэр бэйэлэрин суруйууларыгар учууталы аҕа табаарыс быһыытынан истиҥ сыһыаннарын, кинилэргэ сүгүрүйэллэрин биллэрэн, аһаҕастык суруйбуттара. Дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн бириистээх миэстэлэр быһаарыллыбыттара, анал ааттар анаммыттара. Ону таһынан учууталлар үлэлэрин уопутун көрдөрөр быыстапка тэриллэн, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр туран, киэҥ сэҥээриини ылбыта.
Сэтинньигэ оскуола салалтатын, наставниктар Сэбиэттэрин тэрийиитинэн оскуолабытыгар өр сылларга айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан ааспыт бэтэрээн учууталларбытыгар аналлаах «Чаҕылхай суоллаах учууталлар» диэн бэрт сэргэх ахтыы киэһэтэ буолбута. Бу тэрээһин үс түһүмэҕинэн ыытыллыбыта: «Умнуллубат үтүө ааттар», «Уһуйааччы – аҕа сүбэһит», «Ааспыты анааран». Оскуола аһыллыаҕыттан араас кэрдиис кэмнэргэ дьулуурдаахтык, айымньылаахтык үлэлээн, эдэр көлүөнэ ыччаты үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн кылааттарын киллэрбит көмүс буукубанан суруллар учууталларбытын ахтан-санаан ааспыппыт. Методическай холбоһуктар салайааччылара бэйэлэрин уһуйааччы учууталларын үлэлэрин, олохторун суолун киэҥник сырдаппыттара. Бэтэрээн учууталларбыт сырдык сулустуу күлүмнээбит дьоһуннаах олохторо, чаҕылхай суоллара-иистэрэ, үтүө ааттара оскуолабыт «Албан аатын» хоһугар үйэтитиллэн, үйэ-саас тухары умнуллубакка, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ ааттана, ахтылла туруоҕа. Алын сүһүөх кылаас учууталларын тэрийиитинэн, олоҕун оскуолаҕа анаабыт СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Старшай учуутал, Учууталлар учууталлара, өр сылларга алын сүһүөх кылаастарга дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан үлэлээбит С.С. Бурцева сырдык кэриэһигэр анаан, улуустааҕы кыра кылаастар учууталларыгар аналлаах методическай күрэс, үлэ уопутун атастаһыы үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Ону таһынан Светлана Семеновна туһунан «Олоҕун оскуолаҕа анаабыта» диэн ахтыы кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. «Учуутал уонна Уһуйааччы» сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин тохсунньу 18 күнүгэр буолан ааста. Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы С.В. Сунхалыров, улуус депутааттарын мунньаҕын салайааччыта П.П. Максимов, Таатта улууһун үөрэх үлэһиттэрин профсоюһун председателэ П.В. Борисов буоллулар, бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Тэрээһин биир сонун көстүүтүнэн бэтэрээн учууталлар «Кыһыл көмүс» уруоктары ыыппыттара буолла. Оҕолорбут уруоктарга көхтөөхтүк кыттан, санааларын аһаҕастык этэн, бэтэрээн учууталларбытыгар махталларын биллэрдилэр. Өр сылларга оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ айымньылаахтык үлэлээбит учууталлар кылааттара үрдүктүк сыаналанан, өрөспүүбүлүкэ, улуус уонна нэһилиэк салалталарын грамоталарынан, анал бэлиэлэринэн наҕараадаланнылар. Ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ кэлбит педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ үлэлээн, айан-тутан ааспыт, умнуллубат эдэр саастарын санаан долгуйдулар, оскуолаҕа үлэлээбит далааһыннаах кэмнэрин, өйдөрүгэр-санааларыгар хатанан хаалбыт тыыннаах хартыыналара тиллэн кэлбиттэрин, астына-дуоһуйа ахтан-санаан аастылар. Сирэйдиин-харахтыын сырдаан, дууһалыын сынньанан, ааспыты анааран, урукку сылларын эргитэн ыллылар. Бэтэрээннэр ыыппыт уруоктарын хаартыскаларын оскуола медиа-киинэ тута бэчээттээн таһааран өйдөбүнньүк бэлэх быһыытынан туттарбыттара. Бэтэрээн учууталлар оскуола салалтатыгар, наставниктар сэбиэттэригэр, бары кыттыыны ылбыт учууталларга ис дууһаттан тэриллибит көрсүһүү буолла диэн махтал тылларын анаатылар, оскуолабыт өссө да үүнэ-сайда турдун диэн сырдык санаанан, үтүө алгыстарын тиэрдэн тарҕастылар.
Сыл устата Учууталга уонна Уһуйааччыга ананан ыытыллыбыт тэрээһиннэр учуутал аатын өрө тутан, үрдүк таһымнаахтык аастылар.
А.И. Софронов — Алампа аатынан Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуола учууталлара Т.В. Никифорова, М.Е. Павлова.