Таатта нэһилиэгэ
Таатта нэһилиэгэр Таатта улууһун Аҕа баһылыга А.С. Бурцев сыллааҕы отчуотугур уопсайа 303 нэһилиэк олохтооҕо көхтөөх кыттыыны ылла. Отчуоту Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов салайан ыытта.
Улуус баһылыга Айаал Бурцев үлэлиир бөлөх дэлэгээссийэтин билиһиннэрииттэн уонна быһа эпииргэ тахсан, үс ыйдааҕы үлэтин улуус олохтоохторун иннигэр билиһиннэрбититтэн, онно нэһилиэнньэттэн 42 ыйытыы киирбитин, уопсайа 13 нэһилиэккэ үлэ отчуота ааспытын сырдатыыттан саҕалаата.
Үлэлиир бөлөх дэлэгээссийэтиттэн улуус тыатын хаһаайыстыбатын салалтатын начальнига Гаврил Кычкин улууска ыытыллыбыт ыһыы үлэтин, от, үүт былаанын, тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһинин, куонкурустаргы кыттыыны иһитиннэрдэ.
Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин ыытыллыбыт улахан тэрээһиннэри, култуура эйгэтин ситиһиилэрин, үбүлүөйдээх бэлиэлэри билиһиннэрдэ. Бэдэрээлинэй үбүлээһининэн көрүллэр «Пушкин каартатын» көдьүүстээхтик туһанарга уонна 2025 с. ыытыллар XXII-с «Манчаары оонньууларын» киэҥ далааһыннаахтык ыытар тэрээһиннэргэ улуус дьонун-сэргэтин ыҥырда.
Доруобуйа харыстабылыттан Сардана Кононова нэһилиэнньэ уопсай туругун көрдөрөр статистиканы, каадырынан хааччыллыыны, балыыһа кэллэктиибин анал бырайыагын, саҥа эмтиир ньымалары сырдатта.
Нэһилиэнньэ олохтоохторуттан ыччаттарга уонна аҕам саастаахтарга сынньалаҥы тэрийии, ТКО үлэтин, нэһилиэк иһинээҕи оптуобус сырыытын, оройуоҥҥа судмедэксперт көрүллүүтүн, кардиолог быраас үлэлиир графигын, киин ититии ситимэ кэҥиирин, чааһынай ыалга ХВС киирэрин, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга саха уонна боруода ынаҕы дэлэтии, Дьиэ кэргэн сылынан көрүллэр бырагыраамманы, сырдатыы үлэтин курдук боппуруостар киирдилэр.
Олохтоохтортон киирбит этиилэр:
“Үрдэл» авто оскуола дириэктэрэ Анна Ефимова аныгы ирдэбилинэн авто оскуола массыынаны ыытар былаһааккатыгар аспаалын тупсаран оҥорууга бииргэ үлэлэһэргэ;
Тааттатааҕы лиссиэй дириэктэрэ Изабелла Сивцева аҕыйах ахсааннаах нэһилиэги эспэт сыалтан, 100 миэстэлээх лиссиэй интернатыгар атын улуус үөрэнээччилэрин олордон үөрэтэргэ;
Ф.С.Аргунов аатынан оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Дария Попова 2025 сылга ыытыллар «Манчаары оонньууларыгар» диэри муусука оскуолата киирэр туругун, инструменнары саҥардыыны;
Таатта улууһун үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ управлениетын салайааччыта Михаил Тарасов буолаары турар «Манчаары оонньууларын» үрдүк таһымҥа ыытарга юридическэй сирэйдээх фондаҕа үс ыйга биирдэ нэһилиэнньэ биэрэр биир күннээх көмө хамнаһы туттуллар сыалын ыйан туран, хомуйарга диэн кэккэ этиилэр киирдилэр.
Улуус баһылыга Айаал Бурцев киирбит ыйытыыларга дьону астынар гына иҥэн-тоҥон быһааран, хоруйдаата. Улууска ОДьКХ салайааччыта Василий Будикин Олимпийскай түөлбэҕэ механизированнай хочуол эһиил үлэҕэ киирэрэ былааҥҥа турарын. Таатта улууһун үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ управлениетын салайааччыта Михаил Тарасов универсальнай босуобуйа уонна бары көрүҥҥэ үлэлии турар бырагырааммалары сырдатта.
Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов нэһилиэккэ тупсаҕайдык олоруу сыла биллэриллибитинэн нэһилиэк олохтоохторо дьиэ уонна күрүө таһын көрүнэргэ, чааһынай ыаллар, тэрилтэ салайааччылара уулуссалары ырааһырдыыга үлэлэһэллэригэр ыҥырда.
Таатта нэһилиэгин олохтоохторо улуус баһылыгын отчуотун сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.
Елена Слепцова.